Бүгүн биһиги бары эһиэхэ нохтолоох сүрэхтэн тахсар таптал, ытыктабыл тылларын сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран этэбит. Кимиэхэ баҕарар ийэттэн күндү киһи суох. Ийэ мичээринэн аан дойду барыта кэрэтийэ сандаарар. Эһиги баар буолаҥҥыт, олох утума салҕанар, киһи-аймах ахсаана элбиир, бииртэн биир көлүөнэ оҕолор олох араас мындырдарыгар үөрэнэллэр, олохпут-дьаһахпыт чэчирии чэлгийэр. Онон уопсастыба сайдарыгар ийэттэн улахан сабыдыаллаах ким да суох.
Биһиги дойдубутугар уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр ийэлэргэ, ийэ буолууга, оҕо харыстабылыгар сөҕүрээбэт кыһамньы ууруллар. Бу судаарыстыбабыт биир сүрүн соруга буолар. Онон ийэлэргэ социальнай мэктиэлэри уонна үп-харчы өттүнэн көмөнү сылтан сыл элбэтэн, улаатыннаран иһэбит.
Ону таһынан, араас сылтаҕынан төрөппүт кыһамньыта суох хаалбыт оҕолор саҥа ийэлэнэллэрин, ыалга иитиллэллэрин туһугар анаммыт үлэ тохтоло суох барар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕолоох ыаллары өйүүргэ анаммыт социальнай-экэнэмиичэскэй миэрэлэр уҕараабакка ылылла тураллар. Олор ордук чуолаан элбэх оҕолоох уонна эдэр ыалларга туһуланаллар. Эбэн эттэххэ, Сахабыт Сиригэр уһуйааннар, оскуолалар, спордунан дьарыктанарга, доруобуйа харыстабылыгар, сынньанарга анаммыт эбийиэктэр быыстала суох тутулла тураллар. Ити үлэ барыта өрөспүүбүлүкэбитигэр демографическэй быһыы-майгы тупсарыгар, биир дойдулаахтарбыт ыал буолан быр-бааччы олороллорун туһугар ананар.
Күндү Сахабыт Сирин күн күбэй ийэлэрэ, эһиэхэ барыгытыгар тус олоххутугар дьолу-соргуну, үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабыт. Үөрүү-көтүү, истиҥ иэйии эһиги олоххут арахсыспат аргыстара буоллуннар диэн алгыс тылларын аныыбыт!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутааттара
Г.Р. БАЛАКШИН,
В.М. ПРОКОПЬЕВ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0