Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -1 oC

Ил Түмэн Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спортка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ дириҥ ис хоһооннооҕун бэлиэтээтэ:

Ил Түмэн Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спортка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ дириҥ ис хоһооннооҕун бэлиэтээтэ:

- Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ бары хайысханы, ситиһиилэри хабан туран, сыалы-соругу туруорбута сүрдээх  дириҥ ис хоһоонноох буолла диэн биһиги сыаналыыбыт. Бары хайысханан ыытыллыбыт үлэлэр улахан түмүктэрдээх буоллулар.  Биһиги, чурапчылар, уһуннук кэтэспит аспаал суолбут  быйыл Аллараа Бэстээхтэн  Чурапчыга тиийбититтэн улаханнык үөрэбит. Аспаал суол олус үчүгэй хаачыстыбалаахтык тутулунна.

Атын хайысхаларбытыгар үлэ-хамнас барарыгар эмиэ күүстээх, улахан былааннар бааллар. Бары уһуннук кэтэспит Өлүөнэ өрүһүн күргэтин тутуута быйыл аан маҥнай СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үбүлээһинигэр киирдэ. Онон, Өлүөнэ күргэтин тутуута сотору кэминэн саҕаланыа диэн эрэнэбит. Ону таһынан, Ил Дархан үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар сүрдээх суолталаах сыаллары-соруктары туруортаата. Холобур, урукку өттүгэр көннөрү сыал-сорук эрэ турар эбит буоллаҕына, ханна сыыһа оҥоһуллубута, ханна өссө эбии тупсаран биэриэххэ наадатын туһунан улахан этиилэр оҥоһулуннулар. 2023 сыл этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбин.  Билиҥҥи уустук кэмҥэ түмсүөххэ, бары биир санаалаах буолуохха, үлэни-хамнаһы күүскэ тутуохха. Үүнэр сыл Саха Сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитэн, үлэ, үөрүү, дьол аргыстаах күүскэ үлэлээн-хамсаан өрөспүүбүлүкэбитин тупсарыыга бары турунуохха диэн ыҥырабын.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Чахчы, дьикти дьылҕа!

Дьокуускайга аны сайын, бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри, «Азия оҕолоро» VIII…
19.04.24 17:38
Түһүлгэ

Айылҕа уһуктан эрэр

Чаҕылыс-иҕилис мичээрдээх, сэргэх сэбэрэлээх, сааскы сандаархай күн сардаҥата…
19.04.24 16:03
Булт

Сааскы көтөр

Халлаан сылыйарын, сааскы ылааҥыны кытта тэҥҥэ кэлбит туллуктарбытын, тураахтарбытын,…
19.04.24 12:04