Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41
Общество

Кассовые сборы якутских фильмов превысили 150 млн рублей с начала 2026 года

Якутское кино вновь подтверждает статус одной из самых ярких региональных киноиндустрий страны. Так, на сегодняшний день суммарные кассовые сборы фильмов якутского производства с начала 2026 года…
25.11.26 14:11
Уопсастыба

Юрий Николаев: «Саха Сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр элбэх датаассыйаны ылары ситистэ»

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕар бастакынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн…
25.11.26 13:11
Общество

Ушла из жизни известный якутский модельер Августина Филиппова

На 78-м году жизни скончалась известный якутский модельер, заслуженный работник культуры Якутии, почетный работник сферы образования РФ, кавалер ордена «Полярная звезда» Августина Филиппова, сообщает…
25.11.26 13:08

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с учётом природно‑климатических и территориальных особенностей…
26.11.26 14:32

«Улуус Мунньаҕа» анал балаһа бүгүҥҥү ыалдьыта  — Хаҥалас улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Антонов.

«Улуус Мунньаҕа» анал балаһа бүгүҥҥү ыалдьыта  — Хаҥалас улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Антонов.

Үлэбит сүрүн соруга дьокутааттары түмэн, улууспут сайдыытыгар сөптөөх үлэни тэрийии, ыытыы буолар

 — Анатолий Петрович, үтүө күнүнэн! Улуустааҕы дьокутааттар куорпустарын састаабыттан саҕалаан хайдах-туох  дьаһанан-дьапсынан үлэлии олороргутун кылгастык билиһиннэр эрэ.

— Улуус дьокутааттарын сэбиэтэ 25  дьокутааттаах,  бары нэһилиэктэрбитигэр уопсайа 166 дьокутаат үлэлиир. Улуустааҕы 25 дьокутааттан 18-һа эр киһи, сэттэтэ кэрэ аҥар.  35-тэн үөһээ саастаахтар 23-тэр, 35-гэр диэри саастаахтар иккиэлэр.

Билигин үлэлии олорор  дьокутааттар сэбиэттэрэ быыбарданыаҕыттан 16 сиэссийэни, 16 президиум мунньаҕын ыыттыбыт. Итини тэҥэ,   бүддьүөккэ бастайааннай хамыыһыйаҕа 9, социальнай боппуруостарга хамыыһыйаҕа 10, тыа хаһаайыстыбатын бастайааннай хамыыһыйатыгар 7, урбааҥҥа уона туризмҥа хамыыһыйатыгар 2, ОДьКХ, энергиэтикэ уонна бырамыысыланнас хамыыһыйатыгар 1 уонна бары хамыыһыйалар кыттыылаах  2  мунньахтары тэрийбиппит.  Ааспыт сылга  барыта 51 боппуруоһу көрбүппүтүттэн 19-һа нуорма-быраап боппуруостара, алтата устаапка көннөрүүнү киллэрии этилэрэ.

— Былырыын улуускутугар  бэрэстэбиитэллээх уорганнар Сэбиэттэрин тэрийбиккит. Төһө көдьүүстээҕий?

— Улууспутугар бэрэстэбиитэллээх уорганнар Сэбиэттэрин былырыын олунньу 7 күнүгэр тэрийбиппит. Сэбиэккэ Хаҥалас улууһун бары муниципальнай тэриллиилэрин дьокутааттара киирбиттэрэ. Сэбиэт үлэтин сүрүн сыалынан-соругунан  дьокутааттары түмэн,  улууспут сайдыытыгар сөптөөх үлэни тэрийии, ыытыы буолар уонна  нэһилиэк дьокутааттара улуус дьокутааттарын кытта бииргэ үлэлииллэригэр далаһа быраҕар ураты аналлаах.  Маннык хабааннаах Сэбиэт баара көдьүүһэ улахан. Ол курдук, улуус иһигэр баар кыһалҕаны, боппуруостары уталыппакка түргэнник быһаарар. Нэһилиэк дьокутааттара правовой, сокуон өттүнэн билиилээх-көрүүлээх буолууларыгар, нэһилиэктэригэр баар кыһалҕаларын сөпкө туруоран быһаарсалларыгар улахан көмөлөөх. Кинилэр таһымнарын үрдэтиигэ аналлаах сэминээрдэри тэрийэбит.

  Холобур, былырыын  кулун тутар 15-16 күннэригэр   Хаҥалас улууһугар  нэһилиэк дьокутааттарыгар аналлаах «Бэрэстэбиитэллээх уорганнар гражданскай уопсастыба сайдыытыгар оруоллара» диэн улахан суолталаах тиэмэҕэ I Форуму тэрийбиппит. Форум чэрчитинэн,  «Бэрэстэбиитэллээх уорганнар  үлэлэрин оҥорон таһаарыыга, сир сыһыаннаһыыларыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстыырга туһаайарга сүрүн боппуруостар”, “Бэрэстэбиитэллээх уорганнар нэһилиэк бүддьүөтүн  уонна улуус бырагыраамаларын оҥоруутугар оруоллара уонна кыттыылара.  Сыыппара экэниэмикэтин сайдыыта” уонна “Софрон Сыранов бэйэни салайыныыга идиэйэлэрэ” диэн тиэмэлэргэ “төгүрүк остуоллары” тэрийбиппитигэр нэһилиэк дьокутааттара көхтөөхтүк кыттан, баар кыһалҕаны хайдах быһаарартан, туруорсартан саҕалаан нэһилиэк бүддьүөтүн сөптөөх хайысхаларынан тыырарга тиийэ билэн-көрөн барбыттара. Онон маннык хабааннаах тэрээһиннэри ыытар  хайаан да наада.   Форуму түмүктүүр тэрээһининэн нэһилиэк дьокутааттарыгар аналлаах спартакиаданы ыыппыппыт. Бу маннык  хабааннаах спортивнай тэрээһини ыытар көдьүүһэ эмиэ улахан. Ол курдук, дьокутааттар  бэйэ-бэйэлэрин кытта  үчүгэйдик билсэллэр, санаа атастаһаллар. Бу, биллэн турар, салгыы түмсүүлээхтик үлэлииллэригэр далаһа быраҕар.  

ханалас фото копия— Улуус дьокутааттара нэһилиэктэринэн төһө  сылдьан олохтоохтору кытта көрсөл­лөрүй?

— Сөптөөх ыйытыыны биэрдиҥ. Улуус дьокутааттара, төһө кыалларынан, нэһилиэктэринэн хайаан да сылдьаллар. Ол курдук, сыл аайы «Дьокутаат десана» диэни тэрийэбит.  Нэһилиэктэринэн сылдьан,  олохтоохтору кытта атах-тэпсэн олорон кэпсэтэн-ипсэтэн туох кыһалҕалаахтарын, туруорсуулаахтарын билсэн баран, улууска баар тустаах тэрилтэлэргэ ол кыһалҕаларын быһаарарга  көмөлөһөллөр. Былырыын  дьокутааттар сэбиэттэрин бөлөҕө  анаан-минээн түөртэ оробуочай сырыыны оҥорбута.  Ол курдук,   түөрт бөлөххө арахсан, былырыын саас Булгунньахтаахха, ахсынньы 2 күнүгэр  Төхтүргэ, Улахан Ааҥҥа уонна ахсынньы 24 күнүгэр  Бэстээххэ сылдьыбыттара. Быйыл эмиэ хас да нэһилиэккэ сылдьар былааннаахпыт.

—  Бу сотору Дьокуускай куоракка буолуохтаах бэрэстэбиитэллээх уорганнар II сийиэстэригэр анаан-минээн дэлигээссийэ тэринэн кыттаргыт чуолкай. Сүрүннээн ханнык-туох боппуруоһу туруорсар  санаалааххытый?

—  Биллэн турар, дэлигээссийэ тэринэн кыттыахпыт. Улуус дьокутааттара Юрий Яковлев «Киин улуустарга сир нолуогун ставкатын ырытыы», Светлана Негнюрова «Демография улаатыытыгар чөл олоҕу тутуһуу оруола» уонна Александр Тимофеев «Тыа сиригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу» диэн дакылааттарынан анал ырытар былаһааккаларга  кыттыыны ылыахтара. Туруорсар боппуруостарбыт элбэхтэр. Холобур, Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн биэстэн элбэх оҕолоох аҕалары биэнсийэҕэ арыый эрдэ таһаарарга аналлаах сокуону оҥороллоругар этиилээхпит.

Бастайааннай хамыыһыйалар

— Мандаат хамыыһыйата – бэрэссэдээтэл Козлова Надежда Михайловна;

— Бүддьүөккэ, экэнэмиичэскэй сайдыыга уонна сокуоннаска хамыыһыйа – бэрэссэдээтэл Иванов Валентин Иванович;

— Үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, успуорка, ыччакка, социальнай боппуруостарга уонна буруйу кэһиигэ хамыыһыйа — Бочоева Лариса Степановна;

— Тыа хаһаайыстыбатыгар, айылҕа харыстабылыгар, сир сыһыаннаһыыларыгар уонна бас билии боппуруостарыгар хамыыһыйа – бэрэссэдээтэл Константинов Николай Павлович;

— ОДьКХ-ҕа, энэргиэтикэҕэ, бырамыысыланнаска, тутууга, сибээскэ, тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар хамыыһыйа — Тимофеев Александр Петрович;

— Урбааҥҥа уонна туризмҥа хамыы­һыйа — Латышев Валентин Александрович.

Дьокутаат санаата

Хаайыыны урукку байыаннай чааска көһөрөрү туруорсабыт

Александр Тимофеев, Хаҥалас улууһун дьокутаата, Булгунньахтаах С.П.Ефремов аатынан агро-оскуолатын дириэктэрэ:

Александр Тимофеев копия— 2019 сылга II Малдьаҕарга тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматынан 4 мөл. солк., Тойон Арыыга чааһынай дьиэлэри киин хочуолунайга холбуурга 1 мөл. солк, Булгунньахтаахха орто оскуола сарайын оҥоруутугар 680 тыһ. солк. улууспут бүддьүөтүттэн туруорсан ылан, ити этиллибиттэргэ үлэ ыытыллыбыта. Итини тэҥэ, I Малдьаҕартан төрүттээх Петр Михайлович Павловка улуус Бочуоттаах олохтооҕун аатын уонна II Малдьаҕар орто оскуолатыгар Саха АССР үтүөлээх учуутала Мотрена Егоровна Васильева аатын иҥэриигэ үлэлэстим, иккиэн кыалыннылар.
Билигин тыа сирин нэһилиэктэригэр 3-түү, 5-тии этээстээх толору хааччыллыылаах таас дьиэлэри тутууну күүскэ туруорсар санаалаахпыт. Тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар үлэлиир дьоҥҥо туох эмит чэпчэтиини туруорсар соруктаахпын. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 7 сылтан ордук үлэлээбиттэргэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах наҕараада бэриллиэхтээх уонна 15 сыл үлэлээбиттэр биэнсийэҕэ тахсыахтаахтар дии саныыбын. Аны туран, Хаҥалас улууһун сиригэр-уотугар баар хаайыылары Владимировка аттынан мырааҥҥа быраҕыллыбыт байыаннай чааска көһөрөрү туруорсабыт. Хаайыы нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларыгар баара адьас куһаҕан, мөлтөх өрүттэрэ элбэх. Онон хаайыылары Хаҥалас улууһун сириттэн-уотуттан СӨ тэриллибитэ 100 сылын көрсө атын сиргэ хайаан да көһөрүллүөхтээх, бу билиҥҥи, аныгы олох ирдэбилэ буолар.

Александр ТАРАСОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0