Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Муҥха -- саха омук мындыр өйүнэн айан таһаарбыт, Сибиир атын ханнык атын омугар суох, мууһу аннынан балыктааһын биир ньымата буолар. Устар уһун үйэлэр усталарыгар чочуллубут дириҥ үгэс.

Муҥха -- саха омук мындыр өйүнэн айан таһаарбыт, Сибиир атын ханнык атын омугар суох, мууһу аннынан балыктааһын биир ньымата буолар. Устар уһун үйэлэр усталарыгар чочуллубут дириҥ үгэс.

Өбүгэ сиэрэ-туома

Былыр ханна, хаһан муҥха тэриллэрин эрдэттэн истиһэннэр, ыраах сирдэртэн атынан айаннаан, хонуктуу сылдьан, бултаан, кыстыыр аһы-үөлү хааччынар уонна сынньанар, эмиэ ыһыах курдук, дьон мустар улахан түһүлгэтэ буолара диэн сэһэннэргэ кэпсэнэр. Дьэ онно үһү кыһыҥҥы оһуокай ааттааҕа, хаарга тустуу, быһыйдар сүүрүүлэрэ, хатыыска, эдэр дьон билсиһиилэрэ, ыал буолуулара. Муҥха иннинэ эбэлэрин иччитигэр көмүс хатырыктааҕынан күндүлүүрүгэр көрдөһөннөр, Байанайга уонна күөл иччитигэр Күөх Боллойго саха мааны астарынан айах туталлара. Муҥха тэрээһинин уонна кытаанах ирдэбиллэрин сиэрин-туомун булгуччулаахтык тутуһаллара.

Байанайы дэлэҕэ үөрүнньэҥ уонна өһүргэс диэхтэрэ дуо, кини ирдиир сиэрин-туомун кэстэххэ, кэлэйэн киэр хайыһан, ытыс сотуннаран ыытыаҕа. Холобур, муҥхаҕа «кирдээх» (өлбүттээх эбэтэр киһи көмүүтүгэр сылдьыбыт) дьон баар буоллахтарына, Байанай балыгын киритэн, бултаппат. Кирдээх киһи 40 хонук устатыгар эбэтэр саҥа ый тахсыар диэри ыраастаныахтаах. Өссө өлбүт киһини күөлүнэн туораттахха, эбэ өр кэмҥэ балыктаппат диэн эмиэ баар. Дьахталларга туһааннаах булка бобуулар эмиэ балаччалар. Ол курдук, дьахтар муҥха тэрилин атыллаан ааһыа суохтаах, ыйдааҕыта кэлэ сылдьар дьахтар муҥхаҕа сылдьыа суохтаах, түүн көрсүүнү кытары сылдьыһыа суохтаах уо.д.а. «Кырдьаҕаһы» бултаабыт, эһэкээн этин сиэбит киһи муҥхаҕа сылдьарын Байанай сөбүлээбэт. Муҥхалыах иннинэ, мээнэ киһиргээн чабыланар, муҥха кэмигэр итирэр-кутурар, айдаарар төрүт табыллыбат, балык ханнар диэн буолар.

Мунха_--_1.jpg

Муҥханы тэрийээччи

Күөллэри, балык сырыытын үчүгэйдик билэр уонна сиэри-туому тутуһуннарар, дьоҥҥо ытыктанар киһи муҥханы тэрийэрэ. Кини бэйэтин идэтин салгыыр киһитин эрдэттэн бэлэмниир эбит. Муҥхалыы кэлбит дьон бултуйан үөрэн-көтөн биитэр ытыһын соттон, аччык хоочугураан тиийэрэ киниттэн тутулуктаах буоллаҕа. Муҥхаҕа кини дьаһала муҥхаһыттарга халбаҥнаабат сокуон. Муҥха бэрээдэктээхтик бардаҕына, соччонон үлэ быыстала суох толоруллан, муҥха сырыыта сыыдамсыйан, Байанай онтон үөрэн-көтөн, көмүс хатырыктааҕынан өлгөмнүк хааччыйар. Онтон дьаһалы истибэккэ, арыгылаан үлэлэспэккэ, массыынаҕа саһан олорон баран, балык тахсарын саҕана күөрэйэр дьону ким сөбүлүөй? Аны балык былдьаһан охсуһуулаах, ойбоҥҥо түһүүлээх муҥхалартан Байанай эмиэ киэр хайыһар.

Оттон сиэри-туому тутуһан, сүүһүнэн муҥхаһыты сатаан сааһылаан, өссө былыргы муҥхалар курдук, алҕатан, оонньотон-көрүлэтэн, күрэхтэһиннэрэн тэриллэр муҥханы дьон-сэргэ: “Байанайдаах, үчүгэй сырыылаах муҥха”, -- дииллэр. Маннык муҥханы чахчы улахан тэрээһиннээх, талааннаах эрэ киһи кыайа-хото тутан ыытар. Оннук киһини былыр сүрдээҕин өрө туталлара. Чахчыта даҕаны ас кээмэйдээх кэмигэр, муҥха соботугар тииһинии кыстык аһылыгы хааччыныы буоллаҕа.

Сылгыһыт, булчут, балыксыт

Мин Маар Күөлгэ Дьууруй Федоров быраата Бааскалыын тэрийэр муҥхаларыгар сөбүлээн сылдьабын. Бултуйуу араас буолар эрээри, хаһан да эбэттэн мэлийэн тахсыбыппытын өйдөөбөппүн. Ол төрүөтэ – Бүөдэрэптэр муҥханы сиэри-туому тутуһан уонна сүүһүнэн дьону тупсаҕайдык салайан ыыталлара буолар.

Дьууруй – Дьөһөгөй оҕотун иитиигэ үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, уордьанынан наҕараадаламмыт аҕатын батан сылгыһыт, эһэтэ Бүөтүртэн үөрэнэн Байанайдаах булчут, өр сылларга нэһилиэги собонон аһаппыт Миитэрэй Уйбаныаптан уһуйуллан, улуу муҥхаһыт. Ат баайааччы ааттааҕа, «Тойбохой» сопхуоһу ат сүүрүүтүгэр кини аатырдара. Эбиитин тарбаҕар талааннаах буолан, маһынан киһи хараҕа туолар кэрэ көстүүлээх тутуулары оҥортообута кэпсээҥҥэ кэпсэнэр. Билигин кэргэнэ Ириналыын сүөһү ииттэн, эти-үүтү дэлэтэр, нэһилиэк сис ыала буолаллар. Тоҕо итини эридьиэстиигин диир буоллахха, Дьууруй айылҕаҕа чугас, саха үгэстэригэр сыстаҕас уонна мындыр киһи буолан, муҥханы салайар эбит диэн толкуйга кэллим. Аны муҥханы хайдах тэрийэн ыытарын туһунан бэлиэтии көрбүт түгэннэрбин холобурдаан, атыттарга туһалаах буолаарай диэммин кэпсиэхпин баҕарабын.

Мунха_--_3.jpg

Сайылык Эбэ муҥхатыгар

Хас да сыллааҕыта Сайылык Эбэҕэ сүүһүнэн киһи кыттыылаах муҥханы Дьууруй быраата Бааскалыын тэрийбитэ. Күөлгэ киириэх иннинэ аал уолу отуннаран, Күөх Боллох уонна Байанай балыктарын хоточчу биэрэллэригэр анаан алгысчытын алгыс этитэн, саха мааны аһынан айах туттарбыта. Итиэннэ мустубут дьоҥҥо ханнык түбэлтэҕэ киһи “кирдээх” буоларын туһунан иһитиннэрэн баран, “кирдээхтэр” күөлгэ киирбэттэрин, муҥха тахсыар диэри муҥхаһыттар аһылыктарын бэлэмнииллэригэр эппитин кэннэ, “кирдээх” дьон уоскуйаннар, ол үлэлэри толорбутунан барбыттара. Дьууруй оскуола оҕолорун муҥха үөрэҕэр, ол иһигэр ойбоннору, чардааты алларарга, муҥханы түһэрэргэ уо.д.а. эрдэттэн үөрэппит буолан, оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна эдэр ыччаттар орун-оннуларын булан, сэлээннэһиитэ суох көхтөөхтүк үлэлээбитинэн барбыттара. Биһиги кинилэргэ көмөлөспүппүт. Онон Эбэ иһэ барыта биир улахан сүүрээни хамсатар сүүнэ миэлиҥсэ үлэлээн барбытын курдук буолбута. Туһугар кэрэ көстүү этэ! Ким да массыынаҕа саһан олорботоҕо, кэлбит барыта күргүөмнээх тэрээһиҥҥэ кыттыбыта.

Дьууруй кытылга улахан иһиттэргэ чэй оргуттарбыта, олгуйга эт миинин бэлэмнэппитэ. Онон, муҥханы түһэрэн баран, бары күөлтэн тахсан, итии аһылыгы аһаан, үөрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, күө дьаа бөҕө буолбуппут. Аһаат, муҥха уопсай үлэтигэр туруммуппут. Дьууруй анньыыһыттары уонна нырыыһыттары үллэртээн, 10-20 хаамыыны оҥоро-оҥоро саҥа ойбоннору аллартарбыта, нырыыһыттары онно көһөртөөбүтэ. Хамаанда бэриллээтин кытары, биһиги сэриигэ түһүнэр буойуттар курдук нырыыбыт маһын иннибит диэки тутаат, хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн тиийээт, ойбоннору булкуйан, тыаһаан-ууһаан ньиргиппиппит. Муҥха хостооһуна Бааска ирээтэ эбит этэ, киниэхэ кынат уолаттара сүүрэн тиийэннэр, илии-атах буолан барбыттара. Тоһуурга хаалбыттар нырыыларбытын күүскэ булкуйан, балыгы үүрэбит, балык куота сатыырын күөйэбит. Оо, Эбэбит дьэ биэрдэ эбээт! Муҥха ийэтин айаҕар балык өрүтэ мөхсөр тыаһа бэйэтэ кэрэ ырыа буолан иһиллэр!

Балыгы сүүһүнэн киһиэхэ үллэрии эппиэттээх түгэнэ үүнэр. Дьууруй бастаан муҥха тахсар сирин аттыгар хаар күртэрдэ, онно балыгы хостоон мустарда, онтон кууллатта. Куул ахсаанын ааҕан, суоттуу охсон, бастаан анньыыһыттарга уонна үлэлээбит уолаттарга туспа өлүүлээтэ. Балык кэлбит кэмигэр анньыыһыттар кырата иккилии куул собону ылар буоланнар, Дьууруй муҥхатыгар дьоллоох киһи анньыыһыттыыр. Нырыыһыттарга эмиэ балык кэлиитинэн көрөн биэрдэ, бэйэтэ олохтообут үгэһиттэн бу да сырыыга туораабата – олохтоох оскуолаҕа анаан ирээттээтэ. Онтон дьэ биһиги ыллыбыт.

Ити сыл Төгүрүөҥҥэ буолбут муҥхаҕа 150 киһи сылдьыбыта, үс муҥха түспүтэ. Онно Дьууруй балыгы үллэстии иннинэ, оскуола оҕолоругар уонна эдэр уолаттарга хапсаҕай күрэхтэһиитин тэрийбитэ. Бириискэ уллуҥах саҕа улахан соболору туруортаабыта. Дьууруй итинник, сахалыы сиэри-туому тутуһан, көхтөөхтүк уонна бэрээдэктээхтик тэрийэр буолан, кини муҥхатыгар дьон-сэргэ күргүөмнээхтик, өссө атын нэһилиэктэртэн тиийэ кэлэр идэлээхтэр.

Коронавирус пандемиянан сибээстээн, билигин элбэх киһилээх муҥхалар ыытыллыбаттар. Былырыын хааччахтааһын олохтоммута. Оттон быйыл нэһилиэктэр сүүрбэччэлии киһилээх дьоҕус муҥхалары тэрийэллэр, онуоха собону бастатан туран кырдьаҕастарга уонна аҥардас ийэлээх ыалларга биэрэллэрин туһунан дьон-сэргэ махтана кэпсиирэ иһиллэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29