Кэнсиэпсийэтин көрдөххө, бу тэрилтэ үөрэх эйгэтигэр тыл кыһалҕатын, иитии үлэтин, хаачыстыбатын көрөр, учуобунньук оҥорор, тыл туругун чинчийэр киэҥ хайысхалаах билим Киинэ буолуохтаах. Маннык киэҥ хайысхалаах үлэҕэ кырата уонча исписэлиис үлэлиирэ сабаҕаланар.
Бу сонуҥҥа тыл актыбыыстара олус үөрдүбүт.
Национальнай оскуолалар Институттара федеральнай бас билиигэ көһүөҕүттэн сахалыы иитии-үөрэтии кыһалҕатыгар үлэлиир билим тэрилтэтэ баар буоларын ыра санаалаах кэтэспиппит хас да сыл буолла.
Бу Киин тэриллэрин көҕүлээбит Габышева Феодосия Васильевнаҕа, өйөөбүт, үлэлэспит Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр Еремеев Алексей Ильичкэ, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Местников Сергей Васильевичка, Ил Дархаммытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбин!
Дьэ, уонна бу Кииҥҥэ чахчы ис сүрэҕиттэн тыл туһугар ыалдьар, дьиҥнээхтик сахалыы иитии-үөрэтии сайдарыгар кыһаллар, уопуттаах исписэлиистэри мунньан үлэлэтиэхтэрэ, күүстээх хамаанда тэриллэн сахалыы үөрэх туругуран иһиэ диэн кэтэһэбит, бу Киин тула бары бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн үлэ хаамыыта судургутуйуо уонна тэтимнэниэ диэн эрэнэбит!
Никитина Вилюяна, "Ийэ тыл кэскилэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0