Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов иһитиннэрбитинэн, кинилэр улуустарыттан 20-тэн тахса киһилээх дэлэгээссийэ бу күннэргэ үлэлиэ:
-- Үөһээ Бүлүү улууһуттан 20-тэн тахса буолан кэллибит. Нэһилиэк баһылыктара, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, хонтуруоллуур-суоттуур палаата үлэһиттэрэ. Бу күннэргэ устааптарбытыгар уларыйыы киллэрэбит, юстиция министиэристибэтин кытары ыкса үлэ барар, бүддьүөтү көрүүгэ, боломуочуйалары үллэстиигэ кэккэ боппуруостар бааллар. Ол курдук, урут олохтоох салайыныыга уопсайа 35 боломуочуйа сүктэриллибит эбит буоллаҕына, билигин төһө биһиэхэ бэриллэрин, төһө көҕүрүүрүн чуолкайдыыбыт.
Бу сийиэстэн дэлэгээттэр элбэҕи күүтэбит. Аан дойдуга буола турар кириисис барыбытыгар охсуулаах. Онон биһиэхэ сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннарыыга сорук турар, оччотугар эрэ балаһыанньабыт тупсуо. Бу тыын боппуруоһу быһаарарга сытыытык турар кыһалҕа – оттук, ол иһигэр сэлээркэ сыанатын үрдээһинэ. Боппуруоһу бырабыыталыстыба, Ил Түмэн быһаарыа диэн эрэнэбит.
Хаартыска: Василий Кононов, Ил Түмэн түһэриитэ
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

