Кэлиҥҥи сылларга үүтү туттарыыга таҥнары түһүү бэлиэтэнэр эбит буоллаҕына, быйылгы көрдөрүү былырыыҥҥытааҕар 5,7 % ордук. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрэринэн, 2024 сылга үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа 3,5 млрд. солк. көрүллэн, 20 улууска 2,8 млрд. солк. (80,41 %) ыытыллыбыт. Үүтү тутууга, соҕотуопкалааһыҥҥа 44 тэрилтэ үлэлиир.
Сыл саҕаланыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, үүтү субсидиялааһын ыстаапката 1 киилэтигэр 60 солкуобайтан 65 солк. диэри үрдэтиллибитэ. Субсидия харчыта үрдээбитинэн, ыаммытынан үүтү атыылаһыы сыаната 80 солк. тахсыбыта, ити харчыттан 15 солк. хаһаайыстыбаларга соҕотуопкалыыр тэрилтэ төлүүр.
Билиҥҥи туругунан, үүтү туттарыыга Бүлүү, Ленскэй, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Хаҥалас улуустара уонна Дьокуускай к. инники кэккэҕэ иһэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0