Болҕомто киинигэр
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин атырдьах ыйын 25 күнүгэр быһа сибээс нөҥүө оскуола учууталларын, үрдүк үөрэх кыһатын преподавателлэрин, үөрэнээччилэри, выпускниктары уонна төрөппүттэри кытта сэһэргэһэн турар. Көрсүһүүгэ 1514 №-дээх Москуба куорат оскуолатын выпускнига, бары биридимиэттэргэ БКСЭ-ни 400 баалга суруйбут Екатерина Гришина 2023 сылы педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрэр туһунан этиитин дойду аҕа баһылыга сэргээн, тута бырабыыталыстыбаҕа ол туһунан ыйааҕы 2022 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр диэри бэлэмнииргэ сорудахтаабыта. Маны таһынан бэрэсидьиэн кэлэр сыл сэтинньи 15-гэр диэри 2023 сылга нуучча уһулуччулаах педагога, Арассыыйаҕа педагогика билимин төрүттээччи Константин Ушинскай төрөөбүтэ 200 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр былааннарын таҥарга уонна бигэргэтэргэ көрдөспүтэ.
Өссө былырыын дойду салайааччыта үөрэх эйгэтигэр кэлэр дьону, ордук эдэр испэсэлиистэри өйүүр, кинилэргэ үлэлииргэ, айарга-тутарга, сайдарга табыгастаах усулуобуйаны олохтуур туһунан этэн турар. Маныаха 2020 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр, «Арасыыйа Бэдэрээссийэтигэр үөрэхтээһин туһунан» сокуоҥҥа уларыйыылар киирэн, учуутал эбэтэр педагог буоларга бэлэмнэнэ сылдьар үрдүкү куурус устудьуоннара оскуолаҕа үлэлээн саҕалыыр бырааптаннылар. Ол иннигэр кинилэр үс сылтан итэҕэһэ суох үөрэммит уонна кэмигэр аттестацияны ааспыт буолуохтаахтар. Бу миэрэ, биллэн турар, устудьуон идэ ис хоһоонун баһылыырыгар, оскуола «тыыннаах» эйгэтигэр уһуйулларыгар олук буолар.
Онтон бу дьыл атырдьах ыйыгар ыытыллыбыт судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун мунньаҕар Владимир Путин үөрэх эйгэтигэр учуутал үлэтин мантан ыла «өҥө» быһыытынан сыналыыр табыллыбатын уонна ити тылтан олоччу тэйэр наадатын туруорсубут. Ол туһунан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин пресвещениеҕа миниистирэ Сергей Кравцов аҕыйах хонуктааҕыта Москубаҕа буолан ааспыт кылаас салайааччыларын бүтүн арасссыыйатааҕы бастакы форумугар этэн турар. Миниистир: «Докумуон Судаарыстыбаннай Дуума сиэссийэтигэр көрүллэн, өйөнүөх тустаах», – диэн дорҕоонноохтук эппитигэр форум кыттыылаахтара үөрэн, ытыс таһынан, сорохтор иһиирэн, махталларын биллэрдилэр. Өссө биир үөрүүлээх сонунунан Сергей Кравцов Госдуумаҕа просвещениеҕа эрэ хайысхалаах туспа кэмитиэт олохтоммутун ааттаата.
Учуутал сылын умнубаппыт
Дойду таһымыгар 2023 сылга Педагог уонна настаабынньык сыла биллэриллэр буолбутун истэн, 2010 сыллаахха ыытыллыбыт Учуутал сылын ахтан ыларбыт тоҕоостоох. Мин да санаппатарбын, арааһа үгүс киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалбыт, баҕар тус олоҕор да уларыйыылары, сэргэх толкуйдары киллэрбит буолуон сөп. Холобур, «Аартыка учуутала» диэн бырайыагы ЮНЕСКО эгиидэтинэн саҕалааһын, үөрэх хайысхатын социокультурнай ис хоһооҥҥо таһаарыы, үөрэх тиһигин биир кэлим ситимҥэ холбооһун, учууталлар уонна педагогическай уопсастыбаннас XII-с сийиэһин тэрийии, «СӨ норуодунай учуутала» бочуоттаах ааты олохтуур туһунан санааны күөрэтии уо.д.а.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева ити кэмҥэ сэттэ сыл үөрэх миниистиринэн таһаарыылаахтык үлэлээн баран, 2010 сыл сайыныттан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы дуоһунаһыгар ананар.
Ол сыллардааҕы дакылааттары, оччуоттары, матырыйааллары арыйа баттаан көрдөххө, Феодосия Васильевна салалталаах министиэристибэ бу хайысхаҕа: учуутал уонна педагог таһымын үрдэтиигэ, аныгы да кэмҥэ уопсастыба ортотугар биһирэнэр, ытыктанар идэ буоларыгар, өссө эрдэттэн дьоһуннаах үлэни саҕалаабыт. Ол курдук 2010 сыл тохсунньу 30 күнүгэр – Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Учуутал сылыгар үктэнэн олорон, «Саха сирэ» хаһыат кэриспэдьиэнэ Татьяна Марковаҕа интервьютугар маннык хоруйдаабыт:
– Учуутал сылыгар ыытыллар бары тэрээhиннэргэ, былааннаах үлэбит хайысхаларыгар биhиги сүрүн сыалбыт – учуутал дьоҥҥо-норуокка, уопсастыбаҕа, кэнчээри ыччакка биэрэр кыаҕын көдьүүстээхтик, табыгастаахтык, сиэрдээхтик туhаныы боппуруостарыгар оруннаах, тоҕоостоох быhаарыныылары ылыныы. Кинилэр күннээҕи олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар, бэйэлэрин бары өттүнэн сайыннаралларыгар, өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн учуутал идэтин престиhын үрдэтиигэ, хас биирдии үөрэх кыһатыгар педагогическай холбоһуктар талааннаах, дьоҕурдаах уонна сатабыллаах ыччаттарынан хаҥыылларыгар, бөҕөргүүллэригэр сөптөөх усулуобуйалары тэрийии, дьаһаллары ылыы.
Сокуонунан бигэргэттэрбит
Үөрэхтээһин туллар тутааҕа буолар хайысхаҕа халбаҥнаабат тус профессиональнай көрүү, «дьоммор-сэргэбэр көмө-тирэх буолларбын ханнык» диэн санаанан салайтарыы – Феодосия Габышева айымньылаах үлэтин ис хоһооно, олоххо мөккүөрүн төрүөтэ. Ханнык баҕарар кэмҥэ, түгэҥҥэ киһи эрэ быһаарар оруоллааҕын куруук санатар. Модун да, чопчу да механизмнары, тиһиги дьон тутан олорорун, хамнатар уонна салайар кыахтааҕын бэлиэтиир. Итиэннэ кимэн киириилээхтик үлэлиири, ол эрэн оттомноохтук, сыыйа уонна сыыспаттык хаардыылыыры ирдиир.
Ил Түмэҥҥэ Феодосия Васильевна салайар сис кэмитиэтэ «Учуутал туһунан» 1995 сыллаахха ылыллыбыт өрөспүүбүлүкэ сокуона дьон туһугар дьайар кыаҕа сарбыллыбытын, ыстатыйалара үлэлээбэт буолбуттарын иһин, ону саҥалыы бэрийэр, байытар уонна кэҥэтэр үлэни саҕалаата. Саҥа сокуон барыла учууталлары эрэ буолбакка, үөрэх эйгэтин педагогическай үлэһиттэрин барыларын хабар аналлаах. Норуот дьокутаатын көҕүлээһинэ бу күhүн Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар, итиэннэ Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Бүлүү умнас улуустарын үөрэхтээһинин иккис форумугар дьүүллэhиллэн, өйөбүлү ылла.
Сокуон барыла педагогическай үлэhит анал статуhун чопчулуур, кини профессиональнай таhымҥа ситиитигэр-хотуутугар өйөбүл миэрэлэрин быһаарар, айымньылаах, дириҥ хорутуулаах үлэни тэрийэригэр усулуобуйалары олохтуур уонна педагогическай үлэ уопсастыбаҕа сыаналанар, суолталанар буолар эйгэтин тэрийэр соруктаах.
Холобур, докумуон бырайыагар педагог үлэтин чиэстээхтик уонна үтүө суобастаахтык толорорун хааччыйар профессиональнай этика боппуруостара, үөрэх эйгэтин үлэhиттэрин социальнай өттүнэн өйүүр миэрэлэрэ, кини таһаарыылаах уонна үтүө түмүктээх үлэтин биhириир уонна сыаналыыр төлөбүрдэрэ, хас биирдии педагог тиhигин быспакка идэтин таhымын үрдэтэр усулуобуйалара, маны таhынан кэлэктиипкэ саҥа кэлбит киhиэхэ настаабынньык сыhыарыллар мэхэньиисимнэрэ киирбиттэр.
* * *
Феодосия Габышева «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр педагогическай үлэhиттэр статустарын туhунан» сокуон барылын өссө биирдэ уопсастыбаннай былаhааккаларга ырытар тоҕоостооҕун, эспиэрдэр санааларын истэр наадатын бэлиэтиир. Ол кэннэ бырабыыталыстыба ааҕан-суоттаан таһаарар түмүгүн учуоттаан, сотору кэминэн Ил Түмэн маҥнайгы ааҕыытыгар киллэрэр былааннаах. «Оччоҕо эрэ эһиил, 2022 сылга, саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, 2023 сылга буолар Педагог уонна настаабынньык сылын ис хоһоонноохтук көрсөр уонна, тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, үөһээ-аллараа түһэн көтүмэхтэммэккэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үөрэх эйгэтигэр түптээҕи, дуоспуруннааҕы уунар кыахтаныахпыт», – диир норуот дьокутаата Феодосия Васильевна.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0