Олохтоох библиотека тутаах үлэһитэ Людмила Данилова, «Тымтык» литературнай түмсүү көҕүлээһиннэринэн, тэрээһин бэрт үрдүк таһымҥа ыытылынна. Нуучча тылын учуутала Маргарита Жиркова салалтатынан, Кириэстээх орто оскуолатын учууталлара улуу Пушкин хоһоонунан арамаанын дьоруойа Евгений Онегин баалга ыҥырыллыаҕыттан таҥнар таҥаһын муодатыгар, хайдах туттарыгар-хаптарыгар, аһыыр аһылыгар, тоҕо «денди» диэн ааттаммытыгар, онно туох ирдэбил баарыгар тиийэ араас хаартыскалары көрдөрө-көрдөрө кэпсээтилэр. Ол кэмтэн кэлбит үҥкүүнү көрөөччүлэрдиин үҥкүүлээтилэр, онно үҥкүүлэспиттэр Наташа Ростова бастакы баалга кэлбитин курдук долгуйан туран үҥкүүлээтилэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ Игнатьева Надя, Данилова Настя ол кэмнэргэ Арассыыйа дьоно ханнык оонньууну оонньуулларын, инникилэрин хайдах таайсалларын туһунан кэпсээтилэр, оонньотон ыллылар.
Улуу Пушкины араас омук барыта бэйэтин тылынан саҥардарга холонор. Кириэстээх олохтоохторо Антонина Мохова, Наталья Васильева тылбаастара күн сирин көрөөрү сылдьар эбит, кинилэр айымньыларынан поэтическай лотерея оонньонно. «Ньургуһун» түмсүү чилиэнэ Лидия Данилова-Илгийэ тылбааска эмиэ аһара күүстээҕин санатан ааһар тоҕоостоох.
«Мой Пушкин» диэн аһаҕас микрофоҥҥа дьоннор былдьаһа-былдьаһа тыл эттилэр, хоһоон аахтылар, бары да улуу киһи айымньытыгар сүгүрүйэрбитин биллэрдибит. Түмсүү салайааччыта Ымыычаана, Кыыдаана Пушкинныы хоһооҥҥо холоммуттарын, мин тылбааска санаммыппын дьон истиитигэр таһаардыбыт. Күн Сиккиэрэ, Алаас Кыыһа бэлэмнээн кэлбит айымньыларын аахтылар. Кыыдаана Пушкин бастакы кинигэтэ оччолорго 5 солкуобай сыаналааҕын, билигин 36855 солк турарын, Москубаҕа аукциоҥҥа 4,6 мөлүйүөҥҥэ барбытын иһитиннэрэн сөхтөрдө. Пушкин кинигэлэрин быыстапката туруоруллубута тэрээһин силигин ситэрэн биэрдэ. Пушкин айымньыларынан уруһуй уонна каллиграфическай буочарынан суруйуу күрэхтэһиилэригэр элбэх үлэ киирбит. Олортон мин ордук Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Максимова Пушкин мэтириэтин оҥорбутун хайгыы көрдүм. Бүтэһигэр бары «Мой русский язык» хоһоону доргуччу аахтыбыт.
Дьикти баай экспонаттаах чуорааҕа арчыһыт, алгысчыт Сыдьаайа алҕаан- силээн, күөх окко үктэннэрэн киллэрдэ. Баай-талым астаах остуолга олорон бу кэрэ күнү бэлэхтээбит Кириэстээх талыы-мааны дьонугар махтанныбыт, күллүбүт-үөрдүбүт, эһиилги улуу Пушкин 225 сыллаах өргөйдөөх үбүлүөйүн көрсө улахан олук уурулунна. Улуус айар талааннаахтарын мэлдьи өйүүр улууспут култууратын уонна айылгытын салаатыгар (салайааччы э.т. Саргылаана Омукова) массыынанан хааччыйбытыгар улаханнык махтанабыт.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0