2012 сыллаахтан Таатта улууһугар, үһүс болдьоҕун быыбарданан, бар дьонун итэҕэлин ылан, норуот санаатын уонна былаас туруорар соруктарын тэҥҥэ дьүөрэлээн, сайдыы аартыктарын мындырдык тобулар салайааччынан Валентин Охотин буолар. Кини улуус дьокутааттарын сэбиэтин былааһы норуокка чугаhатар, онтон нэhилиэнньэни сайдыыга көҕүлүүр сүрүн күүс быhыытынан сыаналыыр.
Дьокутаат ситими олохтуур, үлэтигэр ортотун, тоҕоостооҕун табан, дьонугар-сэргэтигэр туhалыыр анааллааҕын бэлиэтиир. Маныаха дьаhалтаны, тэрилтэлэри аҥаардастыы кириитикэлээбэккэ, барыларын кытта оттомноох уонна ис хоhоонноох сыһыаҥҥа киирэн, айымньылаах үлэҕэ сирдиэхтээх. Мөккүһүү, аһаҕас кэпсэтии да тахсар түгэнигэр, дьон эрэ интэриэһин көмүскүөхтээҕин, ханнык да түгэҥҥэ хабыр хапсыһыыга тиэрдибэккэ, үтүө түмүктэри ситиһэргэ дьулуһуохтааҕын сүрүн санаа быһыытынан этэр.
Валентин Андреевиһы кытта сэһэргэһэ олорон, кини олоҕун кэрчиктэригэр уонна дьоһуннаах үлэтин тоҕойдоругар болҕойон, «Салайааччы киһиэхэ ситиһии төрдө туохханый?» диэн бэйэбэр ыйытыы биэрэн хоруйдаатахпына маннык. Норуот санаатын үктэл оҥостон турууластахха, барыга-бары харыстабыллаахтык сыһыаннастахха, кыраҕа да кыһанан, үгүһү үмүрүтэн да баран, улуутумсуйбакка, сиэрдээхтик сырыттахха уонна сүбэни холбоон, тутуспутунан сыал-сорук туруоруннахха, үтүө түмүктэр кэлэллэрин бигэтик өйдүүгүн.
Бигэ тирэхтээх буолан
– Валентин Андреевич, бэрэстэбиитэллээх уорганы салайар үөрүйэхтэрин уонна уратыларын туһунан кэпсэтиэххэ эрэ. Улууһу салайарга, дьон олоҕун тупсарарга дьокутааттар хайдах кыттыһаҕыт?
– Мин улуус мунньаҕын салайааччытын быһыытынан талыллан, суолбун солонорбор, үлэ ис хоһоонугар киирэрбэр өр сылларга Өймөкөөн улууһун баһылыгынан, Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит норуот дьокутаата Василий Местниковтыын уонна кини иннигэр ити хайысханы сүрүннээбит Дмитрий Гороховтыын чугастык алтыһан, аҕа табаарыс быһыытынан элбэхтик сүбэлэтэн-амалатан, өйөтөн турабын. Бастакы сылбытыгар түмсүүлээх буоларбытыгар уонна биир өйгө-санааҕа киирэрбитигэр, үлэбит хайысхатын, итиэннэ тугунан дьарыктаныахтаахпытын чопчулуурбутугар нэһилиэктэрбит уонна улууспут дьокутааттарын ыҥыран, ассоциация тэриммиппит. Уопсайа 100-тэн тахса киһини түмэн, араас боппуруостары дьүүллэспиппит. Маныаха аҕа табаарыстарбыттан устаап оҥорорго, дьону кытта алтыһарга, бэлиитикэни ыытарга үтүө уопуту сомсон хаалбыт дьоллоохпун. Кинилэргэ өрүү махталлаахпын... Онтон үлэбит ис хоһоонун уратытыгар болҕойдоххо: уопсайынан, былаас уонна норуот икки ардыгар биир тэҥ сыһыан буолбат. Нэһилиэнньэ өттүттэн хайаан даҕаны сөптөөх кириитикэ баар буолуохтаах. Мөккүөр, хардарыта дьайсыы суох буоллаҕына, былаас күннээҕи кыһалҕаттан тэйэр кутталлаах. Ол эрэн кириитикэ итэҕэтиилээх уонна ылыннарыылаах буолуохтаах. Киһи толкуйдаан, ырытан көрөн баран саҥарыахтаах. Тута этиилэри, боппуруоһу быһаарар көдьүүстээх ньымалары күөрэттэҕинэ, дьэ, хамсааһын тахсыан сөп. Бу алтыһыыны, бэйэни ситэрсэр дьайыыны барытын дьокутаат хараҕын далыгар киллэрэн, хонтуруолга тутан олоруохтаах. Ол аата дьокутааттар сэбиэттэрэ аҥаардастыы былаас уорганын, биитэр толору нэһилиэнньэни эрэ өйөөн барбакка, ортотун тутуһан хардыылыахтаах.
Наар хонтуораҕа эрэ олорбокко
– Нэһилиэнньэ кыһалҕатыгар, биирдиилэн дьон көрдөһүүтүгэр ханнык быһаарыныылары ылаҕытый? Нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ үтүө уопут диэн тугу бэлиэтиэҥ этэй?
– Үс, түөрт дьокутааты ылан, хамыыһыйа тэринэн, нэһилиэктэргэ сылдьабыт. Ол тиийэн, олохтоох бэйэни салайыныы дьокутааттарын, баһылыгы кытта көрсөбүн. Нэһилиэк көхтөөх дьонун, лиидэрдэрин санааларын истэбин. Үксүн күһүҥҥү уонна сааскы кэмҥэ айанныыбыт. Ол эрээри хааччахтааһын буолан, икки сыл олорон хааллыбыт. Кэпсииллэринэн дьоммут суохтаабыттар, хаһан кэлэрбитин күүтэ аҕай сылдьаллар үһү. Дьэ, сырыы ахсын: «Биһиги эһиэхэ көмөлөһө кэллибит», – диэбитинэн тиийэбит. Дьон санаатын-оноотун истэн, этиилэрин боротокуоллаан, бүддьүөт ааҕыытыгар туруорсабыт. Биллэн турар, бэйэбит улууспут дохуотун таһынан хайысхаларынан өрөспүүбүлүкэттэн дотация ылабыт. Дэлэй да харчы буолбатар, дьон этиитин хайаанда дьаһалтаҕа тиэрдэбит. Холобур, тустаах хайысхаҕа көрүллүбүт харчы нэһилиэктэрбит интэриэстэрин барытын хабар дуу, биитэр ордук хос тыырыллыбыт буоллаҕына, ону ылҕаан, эридьиэстээн, аттаран биэрэбит. Сороҕун уочараттатабыт. Ону барытын нэһилиэктэр баһылыктарыгар быһааран биэрэбит, өйдөтөбүт. Кыра да буоллар, дьон кыһалҕатын болҕомтоҕо ылан, бириэмэтигэр өйөбүл баар буоларын ситиһэ сатыыбыт. Оччоҕо бииирдэ нэһилиэнньэ дьокутаат наадатын, үлэтин суолтатын өйдүүр. Аны туран, эппит тылыгар турар буоллаххына, дьон бэйэтэ сыстан, эйгэлэһэн киирэн барар. Онтон улуус киинигэр муниципальнай тэриллии эрэ дьокутааттарын көрөн, наар хонтуораҕа олордоххуна, үлэ тахсыбат. Норуокка да өйдөммөт, дьайыыта да кыра буолар.
Нэһилиэнньэҕэ туһуламмыт үлэ
– Дьон ордук туохха кыһалҕатыйарый? Биирдиилээн холобурдарга тирэҕирэн, хайдах үлэлииргитин сиһилиэххэ эрэ.
– Муоста сууйааччы, ыанньыксыт, дириэктэр, быраас диэн дьону үлэнэн араарбаппын. Нэһилиэккэ таҕыстахпына, тэрилтэ салайааччыларын, актыбыыстары эрэ буолбакка, дьону барыларын ыҥыра сатыыбын. Илдьэ кэлбит дэлэгээссийэбин: дьокутааттары, управлениелар салайааччыларын батыһыннаран, пиэрмэҕэ көтөн түһэбин. Хаһан да хотону көрбөтөх курдук: «Һуу, һаа!» -- буолаллар. Ону мин: «Үлэ ис хоһоонугар, дьон эйгэтигэр киирбэт буоллаххытына, хайдах дьокутаат буолаҕыт?» – диибин. Тута миэстэтигэр олорон дуу, туран дуу мунньахтыыбыт, кэпсэтэбит. Ол аата тыа үлэһит дьонун үрдүктүк тутуу буолар. «Санааҕытын, этиилэргитин этиҥ», – диэн, биир-биир үлэһиттэргэ тыл биэрэбин. Оҕолор хайдах үөрэнэ сылдьалларын, нэһилиэккэ туох дьаһал, тэрээһин ыытылларын туоһулаһабын. Арай быһаарыыны ирдиир ыйытыы киирдэҕинэ, хамыыһыйа салайааччыларын суругунан хоруйдуулларын ирдиибин. Эбэтэр атын түгэҥҥэ болҕойуохха. Холобура, СХПК, пилорама курдуктар, үлэһиттэрин хамнаһын хойутаталлара бэлиэтэнээччи. Урукку өттүгэр харчыны үлүннэрээри, барыс киллэрээри эргитэн, ый бүтүүтэ хамнас аахсар кыахтара суох буолан хаалара. Маннык түгэҥҥэ миэстэтигэр тиийэн быһаарсабыт. Онтон сокуону кэһии түгэнэ баар дии санаатахпытына, уорганнарга сурук оҥоробут.
– Улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэйэтин иһигэр олоҕурбут үлэ истиилин, ситиһиллэр соруктарун туһунан кэпсэтиэххэ.
– Үлэлиир маҥнайгы сылбар улуус борокууратын кытта Сөбүлэҥ түһэрсибитим. Онно тирэҕирэн, улуус мунньаҕын сиэссийэтигэр киирэр докумуоннарыгар (дьокутааттар дуу, тэрилтэлэр дуу этиилэригэр) борокуратуура түмүгэ баар эрэ буоллаҕына салгыы көрүллэр. Ити барыта сыыһа, алҕас тахсан, сокуону кэспэт, дьону уган биэрбэт туһуттан. Дьокутааттар болҕомтобут киинигэр куруук элбэх оҕолоох төрөппүттэр уонна тиийиммэт-түгэммэт ыаллар киирэллэр. Хас биирдии дьон олоҕун уустук түгэннэрин ырытан, көмөнү тобуларга хамыыһыйа тэрийэбит. Кими лааҕырга ыытабыт, кимиэхэ үлэ буларыгар көмөлөһөбүт, сорох эмтэнэ барар-кэлэр айанын ороскуотун төлүүбүт. Эбэтэр аччыгый урбаан хайысхатыгар утумнаахтык үлэлиир уопуппутун бэлиэтиэххэ сөп. Бу хайысхаҕа төһө кыалларынан өйөбүл миэрэтин улаатыннара сатыыбыт. Маныаха 70-80%-нын эдэр дьоҥҥо уонна биисинэскэ сонун ньыманы тобулар аналлаах көрүҥнэргэ биэрэ сатыыбыт. Кырдьык, бары урбаанньыттар кылгас кэм иһигэр атахтарыгар тура охсубаттар. Онон бэриллибит харчыны хайдах туһаммыттарын кэтээн көрөр, салгыы үлэлэрин, түмүктэрин сыныйан ырытар эмиэ эбээһинэстээхпит.
Баары сыаналыы үөрэниэхтээхпит
– Дьон өйүн-санаатын уонна уопсастыба настырыанньатын туһунан эттэххэ, ордук туохха болҕойуоҥ этэй? Уонна түмүккэ ыччакка туһаайан баҕа санааҥ.
– Дьон туруорсуутун, ордук кимнээх «итэҕэстээх» курдук сананаллар эбит диэн ырытан көрдөххө, үксүгэр үлэлээх, тыа сирин холугар орто баайыылаах дьон буолаллар. Тоҕо эрэ, кырдьык кыһалҕалаах, аһыыра да суох олорор киһи көрдөөбөт, үҥсэргээбэт ээ. Ол оннугар кинилэргэ кыратык да болҕомто уурдахха, көмөлөстөххө, наһаа үөрэллэр. Мин да бэйэм нэһилиэк уолабын. Наар тойон быһыытынан сылдьыбатаҕым. Сүөһү да көрбүтүм, ОДтКХ-ҕа хачыгаардаабытым, биригэдьиирдээбитим. Онон киһи бэйэтин өйө-санаата ситиититтэн, таһымыттан тутулуктаах дии саныыбын. Өрө барбакка, киһи сиэринэн сылдьыы баар буолуохтаах. Биллэн турар, тыа сиригэр үлэ миэстэтэ тахсыбатыттан, билиҥҥи олоххо сөптөөх сатабыл олохсуйбатаҕыттан дьарыга суох киһи элбээн иһэр. Ийэлэрин биэнсийэтигэр, оҕо босуобуйатыгар, эбэтэр аҥаардас дьахтар хамнаһыгар иитиллэн олорооччулар бааллар. Дэҥ-дэҥ холтууралыыллар даҕаны, харчыларын аахсаат, аһаан кэбиһэллэр. Онон билигин тыа дьонун дьарыктаах оҥорорго кыһалла сатыыбыт. Бэйэ дьоҕурунан уһанан, айан-тутан, үлэлээн-хамнаан, олоххо дьүккүөрдэрэ үөскүүрүгэр салайа сатыыбыт. Дьиҥэр, Арассыыйаҕа орто баайыылаах киһи олоҕун оҥосторугар, дьиэ кэргэн тэринэн, айымньылаахтык үлэлииригэр усулуобуйа баар. Босуобуйалар, өйөбүл миэрэлэрэ бииртэн биир көрүллэн иһэллэр. Онон ситиһиилээх уонна уйгулаах олоҕу тутарга эдэр киһи өйүн-санаатын сааһылаан, үөрэҕэр кыһаллыахтаах, сайда сатыахтаах уонна үлэһит буолуохтаах дии саныыбын.
– Валентин Андреевич, элбэҕи толкуйдатар уонна сахалыы истиҥ эйгэлээх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Тыа сирин кэскилин, дьоммут-сэргэбит туһугар соруктаах үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буоллун!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0