Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 14 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Идэтигэр бастыҥ» куонкурус федеральный түһүмэҕэ Мордовия Өрөспүүбүлүкэтигэр от ыйын 21-22 күннэригэр буолан ааста.

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Идэтигэр бастыҥ» куонкурус федеральный түһүмэҕэ Мордовия Өрөспүүбүлүкэтигэр от ыйын 21-22 күннэригэр буолан ааста.


«Агроном» диэн номинацияҕа дойду 43 эрэгийиэнин исписэлиистэрэ күөн көрүстүлэр. Саха Сирин чиэһин өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа. Уус Алдан улууһун сиэмэ бурдугу үүннэрэн тарҕатыыга идэтийэр «Биэттэ» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх хаһаайыстыба сүрүн агронома Василий Сивцев көмүскээтэ. Икки күннээх сытыы киирсии түмүгүнэн, 3-с миэстэни ылан, куонкурус тэриллиэҕиттэн Саха Сириттэн бастакынан бочуоттаах пьедесталга таҕыста.

агр 3

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров Биэттэ агрономун билиитигэр, сатабылыгар эркин курдук эрэнэр буолан, куонкуруска бэлэмнэниини тус бэйэтинэн сүрүннээбитэ. Миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу көҕүлээн тэрийтэрбит, тыа хаһаайыстыбатын билимн дуоктара Сахаяна Павлова Мордовияҕа Василий Сивцевы арыаллаата, өйөөтө.

агор 2
Федеральнай куонкуруска саха агронома ситиһиилээхтик кыттыбыта өрөспүүбүүкэ исписэлиистэрэ сөптөөх таһымнаах бэлэмнээхтэрин көрдөрөр. Санатан эттэххэ, Василий Сивцев агрономнар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэригэр икки төгүл, ол эбэтэр былырыын уонна быйыл бастаабыта.

аг 4

-- Былырыыҥҥы федеральнай күрэхтэһиигэ төрдүс миэстэни ылбытым, инньэ гынан холоһуохха сөп эбит диэммин, көрдөрүүбүн тупсарыахпын баҕаран, быйыл эмиэ кииристим, онон билигин өссө кыһаллан бэлэмнэниэм, – диэн быйылгы күрэхтэһии кэнниттэн эппит тылын чиэстээхтик толордо.

Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин саайта.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0