Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Харыйалаах бөһүөлэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын ыччатын IХ сугулаанын, Эдэр табаһыттар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы I сүлүөттэрин уонна Табаһыт күнүн чэрчитинэн «Суолталааҕы сэһэргэһии: Көс оскуола уонна Аартыка усулуобуйатыгар үөрэхтээһин» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Харыйалаах бөһүөлэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын ыччатын IХ сугулаанын, Эдэр табаһыттар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы I сүлүөттэрин уонна Табаһыт күнүн чэрчитинэн «Суолталааҕы сэһэргэһии: Көс оскуола уонна Аартыка усулуобуйатыгар үөрэхтээһин» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста.

Х.А. Христофоров аатынан Харыйалаах оскуола-саадын былырыын үлэҕэ киллэриллибит саҥа куорпуһун Москубаттан, Дьокуускайтан кэлбит экспертэр: “РФ Аартыкатааҕы зонатын туруктаахтык сайыннарыы” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы научнай-технологическай, дьыалабыай уонна үөрэтэр партнерство салайааччыта, Ил Дархан иһинэн туруктаах сайдыы сэбиэтин чилиэнэ Тамара Мордасова, экэниэмикэ билимин дуоктора, РФ Бырабыыталыстыбатын Финансовай университетын нолуокка департаменын профессора Инга Никулкина итиэннэ Ил Дархан иһинэн туруктаахтык сайдыы сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева, «Экспорды тардыы уонна өйөөһүн ааҕыныстыбата» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Анна Стручкова,, «Өлөөн ЭНО» корпоративнай бизнес департаменын дириэктэрэ Егор Спиридонов, оройуоннаҕы үөрэҕирии управлениетын начальнига Мария Иванова, иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ бэркэ кэрэхсээн көрдүлэр. Икки этээс тухары оҕо саадын иитиллээччилэрин уонна оскуола үөрэнээччилэрин сайыннарыыга туһуламмыт аныгылыы хааччыллыылаах остолобуой, ас-үөл саппааһын, оҕуруот аһын уурар-харайар анал хостор, доруобуйаны чэбдигирдэр туустаах хос, үөрэнэр-дьарыктанар кэбиниэттэр, кылаастар, физзал... талбыт курдук тупсаҕай оҥоһуулаахтар.

Точка_роста-_2.jpg

Төгүрүк остуолу арыйарыгар үөрэҕирии управлениетын начальнига Мария Иванова тус сыаллаах муниципальнай бырагырааманы билиһиннэрдэ. Өлөөн орто оскуолатын дириэктэрэ Александр Васильев оскуола “А” категориялаах суоппардары үөрэтэрин, Х.А. Христофоров аатынан Харыйалаах  оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дария Тарбахова «Күөнэликээн» көс оскуола үлэтин, оҕолор ситиһиилэрин сырдаттылар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитии туругун, уһуйааҥҥа көс дьиэ кэргэн бөлөҕө баарын, онно алта оҕо сылдьарын туһунан Ольга Аммосова кэпсээтэ. Көс оскуола үөрэнээччитэ, “Северное Сияние”, “Инникигэ хардыы” НПК лауреата, 6 кылаас үөрэнээччитэ Эрхан Иванов ыстаада олоҕун, үөрэҕин туһунан кэпсээтэ.

Точка_роста_--_1.jpg
Людмила Николаева бу күннэргэ Өлөөҥҥө улахан, кэскиллээх үлэлэр бара туралларын, бу дэлэгээссийэ күннээҕи олоҕу сайыннарарга көмөлөһө кэлбитин бэлиэтээтэ.

– Тамара Ивановна “Арктика -- территория устойчивого развития” кэмпириэнсийэни ыыппыта, “Өлөөн” дьыалабыай кулуубу тэрийбиппит. Ити курдук, бары кыттыһан, “бүгүн уонна манна” диэнинэн салайтаран үлэлиибит. Ыраах сытар хоту дойдуга иһэр уунан хааччыйыыга, үрүҥ аһы оҥорон таһаарыыга, көтөр фабриката сайдарыгар үлэ барыан наада. Бэйэ оҥоруута баар буоллаҕына сайдыы баар, бу кэскиллээх боппуруостары өссө сайыннаран, олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэххэ наада. Оттон үөрэтии-иитии чааһыгар эттэххэ, эһиги, учууталлар, иитээччилэр сүрэххит сылааһын оҕолорго биэрэҕит, кып-кыра туорахтан бүтүн киһини иитэҕит. Түмүгэр, бэйэтигэр эрэллээх, төрөөбүт дойдутун таптыыр патриоту иитэн таһаараҕыт. Бу оҕо аан дойду хайа баҕарар муннугар олорор оҕолортон сайдыытын таһымынан тэҥ буолуохтаах, тоҕо диэтэргит, олох сайдыыта олус түргэтээтэ, сайдыы онлайн үөрэхтээһин нөҥүө ыытыллар буолла. Оннугу интернет нөҥүө олоххо киллэриэххэ, оччоҕуна ииппит-үөрэппит оҕоҕут бэйэтин санаатын чопчу этэр, чиҥ билиилээх, ырааҕы ырыҥалыыр өйдөөх, биир тылынан эттэххэ конкурентоспособнай буолан тахсыаҕа. Билигин сүрүн сорук программированиеҕа уурулунна, онон бу эйгэҕэ үлэ күүскэ барыан наада.
Түмүк тылы этэригэр Тамара Мордасова бүгүҥҥү көрсүһүү тэриллэн, көс оскуола үлэтин билсибититтэн үөрэрин, Харыйалаах оскуолатыгар «Точка роста» киирэн, үлэ сөптөөх хайысханан баран иһэрин биллэрдэ. Национальнай бырайыакка киирбит үөрэх бырагырааматыгар цифровой идэни сайыннарар анал кииннэргэ оҕо сайдарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, оскуолаҕа «Точка Роста» бырагырааматынан үлэлиир, физика, химия, информатика кылаастарыгар сылдьан, аныгы технологияны сайыннарар кыахтар баалларын, кэбиниэт, лаборатория толору кэмпилиэктэрин көрөн астыммытын эттэ.

– Эһиги оҕолоргутун бэлэмнээн, киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэттэрэр усулуобуйалааххыт, онтон сайдыылаах идэни баһылаабыт оҕо эргиллэн кэлэн, дойдутун сайыннарыахтаах диэтэ. Ол инниттэн биһигини кытта салгыы үлэлэһиҥ. Биология предметигэр экология хайысхатын тутуһан, “вертикальная теплица” диэн эһиги усулуобуйаҕытыгар сөп түбэһэр методиканы туһанарга сүбэлиибин. Бу гидропоника көмөтүнэн үүнэр үрдүк автоматизированнай агропромышленнай комплекс, сабыылаах хоско элбэх дьаарыстаах тэпилииссэҕэ араас үүнээйини, оҕуруот аһын олордуу буолар. Үөрэнээччилэр сиэмэ олордуутуттан саҕалаан үүнээйилэрин бэйэлэрэ көрөн-истэн, өлгөм үүнүүнү ылыахтарын итиэннэ араас научнай уопуттары оҥоруохтарын, научнай институттары кытары үлэлиэхтэрин сөп. Ити курдук «Точка Роста» чэрчитинэн үлэлииргит сайдыы саҥа саҕахтарын арыйаргытыгар, доруобуйаҕыт чөл буоларыгар, каадыр боппуруостарын быһаараргытыгар тирэх буолуоҕа, – диэтэ.
Дьэ, онон сайдарга, оҕолорго сөптөөх иитиини-үөрэтиини биэрэргэ туһуламмыт үлэлэргэ бары бииргэ ылсар улахан, кэскиллээх сыал-сорук турда.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34