Манна оҕолор оҕурсууну, помидору, моркуобу, хортуоппуйу уонна сибэкки арааһын үүннэрэллэр, көрөллөр-харайаллар. Онон саас эрдэттэн саҕалаан арассаада бөҕөтүн тылыннараллар. Хомуйбут оҕуруоттарын аһын, сороҕун нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар, ордубутун оскуола остолобуойугар туттараллар. Ону кыһын «итии аһылыкка» туһаналлар.
Мин бу лааҕырга үһүс кылааһы бүтэриэхпиттэн сылдьыбытым, ону наһаа үчүгэйдик-истиҥник саныыбын. Лааҕырга үлэлээбиппин олох кэмсэммэппин, тоҕо диэтэххэ, бу лааҕыр мин олохпор элбэх туһаны биэрдэ, олох ыарахаттарын тулуйарга үөрэттэ.
Оскуолабыт агротехнологическай хайысхалаах буолан, ирдэниллэр предметтэри таһынан тыа олоҕун кытта сибэстээх предметтэргэ үөрэнэбит. Ол иһин кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ уһуйуллабыт. Онон биһиги оскуолабыт курдук агрооскуолалар өссө да элбии турдуннар! Оскуолам үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах, инникилээх буоллун, аныгы сайдыыны ылан, сомсон истин!
Мария Неустроева, оскуоланы бүтэрээччи, «Сындыыс» корпост
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0