Бу бэлиэ түгэҥҥэ биир идэлээхтэрин ыҥыран, кулун тутар 21-22 күннэригэр бэртээхэй бырагыраамалаах тэрээһиҥҥэ сырытыннардылар.
Тыҥ хатыыта уһуктан, халлаан суһуктуйуута куораттан турунан, күнү көрсө айаннаан, Чурапчыга диэри аспаал суолунан начаас элэҥнэтэн, ытык Таатта кыраныыссатыгар сарсыарда 9 чааска ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа муһуннубут. Ыалдьыттары тыаралаһар уруйдуу көрүстүлэр.
Кыйыга тохтоон, Өксөкүлээх Өлөксөй оҕо сааһа манна ааспытын туоһулаан, пааматынньыктаах искибиэр оҥорторбуттарын кэрэхсии көрөн, сүдү киһибит мэҥэ бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтө ууран, сүгүрүйэн аастыбыт.
Чөркөөх биһигини куолакал тыаһынан көрүстэ. Онуоха суруналыыстар, бэйэбитигэр чугаһатан, Герцен 1857 сыллаахха таһаарбыт «Колокол» диэн бастакы революционнай хаһыатын саныы биэрдибит. Чахчыта да, сурук-бичик таҥара дьиэтиттэн тарҕаммыта, кырдьыга да, сонун-илдьит чуораан чугдаарарын тэҥэ дуорааннаах, ыраахха иһиллэр уратылаах.
Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай комплекс дириэктэрэ Михаил Протодьяконов түмэл тэриллибит устуоруйатын билиһиннэрдэ:
– 1977 сыллаахха Суорун Омоллоон бу кураанах сиргэ политсыылынайдарга анаммыт түмэли, судаарыстыбаттан биир да үбү-харчыны ылбакка, норуот сомоҕо күүһүнэн тэрийбитэ. Бу сахалар үөрэх-билии тарҕаныытыгар сүҥкэн өҥөлөөх судаарыскайдарбытыгар махталбыт бэлиэтэ буолар. Матырыйаалынай баайбытын тутан хааламмыт, билигин былыргы малы-салы, тэрили, таҥаһы-сабы үөрэтэн-чинчийэн, төһөлөөх элбэх уустаах, иистэнньэрдээх буоллубутуй?
Ити тыллары бигэргэтэн, норуот маастара, хара ииһи сөргүппүт Изабелла Элякова Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын таҥаһын үтүгүннэрэн тикпит кэллиэксийэтиттэн тирии-түү кэмпилиэктэрин кэппит аттаах дьон аара айаммытын арыаллаабыттара – сонун көстүү этэ.
Бу түмэлгэ уһуннук үлэлээбит Изабелла Жерготова 1912 сыллаахха аанын аспыт Ньукуола таҥаратын дьиэтэ «в целях исцеления императора» диэн куоһур тыллаах буолан, синод көҥүлүн уонна өйөбүлүн ылан тутуллубутун кэпсээтэ.
Тааттаҕа политсыылынай Всеволод Ионов 1893 сыллаахха аспыт оскуолатыгар киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Лидия Аргунова Өксөкүлээх «Сайын кэлиитэ» поэматынан туруорбут тифло-испэктээгин баайыылаах харахтаах туран иһиттибит.
Салгыы Муҥха Дэлбэрийбит алааска тиийэн, Ойуунускай олорбут балаҕанын, Маппыайабыс учууталга үөрэммит оскуолатын көрдүбүт. Манна Ил Түмэн дьокутааттара Виктор Лебедев Ойуунускай балаҕанын өрөмүөннэппит уонна Таатта үрэҕи туоруур күргэни туттарбыт, оттон иккис дьокутаат Прокопий Рахлеев сынньанар сири оҥорторбут.
Ыалдьыттарга Чөркөөх норуодунай тыйаатырын артыыстара уонна үөрэнээччилэр Ойуунускай айымньыларыттан уонна киниэхэ анабыл хоһооннору аахтылар.
Улуус баһылыга Айаал Бурцевтыын көрсүһүүгэ Манчаары оонньууларын сырдатыы, Тааттаҕа туризмы сайыннарыы, суруйааччылары үйэтитии боппуруостарын көтөхтүлэр, суруналыыстар санааларын эттилэр.
Алампа «Тыл сытыйбат, сыттаммат, сурук сууйуллубат, суодайбат» диэн этиитинэн тосхолломмут сэминээргэ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр Галина Им, Маргарита Егорова, Ольга Макарова уонна идэтийбит суруналыыс Анисия Иевлева маастар-кылаастары ыыттылар.
Өрөгөйдөөх чааһыгар араас кэмҥэ үлэлээбит эрэдээктэрдэр – Ольга Корякина-Умсуура, Семен Неустроев уонна Анна Посельская – үһүөн тахсан тыл эттилэр.
«Таатта» хаһыат урукку тутулун, үгэһин, уратытын сүтэрбэккэ тутан кэлбит буолан, кэм ситимин бигэргэтэр тэрээһиҥҥэ олорон, үлэлээн ааспыт үтүөкэн дьоннорун: Н.П. Голиковы, Д.Н. Павловы, А.А. Морхоеваны, Е.Г. Шаринаны уо.д.а. аҕыннылар. Эрэдээксийэнэн сүбэлэһэн баран, саамай үлэлиир үгэнигэр сылдьан, эдэр сааһыгар олус хомолтолоохтук барбыт Николай Филатов аатынан бириэмийэни олохтуурга быһаарбыттар. Бастакынан бу бириэмийэни ылар чиэскэ Уус Алдан «Мүрү саһарҕата» хаһыатын суруналыыһа Афанасий Копырин тигистэ.
Хаһыаты, сурунаалы таһынан, эрэдээксийэ дьоһуннаах кинигэлэри бэлэмнээн таһаарара хайҕаллаах. Маннык киэҥ далааһыннаах үлэни кыайа-хото тутар Анна Посельскаяҕа улуус баһылыга А.С. Бурцев «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» III степеннээх бэлиэни туттаран, толору кавалер буолла. Итини сэргэ А.К. Посельская СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин, оттон хаһыакка өрүү суруйар уонна көмөлөһөр дьон тустаах биэдэмистибэлэртэн Махтал суруктары туттулар.
Бачча Тааттаҕа кэлбиччэ, суруналыыстар Баайаҕаҕа баран, Мандар Уустуун көрсөн, духуобунай эйгэлэрэ өссө байан, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥаан, үбүлүөйтэн астынан тарҕастылар.
Анисия ИЕВЛЕВА, суруналыыс, Национальнай бибилэтиэкэ
Галина Бочкарева хаартыскалара.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0