Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Амма тыатын маһын кэрдээри сорунуу бүтүн Саха сирин аймаата. Билиҥҥи туругунан бу ойууру туран биэрдэххэ,инники өттө хайдах дьылҕаланара өйдөнөр.

Амма тыатын маһын кэрдээри сорунуу бүтүн Саха сирин аймаата. Билиҥҥи туругунан бу ойууру туран биэрдэххэ,инники өттө хайдах дьылҕаланара өйдөнөр.

Атырдьах ыйын 5-7 күннэригэр Алдаҥҥа «Ангара» уонна «Вудлэнд24» ХЭУо-лар Амма баһыгар уонна Алдан тыатыгар маһы кэрдиилэрин боппуруостарыгар уопсастыбаннас мунньаҕа ыытыллыаҕа.  Бу мунньахха Георгий Маслобойниковы кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтии буолуоҕа.

0eb8f19d 5d1c 49ce b04c 46d55f5dafa3

Амма өрүс төрдө Алдан хайаларыттан саҕаланар, онно дириҥ, синньигэс көҥүс устун хотугулуу-илин сүүрэр. Саха сирин 14 улахан өрүһүн ахсааныгар киирэр. Амма эбэ уһуна 1462 км, сүүстэн тахса үрэҕи хомуйа тардан, элбэх кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри иитэр-аһатар.   Өҥ буордаах нэлэмэн хочолоругар араас бэйэлээх үүнээйи, от арааһа силигилии үүнэр. Онон сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах төлөһүйэ үөскүүрүгэр бары усулуобуйа толору баар. Амма өрүс Амма, Чурапчы, Таатта, Алдан улуустарын сирдэринэн-уоттарынан ааһар. Маны сэргэ Амма устун  өрүс аалларынан дьону-сэргэни, таһаҕас таһаллар.

Амма  сүнньүгэр  40-ча үүтүнэн аһааччы кыыл-сүөл үөскээн-ууһаан олорор, олор истэригэр күндү түүлээх киис баар. Улахан кыыллартан кэрэ быһыылаах-таһаалаах кулааһай кыыл сөбүлээн олохсуйар. Соторутааҥҥа диэри хайаларыгар сэдэхтик көстөр чубуку да баара. 64 көтөр аймах бииһин ууһа  таарыйан ааһарыттан, 57-тэ  Амма өрүс түбэтигэр олохсуйан уйаланар. Амма сиригэр 300-тэн тахса үүнээйи көрүҥэ  үүнэр, итилэртэн 27 көрүҥ сэдэхтэрин ааһан, манна эрэ үүнэр ураты айылгылаахтар (эндемичнай). Холобур, Амма кыабыката (горец амгинский) манна эрэ үүнэр. Сэдэхтэртэн, чуолаан, доруобуйаҕа  туһалаах, эмтээх бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский), көмүс силис (золотой корень) уонна хасхара (рододендрон золотистый) үүнэллэр.  Амма өрүс сиригэр-уотугар адьас сэдэхтик көстөр 9 үүнээйи көрүҥүн (сообществоларын) булбуттара. Итилэртэн саамай кэрэхсэбиллээҕинэн: ыылаах харыйа (пихта), сыалаах мас (кедр), тирэх (тополь), болбукта (кедровый стланик), хасхара (рододендрон золотистый) буолаллар.

KONICA MINOLTA DIGITAL CAMERA

Амма көрүөхтэн кэрэ айылҕата үөһээ дойдуттан ананан үөскээбит курдук, киһи кутун-сүрүн тутар уратылаах. Аан дойдуга биир саамай ыраас уулаах өрүс аатын ылыан ылар. Дьон-сэргэ таптаан сынньанар, этин-сиинин, кутун-сүрүн чөлүгэр түһэрэр үтүө айылгылаах. 


Аммам барахсан!

Ахтабын аат ааттаан,

Дойдубун булларбын

Дуоһуйа түһэбин.

Таптыыбын даҕаны

Нэлэмэн хочоҕун,

Күөх тунал хонуугун,

Субуллар уу ньуурун.

Күн уота күлүмнүү

Күөгэҥниир эн түөскэр,

Ый уота кылбаарар

Эн сылаас ытыскар.

Кынаттах кэриэтэ

Кытылгар турабын,

Ыймахтаан ылабын

Тыын эбэр салгыҥҥын.

Илгийэр итии тыал

Испинэн эргийэр,

Сүрэхтээх-быары

Курдаттыы суурайар,

Ыар баттык санааны

Сайҕаахтаан таһаарар,

Бүк түһэр түбүгү

Үтэйэн үтүөрдэр,

Үс куту чөлүгэр түһэрэр,

Үөспүнэн үөрүүнү көбүтэр

Үтүөкэн да дойду — мин Аммам!

Онон маннык ураты, уйан сири хайаан да көмүскүүр наадатын  норуот сүрэҕинэн-быарынан бүтэйдии сэрэйэр. Амма тыатын кэрдии — бүтүн норуот дьылҕатыгар дураһыйыыга тэҥнээх.

Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олох­тооҕо Николай Стручков хаартыскаҕа түһэ­риилэрэ

Абага Харама хайата копияБетюнь Перевал хайатаБологур Тас хочоЕнте хайата копияМихайловка Таас хайа копияОрай хайатаЧакыр 2с.Покровка Брусничная гора копияс.Покровка Три берёзы

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением