Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Нэдиэлэ бастакы күннэригэр Дьокуускайга үтүө үгэскэ кубулуйбут СӨ педагогтарын тохсунньутааҕы мунньаҕа ыытылынна.

Нэдиэлэ бастакы күннэригэр Дьокуускайга үтүө үгэскэ кубулуйбут СӨ педагогтарын тохсунньутааҕы мунньаҕа ыытылынна.

Мунньах маҥнайгы күнүгэр үөрэх үлэһиттэригэр СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирэ Ирина Любимова 2022 сыллааҕы отчуотун оҥордо. Ону тэҥэ Арассыыйатааҕы Педагог уонна уһуйааччы сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ-туома Саха тыйаатырыгар буолла. Саха тыйаатырыгар Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылын аһар үөрүүлээх тэрээһин РФ норуодунай учуутала, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт физикаҕа учуутала Виктор Потаповы чиэстээһинтэн саҕаланна. Кини билиҥҥэ диэри оҕолору үөрэтэр, билиигэ сирдиир.

мунньах copy

Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин Виктор Потаповка видеосибээһинэн тиэртэ: «Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сыла саҕаламмытынан бука барыгытын эҕэрдэлиибин. Бу сорук биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр күүстээх хамсааһыны таһаарыаҕа, үтүөкэн түмүктэри аҕалыаҕа диэн эрэнэбин. Билиини уонна киһи бастыҥ хаачыстыбаларын иҥэрэр дьиҥнээх педагогу, уһуйааччыны олоҕун суолугар көрсүбүт киһи — дьоллоох киһи. Мин бэйэбин биир оннук дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Бүгүн учууталбын, ытыктабыллаах Виктор Филиппович Потаповы уруйдуубун, үрдүк «РФ Норуодунай учуутала» ааты ылбытынан эҕэрдэлиибин. Кини былырыын дойду үрдүнэн маннык үрдүк наҕарааданы ылбыт соҕотох учуутал буолар».

Ил Дархан Виктор Филиппович сүүстэн тахса оҕоҕо бэйэтин билиитинэн киэҥ аартыгы арыйбытын туһунан эттэ. Ол курдук, «Туймаада» норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада солбуллубат тэрийээччитэ буолар. Бу сыл үөрэхтээһиҥҥэ саҥа ньымалары, сүүрээннэри киллэриэ диэн эрэнэрин биллэрдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолору уһуйууга үтүө холобур баарын бэлиэтээтэ уонна дойду киэҥ билиилээх дьиҥнээх патриоттарын иитэн таһаарыы биһиги барыбыт сорукпут буоларын чопчулаата. Бу инниттэн үөрэх хаачыстыбатын, педагогтар маастарыстыбаларын үрдэтии, уһуйуу уонна бастыҥ уопут сүҥкэн суолталаахтарын эттэ. Быйыл 36 бастыҥ педагог-уһуйааччыларга 100-түү тыһ. солк. суумалаах Ил Дархан анал бириэмийэтин олохтуур туһунан быһаарыы ылыммытын иһитиннэрдэ.

педагог

Санаттахха, бириэмийэ кыайыылаахтарын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муниципальнай оройуоннар уонна куораттар уокуруктарын олохтоохторо сүүмэрдиэхтэрэ. Кинилэр ааттара учуутал күнүгэр биллиэҕэ. Түмүгэр Виктор Потаповка «РФ Норуодунай учуутала» үрдүк наҕараадатынан СӨ Ил Дарханын дьаһалынан 1 мөл. солк. суумалаах бириэмийэни туттардылар. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева Виктор Потаповы бочуоттаах аат иҥэриллибитинэн истиҥник эҕэрдэлээтэ. Бу үрдүк аат кини учуутал, педагог, новатор быһыытынан ураты үтүөтүн бэлиэтэ буоларын туһунан эттэ. Ону тэҥэ биир кэлим эксээмэҥҥэ үөрэнээччилэри бэлэмнииригэр ураты көрдөрүүлээҕин бэлиэтээтэ. Ол курдук, кини үөрэппит 9 үөрэнээччитэ биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылбыттарын, физика биридимиэтигэр 11 үөрэнээччитэ дойду таһымнаах уонна норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадалар кыайыылаахтара, бастыҥ миэстэлээхтэрэ буолбуттарын ахтан ааста.

Виктор Потапов «Ленскай кыраай» физико-математическай пуорум, «Туймаада» норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола үөрэнээччилэригэр олимпиада, аан маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы өй оонньууларын маҥнайгы тэрийээччитэ буоларын санатта. Үөһээ Бүлүү кыракый Ороһу нэһилиэгэ саха норуотугар улуу суруйааччылары эрэ буолбакка, биллэр учууталлары иитэн таһаарбыта. Олор истэригэр СӨ үтүөлээх учуутала, Норуот үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа айымньылаах педагогика Академиятын академига, норуот педагогикатын ураты түмэлин научнай салайааччы-тэрийээччи Константин Чиряев буолар. Маны тэҥэ, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Потапов иитэн-үөрэтэн таһаарбыт үөрэнээччилэрин аҕынна. Кинилэр ортолоругар Ил Дархан Айсен Николаев, ону тэҥэ норуот дьокутааттара Юрий Николаев, Павел Ксенофонтов алтыс ыҥырыылаах парламеҥҥа норуот интэриэһин чиэстээхтик, кимиилээхтик көмүскүүллэрин эттэ. Инникитин даҕаны Виктор Филиппович билиитэ, уопута, академическай хайысхалаах үөрэтиитэ, идэтигэр бэриниилээх буолуута талааннаах үөрэнээччилэри бэлэмниэҕэ, оттон ол ыччат төрөөбүт дойдуларын сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрэ туруохтара диэн эрэнэрин эттэ.

Саха Сиригэр Педагог уонна уһуйааччы сылын үрдүк таһымнаахтыык бэлиэтииргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдэтээлэ, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлэмнэнии үлэ ааспыт сылтан саҕаламмытын, тэрээһиннэр былааннарын оҥорон бигэргэппиттэрин эттэ: «Кэлиҥҥи сылларга үөрэх хаачыстыбатын, педагог идэтин үрдэтиигэ өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһуннаах хардыы оҥоһулунна. Куоракка улахан үөрэх комплекстара, тыа сиригэр үөрэҕирии хаачыстыбатынан уонна хааччыллыытынан итэҕэһэ суох оскуолалар, оҕо уһуйааннара тутуллаллар. Национальнай бырайыак чэрчитинэн оскуолалары аныгы тэрилинэн хааччыйыы ыытыллар. Билигин биһиги сүрүн сорукпут – педагог идэтин таһымын уонна оруолун үрдэтии. Педагог уонна уһуйааччы сыла кинилэри социальнай уонна матырыйаалынай хааччыллыытын өттүнэн өйүүргэ, идэлэрин, ону тэҥэ маастарыстыбаларын үрдэтиигэ туһаайыллар. Итинэн сибээстээн, бастатан туран, педагогическай үлэһиттэргэ сыһыаннаах сокуон барыла оҥоһуллан бигэргэниэҕэ. СӨ Ил Дарханын бириэмийэтэ олохтонно, тустаах үрдүк наҕараада бэлиэтэ оҥоһулунна, «Саха Сирин педагога» бырайыак олоххо киириэҕэ».

Маны сэргэ, Саха Сиригэр Ил Дархан көҕүлээһининэн, орто үөрэх кыһаларыгар хапытаалынай өрөмүөн, толору хааччыллыылаах буолуу бырагыраамата олоххо киирэригэр былааннанары кэпсээтэ. Ол курдук, биэс сыл иһигэр 25 үөрэх тэрилтэтэ бу бырагырааманан саҥардыллыаҕа. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бастыҥ учууталы устудьуоннуу уонна билигин үлэлии сылдьар үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр учууталлара интэриэһи тардар ньымалары туһанан үөрэтэрин, хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаннааҕын бэлиэтээтилэр. Холобур, билигин үлэһит буола сылдьар выпускнига, киирии эксээмэнигэр билбэт формулата кэлбитин мунаахсыйан баран, 18 илиискэ бэйэтин көрүүлэрин суруйбутун туһунан кэпсээтэ. Маныаха кини үөрэнээччитин ыҥыран ылан, анал оскуолаҕа киллэттэрбит.

Виктор Потапов түмүк тылыгар бар дьоҥҥо баҕа санаатын эттэ: «Кэлэр көлүөнэ учууталлара биһигиттэн билиибитин-көрүүбүтүн ылалларыгар баҕарабын. Сүбэһит буоламмыт куһаҕаны этиэхпит суоҕа. Биһиги үөрэммит эйгэбит атын этэ, онон аныгы оҕолорго ол эйгэттэн бэрсиэхпитин баҕарабыт. Бу сыл Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэрилиннэ. Учуутал таһымын уонна оруолун улаатыннарыыга туһуланар. Маныаха хас биирдиибит, туох баар кыахпытын ууран туран, туруоруллубут соругу олоххо киллэрэргэ туруулаһыахтаахпыт. Туруоруллубут сыаллары ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Бу үтүө дьыалабытыгар ситиһиини эрэ баҕарабын», - диэн этэн туран, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сыла аһыллыбытынан биллэрдэ.

Уопуту тарҕатыы

Тохсунньутааҕы мунньах чэрчитинэн араас хабааннаах семинардар ыытылыннылар. Икки күн устата үөрэх үлэһиттэрэ салааларынан үөрэх хаачыстыбатыгар туһаайыллыбыт мунньахтарга кытыннылар. Үлэҕэ судаарыстыбаннай былаас уорганнара, үөрэх управлениеларын начаалынньыктара, педагогтар, иитээччилэр, билим үлэһиттэрэ, төрөппүттэр түмсүүлэрэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кытыннылар. Кинилэр үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга туһаайыллыбыт муниципальнай мэхэниисимнэри ырыттылар. Холобур, үөрэнээччилэр бэлэмнэрин хаачыстыбатын сыаналааһын систиэмэтин, үөрэнээччилэр идэ талалларыгар уонна инники суолларын тобулалларыгар кэпсэтиилэр бардылар. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар «Профессионалитет» федеральнай бырайыагынан саҥа үөрэтэр-көрдөрөр киин аһылынна. Орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр аспираннарга стратегическай сессия буолла, преподавателлар уонна салайааччылар ыытыллыбыт араас тэрээһиннэргэ билиилэрин хаҥаттылар. Виртуальнай методическай кабинет сүрэхтэннэ.

Манна үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара аттестация ааһалларыгар көмө ылыахтара. «Профессионалитет» иһинэн оҕону үөрэтии саҥа ньымаларын тобуллулар, биисинэс-бырайыактары ырыттылар. Киэҥ хабааннаах тэрээһин СӨ орто үөрэхтээһинин педагогическай үлэһиттэрин уонна устудьуоннар настаабынньыктарын өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумунан түмүктэннэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением