Александр Подголов кэпсэтиини саҕалыырыгар АБДь кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн дьаһаллара төһө да оҥоһулларын иннигэр быһаарыыны эрэйэр кыһалҕа суох буолбатаҕын бэлиэтээтэ.
– Байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо ураты болҕомто, кыһамньы эрэйиллэр. Биһиги кинилэр олоххо миэстэлэрин булалларыгар тирэх буолуохтаахпыт, онуоха дьарыктаах буолуу улахан оруоллаах. Бэрэсидьиэн Владимир Путин АБДь кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үлэнэн хааччыллалларыгар, саҥа идэни ылалларыгар биитэр бэйэ дьыалатын арыналларыгар көмөлөһөр соругу туруорар. Ол олоххо хайдах киллэриллэрин, туох мэһэйдэр баалларын, өссө тугу оҥоруохха сөбүн туһунан быһаарсаары бу мустан олоробут, – диэтэ.
Сокуоннарга тирэҕирэн
Бастакынан тылы ылбыт Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская үлэ ханнык сокуоннарга олоҕуран ыытылларын туһунан кэпсээтэ.
АБДь кыттыылаахтарын, байыаннай сулууспаттан босхоломмуттары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин, олохторун толук уурбут байыастар дьиэ кэргэттэрин үлэҕэ ылбыт тэрилтэлэргэ 2023 сылтан субсидия көрүллэр. Бу бырагыраама кэлэр сылтан «Каадырдар» национальнай бырайыак чэрчитинэн салҕанар. Ону таһынан, «Дьарыктаах буолуу туһунан» сокуон үлэнэн хааччыйыыга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ көмөнү оҥорууга АБДь кыттыылаахтарын чорботор туһунан 35-с ыстатыйата күүһүгэр киириэхтээх. «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн АБДь кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эбии үөрэхтээһинэн хабыллаллар.
Өрөспүүбүлүкэ сокуонун чэрчитинэн, АБДь кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйыыга кубуота олохтоммута. 2024 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, бу хайысханан 339 тэрилтэҕэ 619 киһи үлэҕэ ылылынна (олохтоммут кубуота 77,3 %-а).
Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ Үлэ уонна социальнай сайдыы, Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэлэрин кытары дуогабар түһэрсэн, АБДь кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психолог көмөтүн, исписэлиистэр сүбэлэрин тиһигин быспакка тэрийэр, үлэ дьаарбаҥкаларын ыытар. Бу үлэҕэ 2023 сыллаахха 645 киһи, 2024 сыллаахха 670 киһи хабыллыбытыттан, былырыын 38 киһи, быйыл 50 киһи үлэнэн хааччыллыбыт, куурустарга былырыын 52 киһи, быйыл 23 киһи үөрэммит, бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕарар 4 киһиэхэ көмө оҥоһуллубут. Үгүс байыастар суоппар, слесарь, оператор, харабыл, шаахта, баахта үлэтигэр киирбиттэр, эбии үөрэммиттэр, оттон кинилэр кэргэттэрэ медсиэстэрэ, иитээччи уо.д.а. идэтигэр үөрэммиттэр. Күн бүгүҥҥү туругунан, учуокка 43 киһи турар эбит. Үлэни атахтыыр кыһалҕа быһыытынан, дакылааччыт АБДь кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин туһунан биир кэлим чахчы суоҕа, сорохтор үлэни буларга кыһаллыбаттара буоларын ыйда.
Табыгастаах хайысха
Дьарыктаах, дохуоттаах буолуу биир көрүҥүнэн бэйэ дьыалатын арыйан, үлэни-хамнаһы тэринии буолар. Урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэрэхсэтиэн сөптөөх, бэрт табыгастаах хайысха баарын билиһиннэрдэ.
– «Арассыыйа Федерациятыгар дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыы туһунан» федеральнай сокуон чэрчитинэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа тэриммит биитэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын үлэнэн хааччыйбыт дьоҕус уонна орто урбаан эбийиэгэ «социальнай» диэн ыстаатыһы ылар, – диэтэ, оннук тэрилтэҕэ туох субсидия көрүллэрин, ханнык грант баарын итиэннэ Урбааны сайыннарыы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондатын чэрчитинэн бэриллэр чэпчэтиилээх сойуомнар, нолуок судургутутуллубут көрүҥнэрин тустарынан быһаарда.
Ыйытыылар уонна хоруйдар
Норуот дьокутааттара кэккэ ыйытыылары биэрэн, толору хоруйдары ыллылар. Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ улуустардааҕы салааларын киллэрэн туран, хас психологтааҕын сураспыттарыгар, баара-суоҕа аҕыс эрэ психолог баара этилиннэ. Ону доруобуйалара айгыраан, ис туруктара ыһыллан кэлбит дьону чөлүгэр түһэриитэ олус аҕыйаҕынан аахтылар, уопуттаах психологтары тардарга сүбэлээтилэр.
– Этэҥҥэ, чэгиэн кэлбит уолаттар бырамыысаланнай хампаанньаларга, араас тэрилтэлэргэ үлэҕэ ылыллаллара өйдөнөр, оттон доруобуйаларынан хааччахтаахтар, инбэлииттэр үлэнэн хааччыллыылара хайдаҕый? – диэн ыйытта Елена Голомарёва.
Онуоха инбэлиитинэн учуокка турар 69 (биир хараҕынан көрбөт, икки кэлээскэнэн сылдьар, 31 илиитэ-атаҕа эчэйбит) киһи баара этилиннэ. Кимиэхэ туох ирдэнэринэн көрөн, тустаах көмөҕө (эминэн-томунан, протеһынан, тиэхиньиичэскэй тэрилинэн хааччыйыыга, олорор дьиэҕэ пандуһу оҥорторууга уо.д.а.) үлэ ыытыллар. Бу 69 байыастан үлэлиир кыахтааҕа, ол эбэтэр үһүс группалааҕа 13 киһи, кинилэр эмиэ салгыы эмтэнэн, чөлүгэр түһэрии кууруһун бараллара эрэйиллэр эбит.
Элбэхпит, арааспыт, ол эрээри – тэҥмит
Тыл этиитэ көхтөөх буолла. Норуот дьокутаата Афанасий Постников чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытарга судаарыстыбаннай бырагыраама наада диэтэ. Ону ситэрэн дьокутааттар инбэлииттэр интэринээт-техникумнарын уларыта тутан, бааза оҥорорго эттилэр.
Тыа сирин ыччатын бырамыысаланнаска тардарга туһуламмыт «Навахту.рф» уопсастыбанай хамсааһын салайааччыта Петр Чехордун онлайн киэбинэн кыттан, саҥа киирэр «Каадырдар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, АБДь-тан кэлбит уолаттары бырамыысаланнай идэлэргэ үөрэттэрэргэ уонна үлэҕэ ыллартарарга өйөбүл тус-туһунан ыстатыйанан көрүллэрэ көдьүүстээҕин эттэ. Ыраах Өлөөнтөн эмиэ онлайн киэбинэн кыттыбыт Мария Христофорова байыаннай хомуурга барбыт табаһыттар ыстаадаларыгар салгыы үлэлии кэлэллэрин туһугар, табаһыт хамнаһын үрдэтэргэ туруоруста.
Саалаҕа олорор «Боотур», «Ахмат» уо.д.а. этэрээттэр байыастарын ааттарыттан Георгий Малышев дириҥ этиини оҥордо:
– Хомуурга түбэһэн уонна баҕа өттүнэн онно тыһыынчанан киһи сылдьар. Ол иһигэр, оскуоланы саҥа бүтэрбит ыччаттар бааллар. Кинилэр кэллэхтэринэ, эйэлээх олоххо, бэрээдэккэ тардар, идэ ылалларын, үлэ булалларын хааччыйар ирдэнэр. Ууну-уоту ортотунан сылдьыбыт киһи майгыта, олоххо көрүүтэ атын, бүрүкүрээт балакыытатын тулуйбат. Аны хаайыыттан тылланан барбыт үөрэҕэ, үлэтэ, идэтэ суох дьоннор эмиэ бааллар. Дьэ манна ураты сыһыан, ол-бу «коуч, тренд» диэбэккэ, судургу тылынан киһилии кэпсэтэр, дьэҥкэтик быһаарар эрэйиллэр. Биһиги элбэхпит, арааспыт, ол эрээри – бары тэҥмит. Арҕааттан эргиллэр доҕотторбутугар тирэх буолаары АБДь бэтэрээннэрин сэбиэтин кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэтин тэриннибит. Онуоха судаарыстыбаттан өйөбүл уонна юрист көмөтө наадалар.
Түмүккэ ылыллыбыт Быһаарыыга АБДь кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйыыга биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини күүһүрдэргэ, уопсастыбаннаһы түмэргэ, эбии үөрэхтээһини, психолог көмөтүн кэҥэтэргэ, хаачыстыбатын тупсарарга, АБДь кыттыылахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэҕэ бырааптарын араҥаччылааһыҥҥа туһуламмыт кэлим судаарыстыбаннай бырагыраама хайдах толорулларын хонтуруоллуурга этилиннэ. Дьиҥ дьыала киһитэ буолан, Александр Подголов: «Быһаарсарбыт элбэх», -- диэн төгүрүк остуол кэнниттэн тута АБДь бэтэрээннэрин кэбиниэтигэр илдьэ барда.
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ.
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0