Оҕо көмүскэлин күнүгэр, бэс ыйын 1 күнүгэр педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Дьокуускай куоракка “Радуга детства” диэн былааннаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн I Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола үөрэнээччилэрин бизнес-инкубатордарын быыстапка-дьаарбаҥкалара тэриллиэ.

Үөрүүлээх күн Хомсомуоллар болуосаттарыгар эдэр урбаанньыттар оҥорон таһаарбыт табаардарын уонна бородууксуйаларын көрдөрүөхтэрэ диэн үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Манна даҕатан эттэххэ ыам ыйын 24 күнүттэн, Арассыыйа бары оскуолаларыгар орто сүһүөҕү бүтэрээччилэргэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэннэр, онтон бэҕэһээ, ыам ыйын 26 күнүттэн оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэр саҕаланныллар.
Хаартыска: СӨ үөрэҕириигэ уонна билимҥэ министиэристибэтин саайтыттан