Бу үтүөкэн үгэстэн алгыстаах Амма дьоно туораабатахтар – Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Амма улууһуттан төрүттээх олоҥхоһуттар айымньыларын итиэннэ Амма олоҥхотун уратыларын туһунан научнай үлэлэри түмэннэр, араас кээмэйдээх 10 кинигэттэн турар хомуурунньугу таһаарбыттар.
Ону бэрт тупсаҕайдык хаалаан бараннар, киэн туттар биир дойдулаахтара, саха народнай суруйааччыта, олоҥхоһут Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап «Саллар саас тухары олоххо – саханы үрдэтиэ олоҥхо» диэн суруйан хаалларбыт тылларынан доҕуһуоллаабыттар.
Олоҥхо кинигэлэрин хомуурунньугун биһирэмэ бүгүн Аммаҕа, А.А.Черемных аатынан Оҕо ускуустубатын дьиэтигэр тэрилиннэ. Бу туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0