Александр Степанович улууспут сайдарыгар үтүмэн кылааттаах, дьиҥнээх хоту дойду хоһуун киһитэ, патриота этэ.
Онон кини аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин туһугар алмаас тааска иҥэриллибитин улуус олохтоохторо үөрэ уонна махтана истибиппит. Бүгүн эдьиийэ Лена Степановна Мииринэйгэ тиийэн, Өлөөн улууһун олохтоохторун аатыттан "АЛРОСА" хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Ивановка махтал суругу туттарда.
Үтүө киһибит аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин!
Өлөөн улууһун олохтоохторо
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



