Уолба нэһилиэгин баһылыга Александр Винокуровка тахса сырыттыбыт:
--Ити “селевые грязи” диэн. Ханнык баҕарар баһаар кэнниттэн буолар. Улахан куттала суох. Уонча хонуктааҕыта Байаҕантайдар ыһыахтарыгар баран иһэн кыралаан киирэн эрэрин көрбүппүт. Былыгы үрэҕин аттынааҕы мыраантан кумахтаах уу суолга түһэр. Бу ардахха муус ууллан эбилиннэ. Сырыы быста илик.
Итинник хайа уута өр баҕайы сүүрээччи. Мууһа улахан буоллаҕа дии. Элбэх сыл да сүүрүөн сөп. Кыһын хойукка да диэри. Наһаа мунньулуннаҕына, трассаҕа тахсыан сөп. Кыратык тахсыбыт да быһыылаах. Ити Томпо сирэ. Таатта дорожниктара суолу оҥоро сылдьаллар. Кирдээх уу суолга таҕыстаҕына куурар буоллаҕа дии, ол бадараанын хомуйан ылаллар уонна турбалары ыраастыыллар. Итиннэ, баҕар, полотнону үрдэтиэхтэрэ, биллибэт буоллаҕа дии.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0