Билигин эрэгийиэҥҥэ тыллары харыстааһыҥҥа тэрээһиннэр былааннара оҥоһулла сылдьар. Онно саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II-c сийиэһин рекомендациялара киириэхтэрэ. II-с сийиэс 2022 с. сэтинньитигэр ыытыллыбыта уонна өрөспүүбүлүкэ 500 учууталын түмпүтэ.
Санатан эттэххэ, саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II Сийиэһин чэрчитинэн оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ, оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолорго оонньууру оҥорууттан, сахалыы мультиктан, киинэттэн, оҕоҕо аналлаах бэчээттэн саҕалаан сахалыы эйгэни киэҥник тэрийиигэ, ФГОС ыстандаартын, үөрэх уонна эбии үөрэхтээһин, учуобунньуктар уонна босуобуйалар туруктарын, концепция, саха оскуолаларын, сахалыы чааһынай оскуолалар о.д.а. боппуруостарга киэҥ хабааннаах, салааларынан ырытыылаах, санаа үллэстиилээх мунньахтар, үгүс көрсүһүүлэр бу хайысхаҕа улахан хамсааһыны, сэҥээриини таһаардылар.
Педагогтар бэлиэтээбит сүрүн хайысхалара - төрөөбүт тылы сыыппараҕа киллэрии уонна тылы үөрэтиигэ, киэҥник тарҕатыыга, сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ саҥа технологиялары туһаныы буолар. Сүрүн болҕомто оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор уһуйааннарыгар, оҕону төрөөбүт тылынан иитиигэ усулуобуйаны оҥорууга ууруллуоҕа.
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0