Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбата экономика биир бөдөҥ салаатынан буолар. Кириисис да кэмигэр тэтимнээхтик сайдар салаа буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйаҕа үүтү оҥоруу быдан үчүгэй көрдөрүүлээх диэн экспертэр сыаналыыллар.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы аҥардас атыы-эргиэн ээ буолбатах, бу бүтүн норуот доруобуйатын, дойду национальнай бырагырааматын тутар аналлаах.
Тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах исписэлиистэрин бэтэринээрдэри идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит! Үлэҕит сылаалаах, уустук. Эһиги баар буоллаҥҥыт, сүөһү-ас этэҥҥэ турар, дьон-сэргэ остуола толору астаах-үөллээх.
Петр Ефремов, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин бэтэринээрэ: "Үйэм тухары бэтэринээрдээн кэллим. Бэтэринээр үлэтэ өрөбүлэ суох. Тыа сиригэр сүөһү, сылгы, дьиэ сүөһүтэ көрүүнү-харайыыны ирдиир. Ферма сүөһүтүн ааһан, чааһынайдарга эмиэ сылдьабыт. Күнү-күннүктээн үлэлиирбит баар суол. Биллэн турар, барыларыгар көмөлөһөр эбээһинэстээхпит, ол да буоллар, илии тиийбэт буолааччы. Кэккэ ыарахаттары көрүстэрбит, үлэбин таптыыбын, тыа сиригэр саамай туһалаах үлэ буоларын киэн туттабын".
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0