Бэҕэһээ этиҥнээх, чаҕылханнаах күн буолан эбии 23 уот көрдүгэнэ үөскээбит. Ордук Үөһэ халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Орто Халыма, Томпо, Уус Майа, уонна Эбээн-Бытантай улуустар сирдэригэр-уоттарыгар баһаар күөдьүйүүтэ күүстээх.
Экология министиэристибэ иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэҕэ Амурскай уонна Читинскэй уобаластартан 95 баһаарынай кэлэрэ күүтүллэр.
Баһаар кэмэ саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр уопсайа 558 тыа баһаара бэлиэтэннэ, оттон 2019 сылга 1086 тыа баһаара тахсыбыта. Ойуур баһаарыттан нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатын туһугар Россиятааҕы ЫБММ авиациятыттаҥ уонна Сүрүн салалта аэромобильнай группировкатыттан 90 киһилээх тус састаап уонна тоҕус биирдиилээн тиэхиньикэ бэлэмнэр
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0