Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

«Тыйаатырдар кэлэллэр үһү» диэн сураҕы ый анараа өттүгэр истиэхпиттэн, хайдах эрэ сыттык анныгар кэмпиэтин кистээн баран хаһан сиирин кэтэһэ сылдьар оҕо туругар түспүтүм.

«Тыйаатырдар кэлэллэр үһү» диэн сураҕы ый анараа өттүгэр истиэхпиттэн, хайдах эрэ сыттык анныгар кэмпиэтин кистээн баран хаһан сиирин кэтэһэ сылдьар оҕо туругар түспүтүм.

Дьэ, испиэктээх буолар күнэ үүннэ. Артыыстар эбиэт саҕана Кыйыга «ПАЗ»-ик оптуобуһунан айаннатан кэлэн, кулууп айаҕар астаран кэбистилэр. Үөрүйэх дьон быһыытынан, сып-сап малларын-салларын таһа охсон, кулууп хосторун утуйарга, аһыырга анаан, хоп курдук оҥоһуннулар.

Маҥнайгы күн Карел Чапек «Ийэ» драматын көрдөрдүлэр. Сүрүн оруолу Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Зоя  Багынанова толордо. Драмаҕа төһө да Испанияҕа буола турар гражданскай сэрии ойууланнар, хас биирдии киһи дууһатын кылын таарыйар Ийэ оҕолоругар таптала, дууһа мөккүөрэ көстөр. Хара саҕаланыаҕыттан дьоруойдары кытта биир долгуҥҥа киирэн, эр киһи -- дьахтар, Ийэ -- оҕо сыһыанын көрдөрөр кэпсэтиилэри бэйэбит олохпутугар, билигин тулабытыгар буола турар түгэҥҥэ сыһыары тутан көрдүбүт.

а_-_5.jpeg

Иккис күн Таатта улууһун олохтоохторугар анаан талыллыбыт, улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай айымньыларыттан таҥыллыбыт «Оҕоҕо баҕарбыт» испиэктээҕи көрдүбүт. Бу испиэктээҕи тыйаатыр сыанатыгар көрдөрүөхтэрин иннинэ, Таатта олохтоохторугар сүрэхтээбиттэрэ ураты суолталаах. Тус бэйэм, испиэктээх туруоруутун олус сэргээтим.

гп-_5.jpeg

Былатыан  Ойуунускай айар-тутар үлэтэ көстөрүн быыһыгар, айымньыларын дьоруойдара бөрүө анныттан тиллэн тахсан тэҥҥэ хаамсан, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан, бары биир ситимҥэ тиһиллэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрдилэр. Тыйаатыр бары көлүөнэ артыыстара кыттан, режиссер Руслан Тараховскай толкуйдаабыт торумун толору арыйдылар.

гп_-_4.jpeg

Артыыстар тустаах үлэлэриттэн быыс булан, олунньу 26 күнүгэр алтыс төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тыыннаах тыл» ааҕыы күрэһигэр кыттыыны ыллылар. Ол курдук, күрэс арыллыытыгар артыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Матрена Христофорова ураты иэйиилээхтик хоһоон ааҕан, эдэр артыыс Нарыйа Колесова Алампа «Таптал» драматыттан Кэтириис ырыатын ыллаан оҕо да, улахан да дьон дууһатын таарыйдылар.

а-_6.jpeg

Тыйаатыр труппатын салайааччы артыыс Илья Стручков дьүүллүүр сүбэ састаабыгар киирэн, оҕолор ааҕыыларын барытын истэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитигэр барҕа махталлаахпыт. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха академическай тыйаатыра «Тыыннаах тыл» күрэскэ алтыс төгүлүн тэрийсээччи быһыытынан үлэлэһэр, үлэбитин өрүү өйүүр сүрүн партнербут буолар.

конк_-_1.jpeg

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар – Эрэл, Итэҕэл, Таптал сыллара биллэриллэн, «Тыыннаах тыл» күрэспит онно ананна. Ону сэргэ, эмиэ бу хамсааһын чэрчитинэн тыйаатыр артыыстара М.Н.Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын, ону сэргэ коррекционнай интэринээт-оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр. Атах тэпсэн олорон артыыс идэтин уратытын, сыанаҕа көстөр охсуһуу түгэннэрин кистэлэҥин, испиэктээххэ туттуллар мал-сал туһунан сиһилии кэпсээтилэр.

к-_5.jpeg

Гример Айталаана Сергеева бу күн көрсүһүүгэ кэлбит оҕолортон үс уолу талан ылан, сонно тута көрдөрөн туран гримнээтэ.

грим_3.jpeg

Өссө эбии уобарастарыгар сөп түбэһэр гына таҥыннаран, уолаттарбыт Таатта улууһун киэн туттар улуу убайдара Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Алампа буолан тахсан кэлбиттэрэ соһуччу көстүү буолла.

кон_-_3.jpeg

Тыйаатыр эйгэтигэр уһуйаан иитиллээччилэрэ эмиэ кыттыстылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Зоя Багынанова бэйэтин кытта илдьэ сылдьар куукулаларынаан уһуйааҥҥа ыалдьыттаата. Оҕолор бу күн артыыстары кытта ыкса алтыһан, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн, олохторугар биир умнуллубат күн ааста.

а-_5.jpeg

Култуура дьоно олохтоох түмэли эмиэ тумнубатылар. Лука Турнин аатынан түмэл салайааччыта Светлана Собакина тэрээһининэн, артыыстар кыраайы үөрэтээччилэри кытта көрүстүлэр. Зоя Багынанова саха тыйаатырын сыанатыгар турбут Иван Гоголев суруйбут «Кэрэ көмүскэлэ» драма туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Ол драмаҕа оонньообут эдэр артыыстар Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, оччолорго театральнай училищеҕа үөрэнэ сылдьыбыт Пелагея Борисова төрөппүт кыыһын Полина Моттуеваны кытары көрсөн, ийэтин туһунан ахтыытын сэргээн иһиттилэр. Көрсүһүү кэнниттэн артыыстар улуу Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт искибиэри тиийэн көрдүлэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.

а-_8.jpeg

Тыйаатыр салҕыы кыраапык быһыытынан Таатта улууһун нэһилиэктэринэн айанныыр, кулун тутар 18 күнүгэр диэри талыы-талба Таатта сиригэр ыалдьыттыыр. Онон биир дойдулаахтарбытыгар, маннык бүтүн тыйаатыр көһөн кэлэн, тыа дьонугар анаан испиэктээхтэри көрдөрөрүн мүлчү тутумаҥ, хайаан даҕаны сылдьыҥ, көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын. Бары артыыстарга ытыһым дохсун тыаһын аныыбын, талба талааҥҥытыгар сүгүрүйэбин, күннээҕи түбүктээх олохпутун сэргэхситэн, долгуйуу, уйадыйыы, үөрүү иэйиитин бэлэхтээбиккитигэр махтанабын.

Бэйэм буоллар, били сыттыгым анныгар кистээбит кэмпиэппин аргыый дуоһуйа амсайан, минньигэс амтана билигин даҕаны биллэр диэхпин баҕарабын...

Галина Полускина, «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением