Ол сыл кини улахан дьиэ кэргэнэ олороругар анаан, дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Дьиэни Федор Матвеевич төрөөбүт дойдутугар, Кириэс-Халдьаайы сэлиэнньэтигэр туппуттара. Федор Матвеевич кэргэнэ Анна Николаевналыын уон оҕону төрөппүттэрэ, онон ыал ийэтигэр Дьоруой Ийэ аата иҥэриллибитэ.
Икки дьоруойга уонна кинилэр көмүс чыычаахтарыгар бу дьиэ дьоллоох көмүс ньээкэ уйа буолбута. Федор Матвеевич 1968 сылга диэри бу дьиэҕэ олорбута. Анна Николаевна оҕолорун кытта бу дьиэҕэ 1983 сыллаахха диэри олорбута.
Бу дьиэни чөлүгэр түһэрэргэ «Дьиэ кэргэн сыаннастара уонна култуура инфраструктурата», «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 16 658 479 солкуобай, ол иһигэр, федеральнай бүддьүөттэн 15 825 555 солкуобай көрүллэр буолла. Өрөмүөн үлэтэ 2026-2028 сылларга ыытыллыаҕа.
Хаартыска: Түмэл үлэһиттэрин түһэриитэ.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


