Муус устар 5-6 күннэригэр Дьааҥы улууhугар аан бастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтин көhө сылдьар кэллиэгийэтэ ыытыллара күүтүллэр. Маны таhынан, Аартыка улуустарын эргимтэтигэр эмиэ аан бастакынан тэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыhыт күнэ бэлиэтэниэҕэ. Тыа хаhаайыстыбатын улахан тэрээhинигэр бэлэмнэнии үлэ итиэннэ бу чэрчитинэн ыытыллар түhүмэхтэр тустарынан Дьааҥы улууһун баhылыга Владислав Михайлович Иванову кытта кэпсэттим:
- Үүммүт сыл Дьааҥы устуоруйатын тыатын хаhаайыстыбатыгар икки улахан историческай суолталаах тэрээhин ыытыллыбытынан бэлиэтэниэҕэ. Бэлэмнэнии үлэ хайдах баран иhэрий?
- Улуус иhинэн тэрийэр хамыыһыйа үлэлиир. Ыалдьыттары авиапуорка көрсүhүүттэн саҕалаан үс күннээх тэрээhин үлэ бары хайысхаларынан ыытылла турар. Онон барыта анал бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Үс күн устата Дьааҥы улууһун киинигэр Баатаҕайга, Дьааҥы куоратыгар итиэннэ куорат территориятыгар баар ааттыын хопто түһэр көлүччэлээх «Хоптолоох» сиригэр саҕаланан баран сылгыһыт күрэҕинэн бу сиргэ түмүктэниэҕэ.
-- Дьааҥылар уруккуттан даҕаны ыалдьыты үрдүк таhымҥа көрсөргө үөрүйэх дьоҥҥут. Ол гынан баран өбүгэбит төрүт дьарыгын өрө тутан кэлбит удьуор сылгыһыттарга умнуллубат ураты түгэннэри бэлэхтиир улахан эппиэтинэс, онон кыра долгуйуу баара буолуо...
-- Оннук. Долгуйабыт бөҕө буоллаҕа дии. Дьааҥылар былыр-былыргыттан эмиэ Дьөhөгөй оҕотун маанылаан илдьэ кэлбит дьоммут. Хас биирдии сылгыhыт бу былыр-былыргыттан өбүгэлэрин дьарыгын эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн кэлбит дьон.
-- Билиҥҥи туругунан хас улуус кыттара биллэрдэ? Хотугу сытар чугастааҕы улуус сылгыhыттара хайаан да кэлэллэрэ буолуо...
-- "Сылгыһыт күрэҕэр" Амма, Ньурба, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас Чурапчы, Эбээн Бытантай, Дьааҥы улуустара кыттыахтара. Олохтоох дьон үс хамаанданы туруорабыт. Уhук хотугу сир айана уустук, онон күүстээх санаалаах, тулуурдаах эрэ сылгыһыт итиэннэ сылгы айаннаан кэлэр дойдута. Таас хайалары өксөйөн таас үрэх устун сүүрдэн, сылгынан сиэлэн сыарҕаҕа олорсон аара хоно-хоно кэлэр киҺи дойдута. Ат сүүрүүтэ икки түһүмэҕинэн -- 1600 миэтэрэҕэ уонна 2400 миэтэрэҕэ ыытыллыаҕа.
-- Хотугу улуус сылгыhыттарын түhүлгэтэ олох ураты буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Тэрээhиннэр чэрчилэринэн туох ыытыллара күүтүллэрий?
- Бастакы күн Баатаҕайга ыытыллар кэллиэгийэттэн саҕаланыаҕа. Сүрүн кэпсэтии Аартыка эргимтэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тула буолуоҕа. Ол иhигэр саха сылгытын үөрдээн иитии уонна сайыннарыы тирээн турар сүрүн кыhалҕатын ырытан дьүүллэһии буолуоҕа. Кэллиэгийэ үлэтигэр министиэристибэ уонна улуус бэрэстэбиитэллэрин таһынан тыа хаһаайыстыбатын итиэннэ сылгыны үөрүнэн иитии салааларынан дьарыктанар учуонайдар кыттыыны ылыахтара. Кэллиэгийэ түмүгүнэн, хотугу улуустарга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга анаммыт туһааннаах этиилэр анал бырагыраама барылыгар киириэхтэрэ. Иккис күн Хоптолоох түhүлгэтигэр ыалдьыттары кытта көрсүһүү Алгыһы түhэрииттэн итиэннэ уоту аhатыы сиэрин-туомун толорууттан саҕаланыаҕа. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи СылгыҺыт күнэ Дьааҥы маҥан атыгар анаммыт тойугунан, үҥкүүнэн уонна дэгэрэҥ ырыанан арыалланыаҕа. Салгыы Хоптолооххо хоту сир сылгытын атастаһыы-мэнэйдэһии кэмигэр ат симэҕин итиэннэ ат тириититтэн, кылыттан, туйаҕыттан оҥоһуллубут норуот маастардарын үлэлэрин көрүү-быыстапка Сылгыһыт күнүн сэргэхситиэҕэ. Маны таһынан, сылгы этиттэн-үүтүттэн оҥоhуллубут Дьааҥы дьонун төрүт аһын быыстапка-дьаарбаҥката ураты көстүүнэн буолуоҕа. Дьааҥы сахаларын дириҥ ис хоһоонноох баай култуурата, үгэһэ, таҥаһа барыта сылгыны кытта ыкса ситимнээх. Онон, ыалдьыттарбыт хоту сир олохтоохторо хайдах курдук Дьааҥы маҥан атын өрө тутан кэлбиттэрин көрүөхтэрэ.
-- Хаһан да буоларын курдук, тэрээһин сүрүн киэргэлинэн “Сылгыhыт күрэҕэ” итиэннэ ат сүүрдүүтэ көрөөччү улахан болҕомтотун тардыаҕа...
-- Аҕыс улуус ааттаах сылгыһыттара күөн көрсүһэн, уҥа-хаҥас түсүhүүлээх сытыы киирсии буолуоҕа. Маннык түгэннэргэ ханнык баҕарар киһи санаа атастаһар идэлээх. Сылгыhыт сылгыһыттыын көрсүһүүтэ эмиэ ураты сиэр-туом. Араас улуус сылгыһыттара бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсүһэн дуоһуйа кэпсэтиэхтэрэ. Төгүрүк остуол тула олорон санаа атастаhан уопуттарын үллэстиэхтэрэ.Маны таһынан, сылгыһыттар хотугу сиргэ бастакы улахан Түһүлгэлэрин улуус талааннаах ырыаhыттара, үҥкүүhүттэрэ өссө тупсаран, киэргэтэн умнуллубат түгэннэри бэлэх уунуохтара.
-- Кырдьык даҕаны, сылгыһыттары уруйдуур-айхаллыыр ураты тэрээһин ыытыллаары турар эбит. Быйылгы "Сылгыһыт күрэҕин" кыайыылааҕын туох бириис күүтэрэ элбэх киһини долгутар...
-- Кыайыылаахтар 2 мөлүйүөн солкуобайдаах анал сертификатынан наҕараадаланыахтара. Онтон иккис - үһүс миэстэҕэ тикситбит хамаандалар “УАЗ” бортобуой массыына уонна “Буран” снегоход күлүүһүн тутуохтара.
-- Владислав Михайлович, сиhилии кэпсээниҥ иhин улахан махтал. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыhыт күнэ ытык Дьааҥы сиригэр үрдүк таһымҥа тэрээһиннээхтик ыытыллыа диэн эрэнэбин.
Альбина ПАВЛОВА
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0