Алексей Еремеев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ:
- Күндү Сахабыт Сирин олохтооҕо! Эйиигин үүнэн эрэр саҥа 2024 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан эҕэрдэлиибин! Саргылаах Саҥа дьылы, үгэс курдук, инникигэ үүнэр-сайдар кэскиллээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ бигэ эрэллээх, сырдык ыралаах көрсөбүт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олох араас эйгэтигэр үгүс уларыйыылаах, дьоһун түгэннэрдээх сыл ааһан эрэр. 2024 сылга буолуохтаах Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин – бу уустук кэмҥэ хас биирдии Арассыыйа олохтооҕун, норуоттарын, бүттүүн дойду дьылҕатын туһугар эппиэтинэһи сүгэр, кыайыы, сырдык олох иһин бэйэтин тула дьону-сэргэни биир сомоҕо түмэр кыахтаах киһини талар быыбар күнэ дьоһун суолталаах.
Өрөспүүбүлүкэбит уйгулаах олохтоох, бигэ туруктаах буоларын, чэлгийэ сайдарын туһугар ахсаабат кыһамньыларын аныыр, дьаныардаах үлэлэринэн тус кылааттарын киллэрсэр дьоҥҥо-сэргэҕэ махталбын биллэрэбин.
Элбэҕи эрэннэрэр, саҥа саҕахтары арыйар саҥа сылга чиргэл доруобуйаны, саҥаттан саҥа кирбиилэри, дьолу-соргуну, ыра санаа туолуутун, алаһа дьиэ сылаас тыынынан угуттуур үгүс үөрүүлээх түгэннэри баҕарабын.
-
0
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0