Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Сэтинньи  7 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков оҕо анимациятын устуудьуйа бэрэстэбиитэллэрин уонна режиссер-аниматордары кытары көрсүһүү тэрийдэ. Сүбэ мунньахха саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһигэр кинилэр туох этиилээхтэрин, боппуруостаахтарын ырыттылар.

Сэтинньи  7 күнүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков оҕо анимациятын устуудьуйа бэрэстэбиитэллэрин уонна режиссер-аниматордары кытары көрсүһүү тэрийдэ. Сүбэ мунньахха саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһигэр кинилэр туох этиилээхтэрин, боппуруостаахтарын ырыттылар.

Киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы

Александр Жирков мунньах саҕаланыыта мустубуттарга туһаайан, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын иһинэн ыытыллар тэрээһиннэриттэн учууталлар сийиэстэрэ сүрүн чэрчитинэн буоларын санатта. Үөрэҕирии министиэристибэтэ былаан торумун оҥорбутун, онно эбии этиилэр киирэн, туолан биэриэхтээҕин бэлиэтээтэ.

deti ajyy multik many
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһигэр уопсайа 500-тэн тахса дэлэгээт кыттыыны ылыахтаах. Кинилэргэ анаан икки хонук устата араас дискуссионнай былаһааккалар, төгүрүк остуоллар, быыстапкалар тэриллиэхтэрэ. Ол эрэн, икки күннээх үлэ түмүгүн таһаарар мунньах (сэтинньи 24 күнүгэр) бэриллибит бириэмэтэ биир чаас. Маны кэҥэтэн, дириҥ хорутуулаах ырытыы, ис хоһоонноох кэпсэтии тахсарыгар, дьон санаатын сиһилии истэллэригэр аччаабыта үс чаас тэнитэллэригэр Александр Жирков модьуйда. Маны тэҥэ, пленарнай мунньах тоҕо маҥнайгы күҥҥэ ыытылларын, киирбит этиилэри түмэн, бүтэһик күн ыытыллара табыгастаа­ҕын бэлиэтээтэ.
Ыытыллыбыт мунньах билиҥҥи тэтимнээх кэмҥэ сахалыы тыыннаах оҕону иитэн таһаарарга олус суолталаах буолара саарбахтаммат. Тылы иҥэрэргэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө ньыманан сахалыы тыллаах-өстөөх мульткиинэлэр, анимациялар буолаллар. Бу бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар санааларын истэллэригэр биир даҕаны былаһаакка былааннамматаҕынан, былааҥҥа эбиилэри уонна уларытыылары киллэрээри Ил Түмэн бу мунньаҕы тэрийбитин эттэ.

4 copy
- Дискуссионнай былаһааккаларга дэлэгээттэргэ бырайыактарбытын сиһилии билиһиннэриэхтээхпит. Бу улахан суолталаах боппуруоһу көтөҕүөх тустаахпыт. Оҕону иитэр-үөрэтэр суолталаах мульткиинэлэри оҥорон таһаарыыны сийиэс резолюциятыгар киллэрэри туруорсан, олохтоох оҥорон таһаарааччылар судаарыстыбаннай үбүлээһиннэрин ситиһиэхтээхпит. Баҕа өттүнэн, үбүлээһинэ суох үлэ улахан көдьүүһэ суоҕун бары билэбит. Ол курдук, 2011 сыллаахха Олоҥхо дьоруойдарынан куукулалары оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп-харчы көрүллүбүтэ. Сахалыы моһуоннаах, таҥастарын саптарын толкуйдаан, Кытайга сакаастаан, оҕо уһуйааннарынан тарҕаппыппыт. Ол биир сыллааҕы тэрээһиннэринэн бүппүтэ. Дьиҥэр, тиһигин быспакка хас биирдии оҕо уһуйааныгар тиэрдиллэн, оҕону төрөөбүт култууратыгар үөрэтиэхтээх, билиһиннэриэхтээх этибит, - диэн Александр Николаевич эттэ.
Кырдьык, оҕо илиитинэн тутан-хабан ылыммыт матырыйаалын күүскэ иҥэринэрэ биллэр суол. Оттон сорох оҕо уһуйааннара, балаһыанньаттан тахсаары, «Барби» куукулалары баттахтарын, харахтарын хара гына кырааскалаан, сахалыы таҥыннаран, олоҥхо дьоруойдара туһаналлара хомолтолооҕун бэлиэтээтэ.
- Биһиги олус талааннаах ыччаттаахпыт. Кинилэри өйүөхтээхпит, - диэн Александр Жирков эбэн эттэ. Салгыы мунньахха Үөрэҕирии уонна билим миниистирин маҥнайгы солбуйааччыта Алевтина Аргунова, Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Марина Силина сийиэс чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэри сырдаттылар.
Сийиэскэ учууталлар эрэ буолбакка, чугас улуустартан саха тыллаах үөрэнээччилэр кыттыыны ылаллара күүтүллэр. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар кылаас чаастара тэриллиэхтэрэ. Култуурунай тэрээһиннэр былааннарынан, тыйаатырдар үксүлэрэ дэлэгээттэри күүтэллэр. Александр Николаевич оҕо киинэтин устар, мульткиинэ оҥорооччулары кытары сибээс олохтоон, туруорсар боппуруостарынан анал былаһааккаҕа ырыталларыгар этии киллэрдэ.

torbos uonna tyhagas mutik

Аныгы технологиялары сөпкө туһаннахха

СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларын СМИ уонна бэчээт отделын начаалынньыга Афанасий Матвеев иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 23 күнүгэр сийиэс дэлэгээттэригэр сыыппара үөрэх технологияларыгар анал былаһаакка үлэлиэҕэ. Былаан бигэргэммит, эппиэтинэстээхтэр быһаарыллыбыттар.

3 copy

Этии быһыытынан «Айар» национальнай кыһата, «Кэскил» оҕо издательствота уонна «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа иитиигэ, саха тылын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга аналлаах үлэлэрин сырдатар быыстапканы сийиэс маҥнайгы күнүттэн тэрийэри көрдөстө. Бу тэрилтэлэр аныгы кэмҥэ эппиэттиир технологиялары туһанан табаардарын оҥороллор. «Кэскил» издательство эдэр суруналыыстары бэлэмниир. Бу эмиэ бэртээхэй бырайыак буоларын ыйда. Сийиэһи сырдатыыга пресс-сулууспалар эрэ буолбакка, судаарыстыбаннай хаһыаттар, көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар былаһааккаларынан эмиэ күүскэ сырдатыахтара диэн эттэ.

аниматоры
Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо издательствотын салайааччыта Ольга Семенова судаарыстыбаннай тыллары харыстыыр судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар үлэни билиһиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыгар 40 медиакиин аһыллыбыт. Оҕолору кытыннаран туран, сыл устата 1260 контент оҥоһуллар. Оҕолору идэҕэ бэлэмнииргэ «Сосновый бор» лааҕырга бу күннэргэ анал смена арыллыбыт. Кинилэр оҕолору эрэ буолбакка, учууталлары эмиэ суруналыыстыка эйгэтигэр угуйаллар. Ол курдук, 2 тыһ. тахса саха тылын, история, география о.д.а. биридимиэт учууталлара оҕо контенын оҥорууга үөрэммиттэр.
Сийиэс чэрчитинэн оҕо издательствота үс былаһааккаҕа үлэлиэҕэ. Манна 40 медиакиини тэнитэн, 80-256 кииҥҥэ тиэрдэр соруктаахтарын билиһиннэриэхтэрэ. Оҕо контена айымньылаах эрэ буолбакка, судаарыстыбаннай сакааһынан хаачыстыбалаах, сөптөөх ис хоһоонноох буолуохтааҕын, ону тэҥэ сөпкө үбүлэниэхтээҕин эттэ.
Манна даҕатан, «Кэскил» тиэкиһинэн эрэ контент оҥорбокко, видео, аудио контены эмиэ баһылаабыт. Ол эрэн, оҕолорго саҥарар дьоҕурдара намтаан эрэрэ бэлиэтэнэрин эттэ. Онон маннык медиакииннэр оскуолаларга тэриллэн үлэлииллэрэ ордук тоҕоостоох. Тустаах боппуруостары туруорсарга сийиэс дэлэгээттэрин кытары норуот дьокутааттара көрсөн кэпсэтэр былаһааккаларыгар тыл биэрэллэригэр көрдөспүтүн, Александр Николаевич ылынна, суругунан бэлэмнээн ис хоһоонун тиэрдэргэ сүбэлээтэ.
Иккис туруорбут боппуруоһунан, саха тылын уруоктарыгар 5-тэн 8 кылааска диэри 262 эрэ тиэмэ баар эбит. Онон инникитин, саха литературатынан кылгас роликтары устарга этии киллэрдэ. Иккилии-үстүү мүнүүтэлээх видеоустууларга тыйаатырдары, устуудьуйалары кытыннаран, судаарыстыбаннай сакааһынан оҕо билиитин хаҥатыахха сөбүн ыйда.
«Саха» национальнай көр­дөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Олег Марков иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан өйөбүлүнэн быйыл аан маҥнайгытын оҕо контенын оҥорууга уонна интернеккэ тарҕатыыга бүддьүөттэн өйөбүл көрүллүбүт. Субсидия көрдөрүүлэринэн, хампаанньа 471 серия мульткиинэлэри сахалыы саҥардыахтаах, 20 серия оҕолорго мульткиинэлэрин устуохтаах, оскуола иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас үөрэнээччилэригэр 104 үөрэтэр, аралдьытар биэриини оҥоруохтаах, олохтоох оҥорон таһаарааччылартан 45 устуука оҕо контенын атыылаһыахтаах.

таал тал
Туруоруллубут сыаллар барыта олоххо киирэн эрэллэр. «Фиксики» мультсериал 3 сезона (157 серия), «Малышарики» 4 сезона (212 серия), «Тим уонна Том» (48 серия) сахалыы саҥарбыттар, түмүктүүр үлэлэр бу ыйга тураллар. Оттон ахсынньыга «3 кота» мультсериалга үлэ түмүктэниэ.
Буолаары турар сийиэс чэрчитинэн дэлэгээттэри «Саха» НКИХ-ҕа сырытыннарарга этии киллэрдэ. Хампаанньа сүрүн сыала сахабыт тылын уонна култууратын харыстааһын буоларын эттэ. Сырыы чэрчитинэн оҥорон таһаарыыны эрэ билиһиннэрии буолбакка, саха тылын учууталларын тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа үлэтигэр кытталларыгар ыҥырыы буолуо этэ диэн эттэ.
Олег Олегович тоһоҕолообутунан, кинилэр хампаанньалара уонтан тахса сыл устата анал оҕо ханаалын арыйары туруорсар. Маныаха тустаах тэхиниичэскэй кыах баар. Маасабай информация сириэстибэтэ анал бэлиэтэниини ааспыт, көрдөрөгө тустаах лицензия оҥоһуллуохтаах. Ханаал арыллыыта олохтоох оҥорон таһаарааччыларга өйөбүл, оҕо контенын хаҥатарга төһүү күүс буолуо этэ. Отой кыра саастаахтартан саҕалаан, оскуола үөрэнээччилэрэ бары хабыллар кыахтаналлар. Манна даҕатан, кини Башкортостаҥҥа 10-тан тахса сыл, Татарстаҥҥа бэһис сылын оҕо тэлэбиидэнньэтэ үлэлээбитин санатта.

Ийэ тылынан контены элбэтиэххэ

Александр Николаевич туоһулуур боппуруостары туруорда. Манна биллибитинэн, 2022 сылга көрүллүбүт үп уопсай суумата 40 мөл. солк. 2023 сыл бүддьүөтүгэр инновация министиэристибэтэ 90 мөл.солк. бүддьүөттэн көрөргө сайаапка киллэрбит, докумуон бырабыыталыстыба хамыыһыйатыгар көрүллэр. Маны тэҥэ кини мульткиинэлэр дьоруойдарын саҥатын тылбаастыырга улахан болҕомтону ууралларыгар, бу улахан ис хоһоонноох, ыччаппытын үөрэтэр соруктааҕын ыйда.

2 copy
«Сахафильм» тэрилтэттэн Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, Арассыыйа кинематографистарын сойууһун чилиэнэ Алексей Романов киинэ устуутугар уустуктары көрсүбүттэрин эттэ. Ол курдук, 17 араас оскуолаларга киинэ дьоруойдарын талыыга кастинг ыыппыттарын түмүгүнэн, оҕолор аҥаардара төрөөбүт тылларын билбэттэрэ, 30 бырыһыаннара сахалыы саҥаралларын ыарырҕаталлара биллибит. Маныаха тустаах чинчийиилэри ыытарга этии киллэрдэ. Ыччаппыт сөбүлүүр социальнай ситимнэригэр сахалыы тыллаах контены элбэтэргэ, оҕо сэргиир, интэриэһин тардар оонньуу көрүҥнэрин тобуларга эттэ. Мунньах кэмигэр билигин анимацияҕа, киинэ устуутугар үлэлии сылдьар дьон тыл эттилэр, санаа атастастылар, буолаары турар сийиэстэн элбэҕи күүтэллэрин биллэрдилэр.
Парламент бастакы вице-спикерэ кэпсэтии түмүгэр төрөөбүт тылбытыгар болҕомто уурбат буоллахпытына, национальнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан ааттанан бүтэрбитин, бэйэбит болҕомтобут күүһүрүөхтээҕин эттэ.

  • 1
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением