Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41
Общество

Кассовые сборы якутских фильмов превысили 150 млн рублей с начала 2026 года

Якутское кино вновь подтверждает статус одной из самых ярких региональных киноиндустрий страны. Так, на сегодняшний день суммарные кассовые сборы фильмов якутского производства с начала 2026 года…
25.11.26 14:11
Уопсастыба

Юрий Николаев: «Саха Сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр элбэх датаассыйаны ылары ситистэ»

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕар бастакынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн…
25.11.26 13:11
Общество

Ушла из жизни известный якутский модельер Августина Филиппова

На 78-м году жизни скончалась известный якутский модельер, заслуженный работник культуры Якутии, почетный работник сферы образования РФ, кавалер ордена «Полярная звезда» Августина Филиппова, сообщает…
25.11.26 13:08

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с учётом природно‑климатических и территориальных особенностей…
26.11.26 14:32

Төһө да хоруона хамсыгынан хааччахтааһын кэмэ буоллар, дьон үйэлээҕи үөдүтэригэр  харантыын харгыс буолбат.

Бу сайын устата өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар аһыллыбыт өйдөбүнньүк бэлиэлэри, пааматынньыктары, искибиэрдэри билиһиннэрэбит.

Төһө да хоруона хамсыгынан хааччахтааһын кэмэ буоллар, дьон үйэлээҕи үөдүтэригэр  харантыын харгыс буолбат.

Бу сайын устата өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар аһыллыбыт өйдөбүнньүк бэлиэлэри, пааматынньыктары, искибиэрдэри билиһиннэрэбит.

1 33

Саха суруналыыстыкатын Айыы Далбар Хотуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, “Гражданскай килбиэн” хаһаайына,  50-тан тахса сыл “Бэлэм Буол”-“Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова төрөөбүт Бүлүүтүгэр киниэхэ аналлаах искибиэр аһылынна. Пааматынньыгын скульптор Николай Чоччасов оҥордо, Бүлүү улууһун педагогтара үбүлээннэр.

2 11

Айар тыл аҕата, бөлүһүөк, учуонай, фольклорист А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт Дьохсоҕонугар суруйааччы бүүстээх, фонтаннаах, банаардаах остуолбалардаах, ыскамыайкалардаах, кыраһыабай көстүүлээх искибиэр аһылынна. СӨ Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранынан үбүлэннэ.
3 5

Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Албан аат ыллыга» искибиэр аһылынна. Күүкэй нэһилиэгин бастакы ыстаарыстата, нэһилиэк бочуоттаах инородеһа, мецената, атыыһыта Никита Афанасьевич Самсонов уонна РАН Саха сиринээҕи салаатын академига, экэнэмиичэскэй наука дуоктара, бэрэпиэссэр, РФ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ Наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Егор Григорьевич Егоров бүүстэрэ турдулар.

4 4

Хаҥалас улууһун “Төхтүр” спортивнай-сынньанар комплекс сиригэр-уотугар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайбыт саха саллаатыгар өйдөбүнньүк мэҥэ баар буолла. Скульптордар Николай Чоччасов уонна Владимир Левин боруонсаттан кутан оҥордулар. Пааматынньыкка Төхтүр нэһилиэгин киэн туттар киһитэ, бойобуой наҕараадалардаах хорсун саллаат, пулемётчик, РСФСР үтүөлээх булчута Абрам Степанович Ильини дьүһүйэн көрдөрбүттэр.

5 2

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр ийэлэргэ аналлаах искибиэр аһыллыыта Ийэ күнүгэр буолара былааннанар. Бу түһүлгэ -- Сииттэ оскуолатын үөрэнээччилэрин бырайыага (салайааччы А.Г. Сидорова).  Дьоруой ийэлэр ааттарын үйэтитээри, маннык бэртээхэй идиэйэни толкуйдаабыттар. Олохтоох дьаһалта хамыыһыйатыгар ситиһиилээхтик көмүскээн, билигин олохтоох уустар Н.Ф. Тимофеев уонна С.С. Винокуров оҥоро сылдьаллар.

6

Өймөкөөн улууһун Иккис Бороҕон нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама чэрчитинэн саҥа искибиэр тутулунна. Эдэр урбаанньыт Евгений Заболоцкай олохтоох ыччаты кытта кылгас кэм иһигэр оҥордулар.  Бу тутуу “Халыма” федеральнай тыраасса кытыытыгар турар “Тымныы полюһа” стеланы уонна учуонай, чинчийээччи, уһулуччулаах географ Сергей Обручев төрөөбүтэ125 сылыгар анаан туруоруллубут бүүһү холбоон биэрэр. Онон Томтор нэһилиэгэр өссө биир кэрэ көстүүлээх, дьон хараҕар хатанар миэстэ баар буолла.

7 1

Таатта улууһун Харбалаах Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан оскуолатын иннигэр норуодунай суруйааччы бүүһэ турда.  Бу бэртээхэй бүүһү оҥорторор бачыымы 1975 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр көтөхпүттэр.  Харчынан кыттыһан, бэйэлэрин холобурдарынан дьону көҕүлээн, улуу биир дойдулаахтарын сырдык мөссүөнүн үйэтиппиттэр.

8 1

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Биэ Өлбүт сайылыгар II Мөҥүрүөн нэһилиэгин А.И. Микоян аатынан холкуоһын дьонун-сэргэтин үтүө ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк аһыллыыта буолла.
Пааматынньык архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһуллубут. Тэрийэр хамыыһыйа сүүрэн-көтөн, улуус дьаһалтатыттан 99 тыһыынча солкуобайы көмөлөһүннэрбит. Онтон атын үбүн бу холкуостан төрүттээхтэр кыттыһан биэрбиттэр.

9

Кэбээйи улууһун Кировскай нэһилиэгин дьаһалтата РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын кытта үлэлэһэн, гражданскай сэрии саҕана Суол Биллиилээххэ дьоруойдуу охтубут чекистэргэ анаммыт өйдөбүнньүгү Сиэгэн Күөл «Албан аат» искибиэригэр туруордулар.

10

Уус Алдан улууһун Курбуһаҕын Хамыдал сайылыгар “Кыайыы уордьана” диэн өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла. Олохтоох уус М.М. Решетников оҥордо.  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0