Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41
Общество

Кассовые сборы якутских фильмов превысили 150 млн рублей с начала 2026 года

Якутское кино вновь подтверждает статус одной из самых ярких региональных киноиндустрий страны. Так, на сегодняшний день суммарные кассовые сборы фильмов якутского производства с начала 2026 года…
25.11.26 14:11
Уопсастыба

Юрий Николаев: «Саха Сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр элбэх датаассыйаны ылары ситистэ»

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕар бастакынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн…
25.11.26 13:11
Общество

Ушла из жизни известный якутский модельер Августина Филиппова

На 78-м году жизни скончалась известный якутский модельер, заслуженный работник культуры Якутии, почетный работник сферы образования РФ, кавалер ордена «Полярная звезда» Августина Филиппова, сообщает…
25.11.26 13:08

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с учётом природно‑климатических и территориальных особенностей…
26.11.26 14:32

Сэрии быһаччы кыргыс толоонугар эрэ буолбакка, эйэлээх дэнэр нэһилиэнньэҕэ эмиэ алдьархайдаах өлүү-сүтүү мэҥэһиктээҕинэн уратыйар. Оттон ол мэҥэһиктэр араас төрүөттээх буолаллар. Бары кэмнэргэ, бары сэриилэргэ, бары дойдуларга барыларыгар итинник этэ.

Сэрии быһаччы кыргыс толоонугар эрэ буолбакка, эйэлээх дэнэр нэһилиэнньэҕэ эмиэ алдьархайдаах өлүү-сүтүү мэҥэһиктээҕинэн уратыйар. Оттон ол мэҥэһиктэр араас төрүөттээх буолаллар. Бары кэмнэргэ, бары сэриилэргэ, бары дойдуларга барыларыгар итинник этэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ньиэмэс сөмөлүөттэрэ хара тордох курдук көтөн кэлэн, улахан куораттары, стратегическай суолталаах эбийиэктэри, айаннаан иһэр поезтары үнтү буомбалаатахтарына, төһө киһи өлбүтүн быһаарар уустук буолуоҕа. Оттон үс сыл кэриҥэ кэмҥэ салҕанан барбыт Ленинград былакаадата диэн, букатын киһи өйүгэр батан киирбэт норуот алдьархайа буоллаҕа. Сэриини төлө тарпыт басыыстыы Германия бэйэтин эйэлээх олохтоохторо даҕаны, араас суостаах балаһыанньаларга эмиэ түбэспит ахан буолуохтаахтар.

Ити сэрии быһаччы бара турар сирдэригэр. Сэрии суоһа-суодала тиийбэккэ турар тыылыгар даҕаны туох улахан ордук балаһыанньа баар буолуой. Син биир дьон өлүүтэ тахса турдаҕа. Ол иһин сэрии дэнэн эрдэҕэ.

Сэриилэһэр боруонтан таһыччы ыраах олохтоох Саха сирин эйэлээх нэһи­лиэнньэтэ  кыайыы туһугар иэдээннээх сиэртибэни биэрбитин бары билэбит. Бары билэбит дуо? Үчүгэйдик билэбит дуо?... «Бэркэ билэбит» диэҕи киһи тыла тардар.

 Нуучча норуотугар сэрии алдьархайа, эрэйэ-муҥа, сүүнэ сиэртибэтэ бэйэлэрэ үөскэппит-төрөппүт «Война все спишет» диир эмиэ да муударай, эмиэ да кэрээнэ суох курдук тыллаһыы баар. Дьэ, кырдьык, сэрии элбэҕи «соттоҕо», «сууйан кылбатан кэбистэҕэ». Дьиҥнээҕинэн, былаастаах, эппиэтинэстээх дьон бары итэҕэһи, ол иһигэр бэйэлэрин тустаах буруйдарын, аньыыларын-хараларын сэрии суотугар анньан, онно сүктэрэн, онон бэйэлэрин «кырдьыктарын» таһаарынар, оччоттон баччаҕа диэри туттар ньымалара буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын дэпэртээмэнэ  2012 сыллаахха «Кыайыыга тиэрдибит эндирдээх суол» дөкүмүөннэр хомуурунньуктарын таһаарбыта. Кинигэ киирии тылыгар суруллар: «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыайыы уонна сэрии хаанынан оҕуолуур оспот баастара, биһиги норуоппут сүрэҕэр, дууһатыгар иҥэринэн сылдьар киэн туттуутунан, ону тэҥэ ааспат-арахпат кутурҕанынан буолаллар. …Сэрии сылларыгар Саха сирин тыатын сирин нэһилиэнньэтэ саамай ыарахан демографическай сүтүктэммитэ. 1938-39 сс. саҕалаан 1944 сылга диэри, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар кураан уонна ол содула сут сатыылаан турбута. Сэрии сылларын усталарын тухары, тыа сирин олохтоохторугар хоргуйан уонна ыалдьан өлүү куттала арахпакка  суоһаабыта. Ол үрдүнэн дьон-сэргэ сэриилэһэр аармыйаҕа көмөлөһөр инниттэн, тиһэх тыыныгар диэри туруулаһан үлэлээбитэ. Уһун сыллар усталарыгар үлэлээбит күннэрин иһин туох да төлөбүрү ылбакка туран».

Ити этиллэр дөкүмүөннэр хомуурун­ньуктарыгар өрөспүүбүлүкэ элбэх нэһилиэк­тэриттэн үөскээбит ыарахан балаһыанньаны үөһээ салалталарга кэпсиир элбэх суруктар бааллар. Олортон бэрт ахсааннаахтарын быктарар кыахтаахпыт. Тыа дьоно сахалыы суруйбуттар, ону хайдах баарынан, суруллубуттарынан биэрэбит.

 Уус-Алдан оройуонун II-с Курбуһах нэһилиэгин И.Сталин аатынан холкуоһун бэрэссэдээлэ

Ермолаев САССР Верховнай Сэбиэтин Бүрүсүүдьүмүгэр сайабылыанньата

1941 с.                                                          Олунньу 5 к.

Биһи, Уус Алдан II Курбуһах «Сталин» колхос, 3 сыл тухары хаһыҥ уонна кураан алдьатынан сукка хаптарбыты тыллаан көрдөһөбүт:

Биһи холхос 97 хаһаайыстыба, дууһата 330 киһи, онтон үлэни кыайара 100-кэ киһи. Бу дьон аһылыга суох буолан сутааһын баран эрэр. Биирдии эмэ сүөһү баарын сиэри гыналлар. Күн тура-тура правленияттан аһылык көрдүүллэрэ хойдон иһэр.

Колхостаахтар үлэһиттэрбит, оҕолорбут уонна ыарыһахтарбыт аһылыга суох тулуйбат буоллулар, онон аһыыр аһынан, бурдугунан көмө оҥорон көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.

Биһи колхос 100% күүс кыайыытынан курааны кытары охсуһа сатаатыбыт буолан баран кыаттардыбыт.1939 с. 2800 көлөһүн күнүн, 1940 с. 31000 көлөһүн күнүн таһаарбыппыт, ол тухары хамнас төлөбүрэ суох. Онон сутааһын барда.

Манан биһи олохпутугар көмүскэл оҥо­рор­гутугар көрдөһөбүн. Илии баттаан туоһу­луубун: «Сталин» колхуос правлениетын председэтэлэ Ермолаев

СӨ НА. 50.П. 1. Уоп.  1963. Дь. 70.Л.

Горнай райисполкомун Октябрьскайдааҕы нассоветын председателя Н.Н.Иванов САССР Верховнай Советын

Президиумун председателя С.П.Сидороваҕа бурдугу атыылаһарга көмө оҥороругар заявление

1941 с.                                                             Олунньу 18 к.

Биһиги наслег 4 колхозтардаах, онно 140 хаһаайыстыбалардаах. Маныаха 1939-40 сс. бурдук үүнүүтэ хаһыҥтан уонна кураантан букатын суох кэриэтэ. 1940 с. 93 га туораахтаах культура ыһыытыттан ортотунан биирдии гаттан 3,40 ц үүнүү кэлбитэ, оттон 1939 с. итиннээҕэр намыһах үүнүүнү ылбыттара. Онон үлэ күнүгэр биир да грамм семяны үллэстибэтэхтэрэ 2 сыл буолла.

…Колхозтаахтар аҥаардас этинэн аһыыллар, онтукалара даҕаны үгүс ыалларга бу күннэргэ бүтэн эрэр. Онон общественнай үлэҕэ кытталларын оннугар куобахтаан, балыктаан аһыы баран хаалаллар. Ону таһынан школа оҕолоро хлебтара суоҕунан отсевтыыр быһыылара эмиэ баар буолла.

…Верховнай Совет сыаналаан сөптөөх көмөнү оҥорорун эрэйэбит, 5 тонна бурдугу «Холбостон» эбэтэр Горнай райпотуттан көҥүллээн биэрэргитигэр көрдөһүү киллэрэбин. Миэхэ олохтоох Совет үлэһитэ буоларым быһыытынан массаттан элбэхтик көрдөбүллэр киирэллэринэн олохтонон суруйабын.

Октябрьскай нэһилиэк советын ситэриилээх комитетын председателэ        Н. Иванов

СӨ НА. 50.П. 1. Уоп. 1954. Дь. 50 – 53. Л.

Сунтаар оройуонун II Бордоҥ нассоветын бэрэссэдээтэлэ Иванов ВКП(б) РК сэкирэ­тээрэ

И.Г. Константиновка уонна  райисполком  бэрэссэдээтэлэ Федоровка эпидьиэмийэ туруутун туһунан иһитиннэриитэ

Биһиги наслекка население 80% кэриҥэ сытар ыарыыга. Маны ааһан 26/II туругунан 6 киһи өллө, бу таһыгар хас киһи өлүө биллибэт. Бу ыарыы элбэҕин түмүгүттэн населениеҕа ханнык да сөптөөх үлэ барбат. Маны тэҥинэн школаҕа  оҕо 75% эрэ үөрэххэ турар. Бу ыарыы инники өттүгэр населенияны хайдах гыныа биллибэт. Сибилигин 20-30 киһи өлөр кутталга сыталлар.

Колхозтаахтар аҥаардас фермаларын сүөһүтүн эрэ көрөр буоллулар. Онон көрдөһүллэр аҕыйах времяҕа фельшердэ командировкалыыргытыгар, манна ороддуомҥа олорон эрэн населенияҕа көмөнү оҥоруо этилэр.

2-с Бордоҥ нассоветын

председателэ                                          Иванов

Райком сэкирэтээрин резолюцията: Райздрав

т. Семеновка. Бүгүн бу нэһилиэккэ бырааһы

таһаарыахха.                                          Константинов.

СӨ НА. 75. – Ф. П  9. Уоп. 16. Дь. 144. Л.

Орджоникидзевскай оройуон БКП(б) кэмитиэтин сэкирэтээрэ Яковлев Нөмүгү

сельсоветын бэрэссэдээтэлэ Михайловка суруга

1942 с.                                              Балаҕан ыйын 24 к.

Партия уобаластааҕы комитетын бюротун 19/IX – 42 с. уурааҕар олоҕуран, сэриилэһэр кыһыл Армия боецтарыгар, командирдарыгар уонна политүлэһиттэригэр Октябрьскай социалистическай революция 25 сылын туолуутун аатынан бэлэхтэри ыытыыга бэйэҕит үлэһиттэргитигэр, колхозтаргытыгар массовай политическай үлэтэ ыытыҥ.

Эһиги нэһилиэккэ барыллааһын былаан бэриллэр 200 солкуобай. Бу үп хомуурун кэлэр ый 5 күнүн ааспакка бүтэриэхтээххит, хомуллубут үбү киллэрэҕит Госбааҥҥа Кыһыл Армияҕа подарок счетугар, сөптөөҕүнэн көрөн киһиннэн посыылкаларда тэрийтэлээҥ.

Бу үлэни түргэн время иһинэн тэрийэн сайыҥҥы суолунан алтынньы ый 1 күнүн иннинэ курдук дьаһалла ылыҥ. Посыылкаларга буорту буолбат продуукталары, таҥастары (сахары, кондитерскай аһылыктары, табаҕы, бириитибэлэри, соттордору, мыыланы, одеколону уо.д.а.). Бэйэҥ колхоһуҥ членнэриттэн биирдии посыылканы ыытыыны планнаахтык тэрийэргэ кыһаныахтааххыт.

Райком секретара                                 Яковлев

 СӨ НА. 667. П. 1. Уоп. 87. Дь. 26.Л.

Таатта райисполкома боруоҥҥа көмө туһунан Саха АССР Совнаркомун

бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.З.Борисовка түһэрбит

хомуур дааннайдара

1943 с.                                                             Тохсунньу 1 к.

Оройуон холкуостара, холкуостаахтара, оробуочайдара уонна сулууспалаахтара 1942 сылга боруоҥҥа оҥорбут көмөлөрүн туһунан иһитиннэрэбит.

Холкуостар (34 холкуос дааннайынан) биэрдилэр: арыыны – 225,400 киилэни, эти – 258 киилэни, оҕуруот аһын – 1 туоннаны,

Холкуостаахтар (34 холкуос дааннайынан) биэрдилэр: судаарыстыбаннай иэс облигацияларынан – 137839 солк., оборуона пуондатыгар харчынан – 5421 солк., ичигэс таҥаһынан – 5049 уст., харчынан мал-сал лотереятыгар (икки таһаарыыга) – 20882 солк., тааҥкалар холуонналарын тутууга – 16220 солк.

Оробуочайдар уонна сулууспалаахтар, Хаандыганы киллэрэн туран, биэрдилэр: судаарыстыбаннай иэс облигацияларынан – 1387815 солк.,хомуур пуондатыгар харчынан – 103852 солк., ичигэс таҥаһынан – 4216 уст., лотереяҕа – 462360 солк., тааҥкалар холуонналарыгар – 258788 солк. Басыыс оккупааннарыттан босхоломмут кырасдааныскай нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөн – 28324 солк. Кыһыл Аармыйаҕа бэлэх быһыытынан – 150824 солк. Тимир луома хомулунна – 371,85 сэнтиниэр.

РИК бэрэссэдээтэлэ Андреев. РИК сэкирэтээрэ  Неустроев.

СӨ НА. 52. П. 20.Уоп. 250 Дь. 9 – 9. Л.

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0