СӨ Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээһиҥҥэ судаарыстыбаннай управлениетын салайааччыта Павел Аргунов иһитиннэрэринэн, бу ыйытыы хоруйа ититии ситимин радиатора элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэ бас билиитин көрүҥүттэн уонна уларытыы биричиинэтиттэн тутулуктаах.
Өскөтүн кыбартыыра хаһаайына бүтүн радиаторы, үчүгэй көстүүлээх буоллун эрэ диэн, саҥаҕа уларытар буоллаҕына, бэйэтэ төлүүр. Үлэлээбэт эбэтэр аһара эргэрбит радиаторы (маны булгуччу управляющай хампаанньаҕытыгар этиэхтээххит) босхо уларытыахтарын сөп. Ол эрэн, кыбарыыра иһигэр баар радиатор араарар анал тэриллэрэ уонна узела (байпас) суох буолуохтаах. Оннук радиатордар эрэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ бас билээччилэрин уопсай баайдара-дуоллара буолар.
«Управляющай хампаанньа радиатордары хаарбах туруктаах эрэ буоллахтарына уларытар. Мантан атын түгэннэргэ батареяны кыбартыыра хаһаайына бэйэтин суотугар уларытар», - диэн Павел Аргунов чопчулуур.
Управляющай хампаанньа кыбартыыра иһигэр транзитнай коммуникациялары таарыйар өрөмүөн ыытыытыгар олохтоохтору булгуччул эрдэттэн сэрэтиэхтээх. Бу үлэлэри хааччыйар тэрилтэ бэйэтэ ыытара ордук. Оччотугар саахал тахсар түгэнигэр, итии уонна тымныы уу, ититэр ситим өрөмүөнүн тэрилтэ бэйэтэ сүгэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0