Саҥа раздел «Аҕа дойдуну көмүскэччилэри өйүүр миэрэлэр» («Меры поддержки для защитников Отечества») диэн ааттанар. Онно маннык иһитиннэриилэри булуохха сөп:
-- байыаннай дьайыы бэтэрээнигэр көрүллэр чэпчэтиилэр;
-- босхо эми-тому ылыы, реабилитацияны ааһыы, психологическай уонна паллиативнай көмө;
-- санаторийга путевканы туһаныы;
-- өлбүт байыаннай дьайыы кыттыылааҕар дастабырыанньаны оҥотторуу;
-- эми-тому биэрбэт түгэннэрин быһаарыы;
-- реабилитация тиэхиньиичэскэй сириэстибэлэрин ылыы;
-- үөрэххэ уонна үлэҕэ киирэргэ көмө.
Маны таһынан Сыыппараҕа, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтэ уонна «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда «Госуслуги» порталга «Макс» диэн роботка сыһырыаллыбыт чат-боту үлэҕэ киллэрдилэр. Чат-бот пуонда үлэтин туһунан сиһилии кэпсиэҕэ уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, кинилэр аймахтарын ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Билигин олоххо киирбит баар бары өйөбүллэри туһаныы бэрээдэгин сыппараҕа көһөрүү үлэтэ ыытыллар.
--
Хаартыска: pnp.ru
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0