Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Тыа сиригэр сүөһү-сылгы ииттинэн олорор ыал ахсаана аҕыйаан иһэр. Ол биричиинэтэ -- дьоннорбут сааһыран, илии ыарахан үлэтин кыайбат буолан, хотоннорун-сүөһүлэрин эһэллэр.

Тыа сиригэр сүөһү-сылгы ииттинэн олорор ыал ахсаана аҕыйаан иһэр. Ол биричиинэтэ -- дьоннорбут сааһыран, илии ыарахан үлэтин кыайбат буолан, хотоннорун-сүөһүлэрин эһэллэр.

Балыктаахха да билигин сыл ахсын аҕыйаан иһэр... Ол да буоллар, аҕыйах ыччаппыт дьоннорун утумнаан, бааһынай хаһаайыстыба тэринэннэр, сүрдээх үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Илья Егорович Мохначевскай ХИФУ-ну бүтэрэн, кэргэнэ Христина Иннокентьевналыын 12 сыллааҕыта дойдутугар Балыктаахха ыал буолан көһөн кэлбиттэрэ. Төрөппүттэрэ Егор Семенович, Мария Ивановна Мохначевскайдар хаһаайыстыбаларын бэйэлэрин илиилэригэр ылан үлэлээн барбыта.

мохрн1

2014 сыллаахха граҥҥа кыттан, көмө харчы ылан, эбии ньирэйдэри атыылаһан, хаһаайыстыбатын хаҥаппыта. Билигин хотонугар 11 ынах, 1 тиҥэһэ, 1 атыыр оҕус , 5 тыһаҕас, 25 борооскуну кыстатан турар. Сыл устата 18 тонна үүтү туттарбыт, 3 тонна эти реализациялаабыт.

 2019 сыллаахха саҥа дьиэ туттан, быр-бааччы олороллор. Кэргэнэ ДьГСХА агрономия салаатын бүтэрэн, билигин оскуолаҕа оҥорон таһаарыы үөрүйэҕэр оҕолору уһуйар. Үс оҕолоохтор. Богдан ахсыска, Сардаана иккискэ үөрэнэллэр. Кыралара Алена икки саастаах, дьиэ киһитэ.

Мохн2

 Ильяҕа аҕата Егор Семёнович көмөлөһөр. Уола Богдан үөрэҕин кэнниттэн кэлэн, киэһэтин саах таһаарсар. Эдэр ыал сайынын оҕуруот аһын арааһын олордон сиир, хаһаанар.

Ньургун Владимирович Габышев 2014 сыллаахха ДьГСХА-ны бүтэрбитэ, бэтэринээр идэлээх. Үөрэнэр сылларыгар тута пиэримэр буоларга, хаһаайыстыба тэринэргэ бигэтик быһаарыммыта.

габышев

Пиэримэр буолан баран, эһиилигэр "Саҥа саҕалыыр пиэримэр" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа кыттан, балтараа мөлүйүөн харчыны ылан, “Беларусь” тыраахтар, тиэхиньикэ ылыммыта. "Элевернэй пиэримэ" диэн биисинэс-былаан оҥостон, сүөһү иитэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан оҕус ньирэйдэри атыылаһан үөскэтэллэр уонна өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаталлар. Онон кинилэр хаһаайыстыбаларыттан сиппит атыыр оҕустар Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Томпо, Муома, Бүлүү бөлөх улуустарыгар тиийэ атыыга бараллар. Маныаха кинилэр "Сахаагроплем" хаһаайыстыбаны кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиирговоров1Ньургун кэргэнэ Яна Ильинична оскуолаҕа биология учуутала. Уоллара Эрхаан бэһис кылаас үөрэнээччитэ. Эдэр ыал быйыл саҥа дьиэ туттан киирдэ.

Дьулус Геннадьевич Говоров өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аҕата Геннадий Гаврильевич тэриммит бааһынай хаһаайыстыбатыгар үлэ киниискэтин астаран, пиэрмэрдээн барбыта. 2017 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин "Саҕалааччы пиэрмэр" гранын ылбыта. Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, ол кэннэ аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн, дьэ, дьиҥнээхтик ылсан үлэлээн эрэр.

говоров

Билиҥҥитэ 61 сылгылаах,17 сүөһүлээх, онтон 8-һа ыанар ынах. Сылгы көрүүтүгэр төһүү күүс аҕата буолар. Сылгылара бөһүөлэктэн 35 км ыраах сиргэ Алаҕарынан, Дьохунан сылдьаллар. Бу сир мэччирэҥэ наһаа үчүгэй, отун састаабын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үөрэппит эбит. Ол иһин убаһалара улахан, төрөлкөй буолаллар, атыыга хамаҕатык бараллар эбит. Атыылаһан ылбыт киһи этин хаачыстыбатын сөбүлээн, эһиилигэр эмиэ киниэхэ үлэһэр. Дьулуска оту оттооһуҥҥа, эти батарарыгар бииргэ төрөөбүт убайдара көмөлөрө улахан. Дьулус: “Аҕабыт биһигини үлэҕэ-хамнаска олох кыра эрдэхпититтэн сыһыаран, туохтан да толлубат-чаҕыйбат хорсун санааҕа, сүрэхтээх буолууга ииппитэ олоххо наһаа туһалыыр эбит”, -- диэн аҕатыгар махтанар эбит. Эдэр киһи инники былаана элбэх: саҥа хотон туттуон, сайыҥҥы өттүгэр сайылыкка сүөһүлэрин таһааран, үчүгэй мэччирэҥҥэ сырытыннарыан, кыралаан эт-ас бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны баһылыыр баҕа санаалаах.

 Балыктаах үс эдэр пиэрмэрэ көдьүүстээхтик үлэлиир киһи элбэҕи ситиһиэн сөбүгэр бигэтик эрэнэллэр, үлэлэрин-хамнастарын былааннаан үлэлииллэр.

Мария Захарова,

Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Дьэ, чахчы *Үс эр бэрдэ* биһиги үүнэр инникилээх ыччаттарбыт... Баҕарабыт кинилэргэ суулуу тутан чэгиэн-чэбдик чөл олоҕу, элбэх ситиһиилэри, бары өттүттэн кыайыыны -хотууну, дьиэ кэргэннэригэр дьолу!

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29