Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин уонна тус бэйэм ааппыттан тыа сиригэр олорор, үлэлиир, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоммутун бука барыларын Сайылык күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыам ыйын 22 күнүн Сайылык күнүнэн биллэрбитэ. Бу дьаһал сахалар үйэлэр түгэхтэриттэн илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрин харыстыыр, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин суолтатын үрдэтэр, сайылыктааһын үтүө үгэһин сөргүтэр сыаллаах ылыллыбыта.
Бу күн дьыл кээмэйинэн сирдэтэн олорбут өбүгэлэрбит ытык өйдөбүллэринэн Сахабыт сиригэр Саҥа сыл саҕаланара. Сайылыкка көһүү – саха киһитигэр тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн, самаан сайын кэлбитин, өлгөм үүтү, үрүҥ аһы кытта дьүөрэлии өйдөбүллээх.
Ньукуолун күнүгэр сүөһүлэрин-астарын илдьэ сайылыкка көһөн тахсыы, түптэ буруотун сыта, ынах маҥырааһына, оҕо аймах саҥата, кэҕэ этэн чоргуйара – бу барыта биһиэхэ ураты чугас, сайылыгы кытта ситимнээх олус дириҥ суолталаах өйдөбүллэр. Айылҕаны кытта ыкса ситимнээх саха дьоно бу күн хайаан да айылҕаҕа сүгүрүйэллэрэ, алаадьы астаан сири-дойдуну аһатан арчылыыллара, уйгу-быйаҥ сайыны, сүөһү-сылгы этэҥҥэ сылы туоруурун Үрдүкү Айыылартан көрдөһөн сиэри-туому хайаан да тутуһаллара.
Сайыҥҥы кэмнэргэ элбэх үүт ыанар, сүөһү төлөһүйэр уйгу-быйаҥ кэмэ. Бу көрдөрүү барыта сүөһүлэрбит киэҥҥэ-куоҥҥа, сайылыктарыгар, алаастарыгар, сыһыыларыгар, күөх мэччирэҥҥэ сырыттахтарына эрэ ситиһиллэр.
Күндү дьоммут, үрүҥ аһы үрүлүтээччилэр, хороҕор муостааҕы дэлэтээччилэр, тыа сирин оҥкулун тутан олорооччулар! Үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилээх буоллун, самаан сайыммыт үрдүк үүнүүнү, үтүө түмүктэри аҕаллын, өбүгэ үтүө үгэстэрэ сөргүтүллэ, сайылыктааһын сайда-тэнийэ турдун!
Александр Атласов, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ
Хаартыскаҕа: Хаҥалас улууһун «Бөртө сылгы собуота» ХЭУо пиэрмэтин ыанньыксыттара Сайылык күнүнэн салама ыйыыллар. Ульяна Семенова тиксэрдэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0