Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 25 күнэ

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киин, арҕаа, соҕуруу, Халыма оройуоннарыгар кыратык, соҕуруу биллэрдик хаардыыр.
24.11.26 20:42
Уопсастыба

Туоруур суолу эрдэ аһыахтара

Хатас-Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суолу сэтинньи 26 күнүгэр арыйары былаанныыллар диэн сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибилэр саайтарыгар таһаардылар.
24.11.26 16:43
Уопсастыба

Сарсын пленарнай мунньах

Сарсын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бастакы күнэ ыытыллыаҕа. Сиэссийэ бэбиэскэтэ Ил Түмэн Сэбиэтэ бигэргэнэн турар. Норуот…
24.11.26 15:48
Уопсастыба

9 саха мадьыныта кыттыаҕа

Казань куоракка ыытыллар мас-рестлинг аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ кыттааччыларын ахсаанынан рекорд олохтуур кыахтаах. Билиҥҥи туругунан, күрэхтэһиигэ 50-тан тахса дойдуттан кыттыахтара. Бу туһунан…
24.11.26 14:12
Общество

Музей музыки и фольклора Якутии выиграл два гранта Президентского фонда культурных инициатив

Проекты Музея музыки и фольклора народов Якутии им. А.П. Решетниковой «Кочующий музей: экспедиция по Дальнему Востоку» и «Школа фольклора «Наследие предков» стали победителями первого грантового…
24.11.26 13:36
Общество

Ледовую переправу «Хатассы – Нижний Бестях» планируют открыть 26 ноября

Движение транспорта по ледовому автозимнику через реку Лену «Хатассы – Нижний Бестях» планируют открыть 26 ноября. Решение об открытии будет принято по итогам работы комиссии по приемке объекта,…
24.11.26 11:48
Общество

На форуме «Цифровой алмаз» обсудят цифровизацию Трансарктического транспортного коридора

С 3 по 5 декабря 2026 года в Якутске состоится V Федеральный форум «Цифровой алмаз», одной из ключевых тем которого станет цифровизация Трансарктического транспортного коридора. Участники обсудят…
24.11.26 11:16
Уопсастыба

Үөһээ Халыма Сэбиэтин үлэтиттэн

Үөһээ Халыма оройуонун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Винокуров бу дуоһунаска 2023 сылтан, оройуон дьокутаатынан талыллыаҕыттан үлэлиир. Ол иннинэ улуус киинин- Зырянка бөһүөлэгин…
24.11.26 11:03
Общество

В Якутии состоялось торжественное открытие фестиваля «Зима начинается с Якутии»

В Якутске состоялось торжественное открытие ежегодного фестиваля «Зима начинается с Якутии». В этом году в его программу вошли около 40 мероприятий, направленных на развитие событийного туризма,…
24.11.26 10:38
Общество

АЛРОСА назвала алмаз в честь 100-летия якутского журнала «Чолбон»

В честь 100-летия литературно-художественного и общественно-политического журнала «Чолбон» акционерная компания «АЛРОСА» присвоила наименование «100 лет старейшему журналу “Чолбон”» факту извлечения…
24.11.26 10:30
Общество

Инвестпрограмма-2027: деньги направят на завершение начатых строек

23 ноября на расширенном заседании постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) по бюджету, финансам, налоговой и ценовой политике, вопросам собственности и приватизации и согласительной…
24.11.26 10:13

«День Победы» ырыа аан маҥнайгытын сахалыы тылбаастанан бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр артыыстар уонна араас уопсастыбанньыктар толорон бэлэх оҥордулар.  Ватсап социальнай ситим нөҥүө  бу ырыаны видеонан устуулара интернетка тэлэһийэ тарҕанар. 

«День Победы» ырыа аан маҥнайгытын сахалыы тылбаастанан бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр артыыстар уонна араас уопсастыбанньыктар толорон бэлэх оҥордулар.  Ватсап социальнай ситим нөҥүө  бу ырыаны видеонан устуулара интернетка тэлэһийэ тарҕанар. 


Санатар буоллахха, «Биир Ньыгыл Россия» партия «Кыайыы күнэ араас омук тылынан» акцияны тэрийэн ыытар. Партия чилиэннэрэ аатырбыт «День победы» ырыаны араас омук тылынан ыллаан патриотическай акцияҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥыраллар. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө уонна «Кыайыы күнэ араас омук тылынан» бырайыак чэрчитинэн аан маҥнайгытын бу ырыа 100 омук тылыгар тылбаастанна. Бырайыак көҕүлээччитэ - «Биир Ньыгыл Россия» партиятын «Наша Победа» тэрийэр хамыыһыйата. Бу күнтэн ыла дьон-сэргэ ортотугар биллэр уонна аатырар ырыаны араас көлүөнэлэр сахалыы тылынан ыллыыр буолаллара үөрүүлээх.

«Төрөөбүт тылынан тылбаастанан ырыа сүрүн өйүн-санаатын, иэйиитин биэриэхтээх диэн бигэ эрэллээхпин. Саамай кыһалҕата манна сытар. Ырыа тылларын тылбаастаан ис хоһоонун, санаатын чуолкайдык биэрэргэ уустук дьыала», - диэн кэпсиир Афанасий Гуринов-Арчылаана, суруйааччы, суруналыыс, литературнай сурунаал кылаабынай редактора. Кини салгыы кэпсииринэн, филологическай наука доктора Варвара Окороковалыын уонна тылбаасчыт, суруйааччы Валентина Комиссарова- Күлүмнүүрдүүн  хас биирдии тылы кичэйэн ырытан, сиһилии толкуйдаабыттар, ону сэргэ  композитор Кирилл Герасимов уонна артыыс Алексей Егоров-Өркөн көмөлөспүттэр.

«Эрэнэбин, аатырбыт ырыа тылбааһа сатанна.  Сахабыт сирин дьоно хайдах ылыналларын бириэмэ көрдөрүөҕэ», – диэн Афанасий Гуринов-Арчылаана санаатын үллэстэр

КЫАЙЫЫ КҮНЭ!
Афанасий Гуринов–Арчылан тылбааһа

Кыайыы күнүн кыыма бэрт симик этэ ‒

Уоһар чох кылаҥ гынарын кэриэтэ...

Уоттаах суоллар күдэннэрин бурҕатан ‒

Бу күн дьолун чугаһата сатыырбыт.

Хос ырыата:

Дьэ, бу Кыайыы күнүн аҥкыла ‒ буораах!

Күндү күммүт күрэҥсийбит чанчыктаах.

Бу үөрүүбүт харах уута былаастаах.

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Күнүн-түүнүн, кыһа уотун кыымырда,

Ийэ дойду, саатар, нуктаан ылбата...

Күнүн-түүнүн кыргыһыыга киирэммит ‒

Бу күн дьолун чугаһата сатыырбыт.

Хос ырыата:

Дьэ, бу Кыайыы күнүн аҥкыла ‒ буораах!

Күндү күммүт күрэҥсийбит чанчыктаах.

Бу үөрүүбүт харах уута былаастаах.

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Кэллим, ийээ, оттон сорох төннүбэт...

Сүүрүүм дуу атах сыгынньах, сиик кэһэн...

Тэгил сири, дойдулары арҕаран ‒

Бу күн дьолун чугаһата сатыырбыт.

Хос ырыата:

Дьэ, бу Кыайыы күнүн аҥкыла ‒ буораах!

Күндү күммүт күрэҥсийбит чанчыктаах.

Бу үөрүүбүт харах уута былаастаах.

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Ырыаны толордулар :
Алексей Егоров-Өркөн, Мирослав Егоров, Степан Саргыдаев, Саргылана Неустроева, Мария Баина, Егор Евдокимов, Сергей Максимов, Сардана Бочкарева, Нина Захарова, Акулина и Александр Луценко, Дмитрий Кырдал, Дмитрий Никифоров - Келлер, Пётр Гуляев.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0