Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 1 oC

Олоххо ситиһиилээх дьону иитэн таһаарарга учуутал оруола сүҥкэн улахан. Оҕо билиини иҥэринэр, саҥаны-сонуну билиэн-көрүөн баҕарар сааһыгар уруогу үөрэнээччи умсугуйан истэрин, салгыы хасыһан үөрэтэрин курдук интэриэһинэйдик кэпсиир, өйдөммөт түгэннэри боростуой тылынан кыайан быһаарар, холобурдаан чиҥэтэн биэрэр учуутал дьоллоох киһиэхэ көстөр.

Олоххо ситиһиилээх дьону иитэн таһаарарга учуутал оруола сүҥкэн улахан. Оҕо билиини иҥэринэр, саҥаны-сонуну билиэн-көрүөн баҕарар сааһыгар уруогу үөрэнээччи умсугуйан истэрин, салгыы хасыһан үөрэтэрин курдук интэриэһинэйдик кэпсиир, өйдөммөт түгэннэри боростуой тылынан кыайан быһаарар, холобурдаан чиҥэтэн биэрэр учуутал дьоллоох киһиэхэ көстөр.

учителя

Ил Түмэн дьокутаата, «Ил Түмэн» хаһыат генеральнай дириэк­­тэрэ-кылаабынай эрэ­дээктэрэ Мария Христофорова кы­­лаас салайаач­чытын Мария Николаевна Находкина туһунан үтүө өйдөбүлүн, кини сырдык мөссүөнүн сыл-хонук ааспытын да иһин сүрэҕин түгэҕэр сөҥөрөн илдьэ сылдьар.

Мария Николаевна нуучча тылын учуутала буолан, кинигэни утаппыттыы ааҕарга, санаа­ҕын сааһылаан сөпкө этэргэ, бэйэ­ҕин дьоҥҥо сатаан көрдөрөргө, таҥаска-сапка истииллээх буоларга үөрэппитин үөрэнээччитэ баччааҥ­ҥа диэри махтана, истиҥник саныыр.

Мария алын сүһүөх кылааска Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуо­латыгар үөрэммитэ, онтон 4 кылаастан саҥа тутуллубут 14 №-дээх таас оскуолаҕа көспүттэрэ.

Толору хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ саҥа оскуолаҕа киирбит оҕолор учууталларын кытта билсэн, тулалыыр эйгэлэрэ барыта сонун курдуга. Сайсары түөлбэ оҕолоро күнү супту таһырдьа сылдьан, сибиэ­һэй салгыҥҥа оонньоон улаа­таллара. 1970-с сылларга пионерия  саамай өрөгөйдөөн турар кэмигэр тыаҕа походтуу барыы, хонууга кулуһун уматан, ол тула ыллыыр олус да үчүгэй буолара. 

Кыыс дьиэтигэр кэлэн баран ийэтигэр Александра Андреевнаҕа кылаас салайааччытын туһунан кэпсээбитэ. Оччолорго муодунай көстүүмнээх, кылабачыгас хойуу суһуоҕун кэннигэр хомуммут, сырдык мичээрдээх учууталы оҕолор тута сөбүлүү көрбүттэрэ.

Дьоруой Чусовской удьуора 

f4a60467 ba10 420b 8420 866e9a5e8179

– Кини биһиги биир дойдулаах­пыт, Ньурбаҕа биллэр-көстөр ыалга улааппыта, таайа Николай Чусовской Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа.  Онон учууталгынан киэн туттуохтааххын, улааттаххына кини курдук буолуохтааххын, — диэн ийэтэ сорудах биэрэрдии эппитэ. Кыыс ону өйдөөбүтэ. 

Мария Николаевна аҕата Николай Чусовской сэрии иннинэ Мэҥэ Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ оройуо­н­­нарыгар оскуола ди­риэктэри­нэн үлэлээбитэ. Онон кини аҕатын туйаҕын хатаран, учууталлар удьуор­дарын салҕаан, Дьокуускайдааҕы пединститут саха оскуолаларыгар нуучча тылын үөрэтэр салаатын  бүтэрбитэ.

Оччотооҕу кэмҥэ саха оҕолоро бэйэлэрин истэригэр уонна дьиэлэригэр төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэрэ. Мария ийэтэ кыыһыгар буукубаны үөрэтэригэр, «Кыым» хаһыаты көрдөрө-көрдөрө: «Марийка, «М» эн аатыҥ бастакы буу­кубатын курдук», — диэн этэрэ.  

Саха тыллаах оҕолор учууталларын кытта Пушкин, Есенин, Тютчев ырыа курдук ылбаҕайдык кутуллар нууччалыы хоһоон умсугутар лирикатыгар, Толстой, Достоевскай, Пастернак, Булгаков киһини дириҥник толкуйдатар айымньыларыгар умсаллара.  

Өйтөн суруйууга учууталлара дьоруойу ойуулаан-дьүһүннээн көрдөрөргө, айымньы ис хоһоонун арыйарга болҕомтотун уурара. Оҕолор боростуой тылынан кэллэ-барда диэбэккэ, уус-ураннык суруйарга үөрэнэллэрэ.

Халыҥ кинигэни биир түүнүнэн ааҕара 

Төрүт сахалыы иитиллибит оҕолор кыайан нууччалыы саҥарбакка, үөрэххэ киирэллэригэр үгүс ыарахаттары көрсөллөрө. Ол иһин Мария Николаевна үөрэнээччилэрин улуу Пушкин тылынан холкутук кэпсэтэргэ, тыл баайын хаҥатарга, санааҕын кыбыстыбакка сөпкө этэргэ, уус-уран айымньыны умсугуйан ааҕарга үөрэппитэ. Үүнэр көлүөнэни иитиигэ кылаатын иһин «Учууталлар учууталлара» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта, СӨ норуотун үөрэҕириитин туйгуна ааты ылбыта. 

Мария 7-8 кылаастан халыҥ кинигэлэри биир түүн иһинэн ааҕар буолбута, оскуола бырагырааматын таһынан учууталлара испииһэк оҥорон  оҕолорго анаммыт кинигэлэри аахтарара. Александр Македонскай эрэллээх ата Буцефал, Рембранд таптыыр кэрэ аҥаара Саския диэн ааттааҕын оҕо сылдьан аахпытын билигин да умнубат.

Оҕо өйө-санаата араас иһитиннэриинэн туола илик буолан, аахпытын хаартыскаҕа түһэрэн ылбыт курдук өйдүүр, ону таһынан, элбэх кинигэни ааҕыы билиитин-көрүүтүн хаҥатарын таһынан, саҥаҕын сайыннарар. Мария Николаевна билигин даҕаны учууталын наҕыл эрээри, киһини ылыннарар куолаһын урукку дьыллары уҥуордаан, субу баардыы истэр курдук. 

Улахан кылааска тахсан баран Мария «Орленок» лааҕырга сынньана барбыта. Онно нуучча тылын билэрэ, холкутук кэпсэтэрэ араас эрэгийиэннэртэн кэлбит оҕолору кытта билсэригэр, доҕордоһоругар көмөлөспүтэ. Нууччалыы иҥнибэккэ саҥарар, төрөөбүт тылын билбэт Женя диэн калмычка кыыһы кытта ыкса дьүөгэлии буолбуттара.  «Нууччалыы наһаа ыраастык саҥараҕын», — диэбитигэр Женя: «Эн миигиннээҕэр ордук үчүгэйдик кэпсэтэҕин», —  диэн хардарбыта. Итини истэн баран Мария учууталыгар махтана санаабыта.

Кини дружина Сэбиэтин чилиэнэ, хомсомуол буолан хас биир­дии мунньахха, тэрээһиҥҥэ эппит тылын көтүтэн кэбиспэккэ, саастыылаахтара ылыналларын курдук этиэхтээҕэ. Онон оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан дьон иннигэр тахсан саҥарарга үөрэммитэ.

Учуутал үтүө холобура

Оҕолор кыһыл хаалтыстарын, үрүҥ куруһуба саҕаларын күн аайы кэриэтэ сууйаллара уонна өтүүктүүллэрэ. Учууталлара ыраас-чэнчис буоларга, таҥаскын-сапкын көрүнэ сылдьарга үөрэппитэ кэлин улааппыттарын кэннэ майгыларын биир үтүө өрүтүгэр кубулуйбута.

Кыраһыабай, мааны учууталлары көрө сылдьан оҕолор үтүө холобур оҥостоллоро. Үлэһит дьахтар кэрэ көстүүлээх, үчүгэйдик таҥнар, сөпкө саҥарар, киһини бэйэтигэр тардар буолуохтааҕын өйдөөбүттэрэ.

8 кылаас кэнниттэн Мария СГУ РФМШ оскуолатыгар көспүтэ эрээри, кылаас салайааччытын кытта ситимин быспатаҕа, оҕолор кылааһынан мустан, учууталларын дьиэтигэр ыалдьыттыы тиийэллэрэ. Дьиэтигэр кини олох атын киһи үөрэнээччилэрин көрсөрө, үс оҕолоох ыал ийэтэ улахан остуолга ас арааһын бэлэмниирэ. Кинилэр алаһа дьиэлэрин аана ыалдьыттарга өрүү аһаҕас буолара.

Парламент французскай «парле» — саҥар диэн тылтан турар

– 2004 с. «Ситим» медиа-бөлөҕү салайан, хаһыат-сурунаал таһаарыам иннинэ дьылҕам тылы кытта сыһыана суох этэ. Бу эйгэҕэ кэлэн баран төрөөбүт төрүт тылбар уонна улуу нуучча тылыгар учууталым иҥэрбит таптала ордук уһугунна. Олох төһө даҕаны киһини араастаан эрийбитин иһин, оҕо сааскар бэриллибит билииҥ кэлин үүнэн-сайдан, силигилээн тахсар эбит.

Норуот дьокутаата буолан баран, уокурукпар, Чернышевскай уулуссаҕа олорор учууталбар, Мария Николаевнаҕа кэлэ сылдьыбытым. Кини олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булуммут, үлэлэригэр ситиһии­лээх оҕолору иитэн таһааран, 90 саа­һыгар тиийэ уһун дьоллоох олоҕу олорбута. Өссө да олоруон хамсык дьаҥа сырдык тыынын быспыта.

Дьоһун үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиирбэр: «Учууталым сыратынан, уус-уран тылга тапталынан, араас түгэҥҥэ мындыр сүбэтинэн олохпор үгүһү ситистим», — диэн эппитим.

Парламент французскай «парле» — саҥар диэн тылтан турар. Ил Түмэҥҥэ биһиги үгүстүк саҥаран, санаабытын атастаһан, араас боппуруостары быһаарабыт, сокуоннары ылынабыт.   

Онон санаабын холкутук, ылыннарыылаахтык, тылы таба туттан этэргэ үөрэппит учууталбар, уһуйаач­чыбар махталым муҥура суох. Кини олоххо үөрэтиитинэн, мин дьоҥҥо хаһан баҕарар сырдык уонна күүстээх өрүттэрин көрөргө дьулуһабын. Бырайыакпын олоххо киллэриэм, туруоруммут сорукпун ситиһиэм диэн итэҕэйэр эрэ буол­лаххына биирдэ дьон ылынар, эйигин батыһар, — диэн Мария Николаевна учууталын туһунан кэпсээнин түмүктүүр. 

Дьылҕаҥ бэлэҕэ

Учуутал идэтэ уустук, элбэх сыраны, тулууру, оҕоҕо истиҥ тапталы, араас түгэҥҥэ мындыр, киэҥ көҕүстээх буолууну эрэйэр. Киһи барыта дьиҥнээх учуутал, уһуйааччы буолбат. Кинигэттэн бэлэми ааҕан биэрэр, этиллибит эрчиллиини устан ылыҥ диир, биридимиэттэрин оҕо өйдүүрүн курдук боростуой тылынан кыайан быһааран биэрбэт, истэрин түгэҕэр тугу эрэ киҥинэйэн кэпсиир учууталлар эмиэ бааллар.

Оттон сорох учууталлар уруок­тарын оҕо чыпчылыйбакка да олорон истэрин курдук интэриэһинэйдик кэпсииллэр, олимпиадаҕа дьарыктыыллар, туруоруммут сыалгын ситиһэргэ үөрэтэллэр. Ис кыаххын сатаан арыйар, ону сайыннарар учууталга түбэһэриҥ — дьылҕаҥ бэлэҕэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Үөрэх

Кылааһы сомоҕолоон

Ааспыт үөрэх дьылыгар Нам­нааҕы кэллиэһи бүтэрбит эдэркээн Кристина Игнатьевна Старостина…
04.10.24 18:55
Уопсастыба

Ситимнээх үлэ салҕанар

2024 сыллааҕы күһүҥҥү сиэссийэҕэ дьокутааттар дьону кытта тус көрсүһүүлэрин кыраапыга от…
04.10.24 18:37