Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41
Общество

Кассовые сборы якутских фильмов превысили 150 млн рублей с начала 2026 года

Якутское кино вновь подтверждает статус одной из самых ярких региональных киноиндустрий страны. Так, на сегодняшний день суммарные кассовые сборы фильмов якутского производства с начала 2026 года…
25.11.26 14:11
Уопсастыба

Юрий Николаев: «Саха Сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр элбэх датаассыйаны ылары ситистэ»

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕар бастакынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн…
25.11.26 13:11
Общество

Ушла из жизни известный якутский модельер Августина Филиппова

На 78-м году жизни скончалась известный якутский модельер, заслуженный работник культуры Якутии, почетный работник сферы образования РФ, кавалер ордена «Полярная звезда» Августина Филиппова, сообщает…
25.11.26 13:08

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с учётом природно‑климатических и территориальных особенностей…
26.11.26 14:32

Ил Түмэн көҕүлээ­һининэн ыытыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын I декадата өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар, дьокутааттарга уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ саҥа механизмы толкуйдаан, 2021 сылтан субсидия саҥа механизмын олоххо киллэрэр туһунан сыалы-соругу туруорбута. Билиҥҥи туругунан, тыа хаһаайыстыбатыгар туһааннаах 15 сокуоннаахпыт. Декада үлэтин түмүгүнэн сокуоннарга уларытыыны киллэриэххэ диэн этии киирбитэ.

Ил Түмэн көҕүлээ­һининэн ыытыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын I декадата өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар, дьокутааттарга уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ саҥа механизмы толкуйдаан, 2021 сылтан субсидия саҥа механизмын олоххо киллэрэр туһунан сыалы-соругу туруорбута. Билиҥҥи туругунан, тыа хаһаайыстыбатыгар туһааннаах 15 сокуоннаахпыт. Декада үлэтин түмүгүнэн сокуоннарга уларытыыны киллэриэххэ диэн этии киирбитэ.

«Үлэһит киһиэхэ көмө баар»

 Степан Терешкин, Нам улууһун Партизан нэһилиэгин олохтооҕо:

Терешкин копия— Бэйэм бастаан бааһынай ха­һаа­йыстыба тэринэн, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанан саҕалаабытым. Кэннники сүөһүлээх-астаах дьону кэтээн көрөн, от тиийбэт кыһалҕатыттан, быраҕыллыбыт бааһы­наны сөхсүтэн, сүөһү эбии аһылыгын ыһан саҕалаабытым. Ол курдук, 2018 сыл сайыныгар биир сыллаах суданканы (суданская трава), эбиэс оту ыспытым. Өлгөм үүнүүнү ылбытым. 2019 сылга сүөһү эбии аһылыгын бэлэмниир кооператив тэриммитим.

Быйыл 100 төбөҕө хотон туттан, нэһилиэнньэ сүөһүтүн үүт харчытын суотугар көрөн-харайан тутар баҕабын быйылгыттан олоххо киллэрэрдии сананным. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар граныгар кыттаары сылдьабын. Маннык үлэ нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр, ордук сүөһүтүн эһиэн баҕарбат эрээри кыайан көрөр кыахтара суох дьоҥҥо ордук табыгастаах. Итиэннэ маннык тэрилтэ икки өттүттэн барыстаах. Билиҥҥи туругунан, сүөһүнү кыстатан таһаарар биирдиилээн дьонтон үгүс сыраны эрэйэр. Үп-харчы да өттүттэн уустуктардаах. Чааһынай дьон сүөһүтэ, эбии аһылыга суох буолан, саас ырыганнаан охторо баар суол. Ол иһин эбии аһылыгы бэлэмниир кооператив тэриллибитэ. Бэйэм бааһына сирин таҥастаан, хортуоска уо.д.а. оҕуруот аһын олордор уопуттаах буолан, бу өттүгэр харгыстары көрбөппүн. Салгыы турнепс үүннэрэн, сүөһү аһылыгын бэлэмнииргэ эмиэ күүскэ ылсан, кооператив сүөһүтүн толору иҥэмтэлээх аһынан хааччыйарга усулуобуйа баар. Саамай кылаабынайа, нэһилиэгим, улууһум салалтата өйүүр, нэһилиэнньэ улахан аҥара эмиэ үлэлэһэргэ бэлэм.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл суох диэн элбэхтэ истэбит. Дьиҥин ыллахха, өрөспүүбүлүкэ салалтата кыах баарынан үлэ ыытар. Мин саныахпар, үлэлээбэккэ көннөрү харчы сиэн баҕалаах дьон итинник тыллаһар. Чахчы үлэлиир киһиэхэ көмө, дьиҥэр, баар.

«Тыа хаһаайыстыбатын чиэһинэй дьон өрө тардыа»

 Дьулустаан Потапов, Үөһээ Дьааҥы Табалаах нэһилиэгин дьокутаата:

Джулустан Потапов копия— Тыа хаһаайыс­тыбатын декадатыгар элбэх боппуруос көрүллүбүтэ. Биллэн турар, бүддьүөт кыайарынан араас механизмы тобулан үлэлэтэ сатыыллар. Ол гынан баран, ис-иһигэр киирдэххэ, чахчы үлэлиир чиэһинэй дьоҥҥо син сөптөөх көмө баар.

Таба иитиитигэр өрөспүүбүлүкэ араас хайысхалаах көмө дьаһаллары ылынар. Ол үчүгэй. Ол эрээри миэстэтигэр баар кыһалҕалары быһаарарга улуус, нэһилиэк өттүттэн өйөбүл эмиэ баар буолуохтаах. Холобур, өрөспүүбүлүкэттэн көмө ылаары таба ахсаанын элбэх гына суруйтарар сорох төрүт-уус общиналар баалларын бэлиэтиир оруннаах. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын сайыннарардыы туруннахха, үп-харчы элбэх көрүллэрин ааһан, чиэһинэй сыһыан, чахчы киһи үлэлиэн баҕарар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Табаһыт дьону өйөөн, чахчы туохха наадыйалларын көрөн, олорор сирдэрин-уоттарын көрүнэллэригэр, күрүө-хаһаа тутталларыгар бигэ тирэх, саҥалыы сыһыан наада.

 Оттооһун тыһыынча сыллааҕытын курдук...

 Александра Ульянова, Үөһээ Бүлүү Үөдүгэй нэһилиэгин Куду нэһилиэнньэлээх пуунун олохтооҕо:

Александра Ульянова копия— Киһи буолан, тыыннаах сылдьыы мэктиэтэ ас-үөл буоллаҕа дии. Оттон саамай иҥэмтэлээҕэ, туһалааҕа — олохтоох ас. Атыннык эттэххэ, элиитэлээх ас, маннык аһы аан дойду баайдара, кыахтаахтара эрэ аһыыллар. Ол иһин өрүү үрдүктүк сыаналанар. Оттон биһиэхэ тыа хаһаайыстыбата кэхтэр суолга киириэхчэ. Маныаха аҥаардас судаарыстыба эрэ буруйдаах диир сыыһа буолуо дии саныыбын. Дьон түргэн таһаарыылаах уонна үгүөрү хамнастаах үлэни эккирэтэн, куораттарынан, оройуон кииннэринэн тарҕаһан хаалла, эдэрдэр тэйдэр тэйэн иһэллэр. Тыаҕа билигин ахсааннаах дьон сүөһүлээх олороллор, айахтарыгар эрэ мөхсөллөр. Бэл, биһиги курдук кып-кыра дэриэбинэҕэ сүөһүлээх тарбахха баттанар. Дьон оскуолаҕа, оҕо саадыгар үлэлээн хамнас аахса сатыыр, оттон сүөһүлэрэ айахха эрэ барар.

Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, сүөһү үлэтэ саамай кирдээх, ньаҕарай, киһини өрө көрдөрбөт айылгылаах үлэ. Сүүс иһинэн төбөнү буостуктааһын күүһү таһынан үлэ. Ол иһин, аҕыйах кэтэх сүөһүлээхтэн ураты, ким даҕаны сүргэтэ көтөҕүллэн туран, үөрэ-көтө хотоҥҥо тахсыбат. Күнтэн күн биир көстүү, саах-иик, сыт-сымар...  Улахан  хаһаайыстыбаларга барар-кэлэр сирдэрэ кыараабыт дьон үксүн хамнастаһаллар, эргиллэн көрбөккө эрэ, үлэни үмүрүтэ эрэ сатааһын дьүккүөнэ!

Судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын бары салаатын хайа кыалларынан кэриэлийбэккэ өйүөхтээх — дьон доруобуйата, олоҕо-дьылҕата онтон тутуллар ээ, омук быһыытынан сананарбыт саҕаланар.

Биһиги дэриэбинэбитигэр судаарыстыбаттан туох да сүүрээн биллибэт. Тыа сирин өйүүр сыл буола сылдьыбыта да, тугунан да бэйэтин биллэрбэтэҕэ. Ол-бу граннар, стартаптар буолуталыыллар үһү да, биһиги туспутугар кыбыс-кытаанах, хайа бэйэлээхтэр тиксэллэрэ буолла? Син биир кыаныаххыт суоҕа диэн буолар. Уонна ити стартаптарын уон бырыһыаннаах үптэрин уйунар харчыбыт да суох, хантан кэлиэй, тыаҕа. Кииҥҥэ син итиччэни мунньуналлара буолуо да, атыҥҥа туттар буоллахтара, сүөһүнү ииттэр санааҕа киирбэттэр. 35-тии тыһыынча төбөҕө бэриллиэ дииллэр, ол элбэх ыанньыктаахтарга бойум буолуо да, син биир айах харчыта эрэ. Туох кэскиллээх тэрил кэлиэй итиннэ! Үүт харчыта мөһөөх буоллаҕына, хамсааһын тахсыан сөп эрээри күүһүҥ таһыттан ордук үлэлээбэт буоллаҕыҥ.

Билигин тыа сирэ хаһааҥҥытааҕар да сэниэлээх өйөбүлү эрэйэн, күүтэн турар. Кыра хаһаайыстыбаларга тирэниэххэ баара. Кыра хаһаайыстыба анал үбү кутууга наадыйбакка эрэ, бэйэтэ үлэлиир кыахтаах. Үүтү тутуу харчыта сиэрдээх буоллаҕына, туоннаҕа сүүс тыһыынчаны аахсаллара буоллар, икки туоннаны, үс туоннаны туттара сатыыр дьүккүөн баар буолуо этэ. Онтуҥ бар дьонтон мунньуллан, элбээн иһэр буоллаҕа дии. Ол үөһэ олорон үлэлээччилэргэ тоҕо эрэ өйдөммөт. Улахан хаһаайыстыба көрүүтэ-үлэтэ аһара элбэх, кутуллар үпкэ остуойута суох. Аны биир сиргэ элбэх төбө мустуута ыарыы элбииригэр тиэрдэр, ол аата эмкэ-томко, прививкаҕа-вакцинаҕа наадыйар.

Иккиһинэн, модернизация наада. Сүөһү көрүллэр буолуоҕуттан ылата туттуллар принциптээх хотонтон араҕа иликпит. Кэтэх ыалга букатын да, балаҕантан араарыы кэнниттэн, атын туох да уларыйыы суох. Оттооһун эмиэ, тыһыынча сыл анараа өттүгэр курдук, күҥҥэ куурдан хатарыыттан уларыйан, атыннык хамсыы иликпит. Халлаантан толору тутулуктаахпыт, үүнүүттэн саҕалаан, кэбиһиигэ тиийэ. Тыа хаһаайыстыбатын салаатын науката туох да кылаата суох, муҥ саатар, кырдаайыттан быыһанар суолу тобулуохтар эбит.                       

Үсүһүнэн, тыа киһитин үлэтин дьиҥ-чахчы дьыаланан өйөөн, оттуур техниканан босхо хааччыйыахха наада! Хас да миллиард үп кэлэн, ханна иҥэрий-барарый — тыа киһитигэр кыра трактор, онтукайыгар от охсор, мунньар, пресстиир биэрэллэрэ буоллар, куоталаһыннаран-сырыһыннаран эрэйдээбэккэ эрэ, дьэ, ол буолуо этэ, дьиҥнээх кыһамньы! Сүөһү аһылыгын булунуу — сүөсүһүт үлэтин улахан аҥаара, саамай тутаах өттө эбээт. Кыһыҥҥы көрүү-харайыы буолуохтаах буолуохтааҕынан.

Төрдүһүнэн, олохтоох боруоданы сэниэлээхтик өрө тардыы соруга туруохтаах. Онуоха эмиэ туспа өйөөн буолбатах, саха боруода сүөһүтүн баҕалаах дьоҥҥо түҥэтии, тарҕатыы наада. Уоннааҕыта бэйэтэ бара туруо, кыралаан сайдан бардахпыт ол.

Ирина Ханды

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0