Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, суоппар күнэ бэлиэтэнэр, онон ситимнээн 39 сыл суоппардаабыт Таатта улууһун биир чулуу киһитин, Еремей Мордовской туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт.

Бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, суоппар күнэ бэлиэтэнэр, онон ситимнээн 39 сыл суоппардаабыт Таатта улууһун биир чулуу киһитин, Еремей Мордовской туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт.

Еремей 1951 сыллаахха сэтинньи 18 күнүгэр Чычымахха 11 оҕолоох хорлкуостаах ыалга алтыс оҕонон, үһүс уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ Амма нэһилиэгин төрүт олохтоохторо. Ийэтэ Елена Еремеевна Дьоруой-Ийэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Аҕата Семен Николаевич Васильев Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа, «Кыһыл сулус» уордьан кавалера, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо. Кинилэр 65 сыл ыал буолан, олох толору дьолун билэн, үлэни өрө тутан, үлэлээн-хамсаан олорон ааспыт боростуой саха ыаллара.
Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстаҕас буолан, Еремей эт-хаан өттүнэн кыанар этэ, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хапсаҕайга, волейболга, хайыһарга дьарыктамыта, күрэхтэһиилэргэ оскуолатын уонна нэһилиэгин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүүрэ. 1966 сыллаахха Тыытты күөлүгэр киһини быыһаан, “За спасение утопающих" мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

кан_-_4.jpeg
1970 сыллаахха ытык иэһин төлүү аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Сулууспалыыр кэмигэр бэйэтин эт-хаан өттүнэн дьарыктааҕын кыахтааҕын, көрдөрбүтэ ,,Бастыҥ стрелок", ,,Бастыҥ буойун-спортсмен" знактарынан наҕараадаламмыта. Аармыйаттан кэлээт, 1973 сыллаахха Харбалаахтааҕы 18 №-дээх ОПТУ-га үөрэнэн, суоппар идэтин ылбыта. Дьэ ити сылтан түүннэри-күнүстэри көлүөһэ үрдүгэр уруулу тутар айана Харбалаах отделениетыттан саҕаламмыта.

кан_-_5.jpeg
Еремей Семёнович “Коммунизм" сопхуос уонна "Харбалах" ТХПК дириэктэрдэрин солбуллубат суоппардара этэ, уон дириээктэргэ бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кини Чычымахтан сылдьан Харбалаахха үлэлиирэ, үлэтигэр куруук эрдэ, үлэ чааһа саҕаланыан иннинэ баар буоларын үлэһиттэр бэлиэтииллэр. Киһи быһыытынан сүрдээх көнө, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, туруу үлэһит быһыытынан бииргэ алтыспыт  дьоно сыаналыыллар.

кан_2.jpeg

Чулуу суоппар өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэтэ сиэрдээхтик сыаналанан, Еремей Семёнович Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ туһааннаҕа, өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ.

кан_-_3.jpeg

Еремей Семёнович, Людмила Иппатьевна Мордовскойдар Амма нэһилиэгин Чычымах бөһүөлэгин биир бастыҥ ыаллара. Бииргэ олорбуттара быйыл 50 сылын туола, онон үбүлүөйдээх сыллара. Түөрт кыыс оҕо тапталларынан, элбэх сиэн, хос сиэн үөрүүлэринэн дьоллоохтор. Еремей Семёнович эдэр суоппардарга куруук сүбэ-ама биэрэр, көнө суолу, күөх уоту, алгыстаах айаны баҕарар.

  • 29
  • 8
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22