Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата Госдуумаҕа 2025 сылга уонна былааннанар 2026-2027 сылларга федеральнай бүдьүөт барылын киллэрбит.

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата Госдуумаҕа 2025 сылга уонна былааннанар 2026-2027 сылларга федеральнай бүдьүөт барылын киллэрбит.


Госдуума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, барыл Госдуума Сэбиэтин мунньаҕар көрүллэн, тустаах сокуоҥҥа ураты чорботуллар хайысхалар быһаарыллыбыттар. Ол иһигэр, бастатан туран, бары социальнай эбэһээтэлистибэлэр (оҕолоох ыаллары, дьиэ кэргэттэри, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн, социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох кыраасданнарга көмөлөһүү...) толоруллуохтаахтар. Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2030 сылга диэри, 2036 сыл кэскилин көрөн туруорар национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии дьаһаллара үбүлэниэхтээхтэр.

Алтынньы 7 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр Валентина Матвиенко «2025 сылга уонна былааннанар 2026-2027 сылларга федеральнай бүдьүөт барылын параметрдарын туһунан» диэн тиэмэҕэ барылааман истиилэрин ыытара былааннанар диэн Госдуума саайта иһитиннэрэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением