Онно Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 14 саастарын туолбут оҕолорго, Арассыыйа эдэр гражданиннарыгар, пааспартарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата. Кини бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ уонна дойдуларыгар үтүөлээх дьон буола улаатыахтара диэн эрэлин эттэ.
«Арассыыйа куруук улуу дойду этэ. Инникитин даҕаны оннук буолуоҕа. Дириҥ устуоруйалаах, үгэстээх, үлэҕэ, эйэҕэ, үтүөҕэ дьулуһар дьонноох. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын», - диэтэ Алексей Еремеев.
Өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ 10 оҕо - өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа олимпиадаларын, спортивнай күрэхтэһиилэр призердара, туйгун уонна үчүгэй үөрэхтээхтэр, итиэннэ оҕо хамсааһынын актыбыыстара -- пааспар ыллылар.
ЯСИА хаартыскалара
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0