Баччаларга оҕуруоту бэлэмнииргэ туох дьаһалы тэрийэр, ханнык култуура арассаадатын олордор туһунан биһиги ааҕааччыларбытыгар Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин олохтооҕо Агафья Тарасова маннык сүбэлиир.
Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх
Аһара эрдэ олордуллубут арассаада сырдык тиийбэтиттэн ыалдьар, ол элбэх сыранан көннөрүллэр, оттон хойутаабыттар биһиги кылгас сайыммытыгар кыайан сиппэккэ хаалаллар. Ити иһин ханнык баҕарар көрүҥү болдьохтоох кэмигэр итиэннэ инструкциятын тутуһан ыһар ордук.
Уһуннук ситэр култууралар бу ыйтан саҕалаан арассаадаланаллар:
оҕуруот аһыттан – дьэдьэн, биэрэс, баклажан, порей луук, эксибишен луук, сельдерей, биэрэс, помидор.
Сибэккилэртэн -- шток-роза, бегония, эустома, пеларгония, петуния, дельфиниум, лобелия, гвоздика.
Онон билигин күһүн арассаадаҕа бэлэмнээбит буоргутун таһырдьаттан киллэрэн ириэриҥ, арассааданы олордор иһиттэри (“Доширак” иһитин, пенопласт дьааһыктары, муоҕу, торфалаах таблетканы о.д.а.) чугаһатыҥ. Эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары тэрийэргэ марганцовканы, ампулалаах “НВ 100” убаҕас эми хааччыныҥ. Торфалаах таблетканы үлүннэрэн, икки гына аҥардаан туһаныахха сөп. Ону кэлин, үнүгэһи атын иһиккэ көһөрдөххө, куурдан-хатаран, бытарытан буорга эбиллэр.
Төһө өр харайылларый?
Үөрүйэх хаһаайкалар оҕуруот аһын да, сибэкки да сиэмэлэрин күһүҥҥү үүнүүттэн хомуйаллар. Онон кинилэртэн бэриһиннэрэр, мэнэйдэһэр ордук, итиэннэ бэйэ оҕуруотун үүнүүтүттэн сиэмэ ыларга үөрэнэр наада. Бэйэ үүнүүтүттэн ылыллыбыт сиэмэлэр сорохторо тута тахсар, сорохторо сыл аҥаарынан тыллаллар, ону үүммэтэ диэн быраҕар табыллыбат.
Сөбүгэр сөрүүн уонна сиигэ суох, кураанах сиргэ сортобуой сиэмэ тахсыытын сүтэрбэккэ, хас да сыл сытыан сөп. Сорох сибэккилэр сиэмэлэрэ сэттэ сылга тиийэ харайыллар. Биирдиилээн култуураларынан көрдөххө, баклажан, биэрэс, помидор, подсолнух сиэмэлэрэ -- биэс сыл, кабачок, горох, редис, арбуз, сүбүөкүлэ сиэмэлэрэ -- түөрт сыл, хаппыыста, оҕурсу, тыыкыба сиэмэлэрэ -- үс-түөрт сыл, эриэппэ уонна эриэккэ сиэмэтэ – үс сыл, моркуоп сиэмэтэ -- икки сыл. Укуруоп сиэмэтин болдьоҕо кылгас, тахсыытын балтараа сылынан сүтэрэр.
Элбэхтэн бастыҥын
Сиэмэни маҕаһыынтан, ырыынактан атыылаһар буоллахха, тугу учуоттуур ирдэнэрий? Олох төһөнөн сайдар даҕаны, наука уонна технология соччонон иннин диэки хардыылыыр, онон сиэмэ арааһа сыллата элбээн иһэр: сиэнчэрдэр (гибридтэр), дражеламмыттар, боростуойдар...
Сиэнчэр сиэмэ хаатыгар «F1» диэн суруктаах. Маннык сиэмэттэн биир сыллаах үүнээйи тахсар, аһа барыта биир тэҥ кээмэйдээх буолар, итиэннэ киниттэн эһиилгигэ сиэмэ ылыллыбат.
Дражеламмыт сиэмэ иҥэмтэлээх эттигинэн сууланар буолан, сыаната арыый ыарахан. Сүрүннээн бытархай сиэмэлэр (моркуоп, помидор, салаат, петрушка уо.д.а. сиэмэлэрэ) маннык оҥоһуллаллар. Сиигирдибэккэ олордуллаллар, ол оннугар буор мэлдьи сииктээҕин ирдииллэр. Буордара куурда да, тахсыылара бытаарар эбэтэр төрүт да үүнүө суохтарын сөп.
Сортобуой сиэмэ – чинчийиллэн бигэргэммит, суортаммыт, саамай эрэллээх уонна үүннэрэргэ судургу. Хас да сыл үүннэриллэн, сиэмэтин биэрэр, ону сыл аайы хомуйан, олохтоох усулуобуйаҕа үүннэрэ үөрэппит оҕуруотчут абыранар, сыл аайы саҥа сиэмэни көрдөһө сүүрбэт.
Хахтарын көр
Сиэмэлэр хахтара араас буолар. Сорох сиэмэ кырааскалаах, күөх эбэтэр оруосабай тас хахтаах. Маннык сиэмэни олордуох иннинэ эмтиир (обработкалыыр) ирдэммэт, тоҕо диэтэххэ, эрдэттэн бэлэмнэммит, дьиҥнээх үчүгэй хаачыстыбалаах сиэмэлэри маннык суулаан ыыталлар.
Фольгалаах, ол эбэтэр вакуумнай суулаах сиэмэ тахсыыта үрдүк (100 %), куурбат-хаппат, өр айаҥҥа туох да буолбат, сииккэ наадыйбат. Чараас бакыат курдук пачкаларга угуллубут сиэмэлэр эмиэ куһаҕана суохтар эрээри, кэнники сылларга төрүт да атын сиэмэ угуллубута түбэһээччи. Онон, сиэмэни анал маҕаһыынтан атыылаһар уонна таһыгар суруллубутун билсэн эрэ баран ылар ордук.
Характеристикатыгар бу пачкаҕа төһө сиэмэ баара, ол ыйааһына уонна суорда ыйыллар, олордуллар болдьоҕо, ситэр кэмэ (вегетацията) уонна хайдах олордуллар схемата, хайдах усулуобуйаҕа үүнэрэ, тахсыыта хас бырыһыан буолара, аһын кээмэйэ, амтана барыта бэрт өйдөнүмтүө тылынан суруйуллар.
Ыһарга бэлэмнээһин
Үөһэ эппитим курдук, чуолаан күөх өҥнөөх хахтаахтар үчүгэй хаачыстыбалаах буолаллар. Олору тылыннарыах иннинэ тугунан да эмтэммэт, уоҕурдуунан мээнэ аһатыллыбат.
Оттон көннөрү хахтаахтары туттуох иннинэ бэрэбиэркэлиир, эмтиир наада. Маныаха оҕуруотчут барыта тус-туспа ньымалаах. Үгүстэр сиэмэни суукка аҥаарын устатыгар марганкалаах ууга сытыаран баран, биир ыстакаан ууга биир хааппыла «Эпин» эбэтэр «Циркон» кутуллубут суурадаһыныгар уган, үүнүүтүн күүһүрдэр эттигинэн байыталлар. Мин марганка убаҕас суурадаһыныгар сытыаран ылабын эбэтэр олордор буордаах иһиппин марганкалаах итии уунан ыһабын, ол оннугар сиэмэбин тугунан да эмтээбэппин. Бытархай сиэмэлэри буорга, бөдөҥнөрү муохха тылыннарабын.
Сиэмэ чэгиэн-чэбдик уонна тулуурдаах буоларын туһугар туттуллар стратификация ньымата, сүрүннээн, халыҥ хахтаах сиэмэлэргэ (наһаа халыҥ хахтаахтары кыратык аалан чарааһатыллар), элбэх сыллаах үүнээйилэргэ, сибэккилэргэ барсар. Бу дьаһал икки көрүҥнээх. Таһырдьа хаар анныгар кыстаабыт сиэмэ саас сымнаан, үллэн, силиһин буорга анньан үүнэн тахсара “естественнэй стратификация” дэнэр. Холобур, элбэх сыллаах үүнээйилэр сиэмэлэрин күһүн бакыакка суулаан таһырдьа уурдахха, бэртээхэй тургутууну бараллар. Онон кыһын устата дьиэҕэ ууруллубут сиэмэни олордуох уонча хонук иннинэ таһырдьа таһааран, хаар анныгар быраҕар ордук.
Иккис көрүҥү оҕуруотчут бэйэтэ оҥорор: сиэмэлэри сиигирдэн, тымныыга туруоран, чэгиэннэри талар.
Тыллан тахсыытын күүһүрдүү
Дьэ, сиэмэ тахсыытын маннык эрэллээх ньыманан бэрэбиэркэлэнэр: оҕурсу, моркуоп, сүбүөкүлэ, луук сиэмэлэрин туустаах ууга уктахха, астаахтара икки-үс мүнүүтэнэн тимириэхтэрэ, кураанахтара үөһэ дагдайа сылдьыахтара. Тимирбит сиэмэлэри олортоххо, бары тахсаллар.
Моркуоп сиэмэтин итии (60 кыраадыстан үрдүө суохтаах) ууга уган, сылытан баран, үс мүнүүтэ тымныы ууга уган ылан, куурдан ыстахха, ыарыыта суох буолар уонна түргэнник тахсар. Оттон оҕурсу, помидор сиэмэлэрин марганцовка хойуу соҕустук оҥоһуллубут суурадаһыныгар сытыара түһэн баран, ыраас уунан сайҕаатахха, эмиэ чэгиэн-чэбдик арассаада үүнэр.
Сорох сиэмэлэри (холобура, арбуз, оҕурсу, кабачок, тыыкыба, эриэппэ, моркуоп, эриэппэ луук, редис, петрушка киэннэрин) хос иһинээҕи температуралаах ууга сытыаран, үлүннэрэн баран ыстахха, тахсыылара түргэтиир. Моркуоп, помидор, сүбүөкүлэ, петрушка сиэмэлэрин икки суукка илитиллэр, арбуз, оҕурсуу, кабачуок, тыыкыба сиэмэлэрин муохха сиигирдиллэр. Онуоха көннөрү уутааҕар хаар уута быдан ордук уонна аһын биэрэригэр улахан оруолу оонньуур.
Кукуруза сиэмэтин икки күн күллээх ууга илитэн баран олордуллар, оттон сорох сиэмэлэри алоэ сүмэһинин суурадаһыныгар сиигирдэн баран, муохха олортоххо силиһэ түргэнник тахсар.
Маннык суортар ордуктар:
Помидор: тэпилииссэҕэ – «Будёновка», «Взрыв», «Дана», «Благовест», «Пузато хато», «Крупный, желтый» f1, «Прима люкс», «Бычье сердце», «Орлиный клюв», «Черри»; аһаҕас буорга – «Якут», «Алмазы Якутии», «Дубок», «Непасынкующийся», «Розовый гигант», «Москвич»; балкоҥҥа -- «Балконное чудо».
Оҕурсу: «Изумрудный поток», «Зозуля» ТСХ, «Апрельский», «Бабушкин секрет», «Маринда» f1, «Стелла», «Четыре лета», «Чудо хрустик», «Король рынка» f1, «Герман» f1, «Бабушкин внучок», «Аленушка» f1, «Чупа чупс»; балкоҥҥа олордорго – «Балконный хрустик».
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0