Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41
Общество

Кассовые сборы якутских фильмов превысили 150 млн рублей с начала 2026 года

Якутское кино вновь подтверждает статус одной из самых ярких региональных киноиндустрий страны. Так, на сегодняшний день суммарные кассовые сборы фильмов якутского производства с начала 2026 года…
25.11.26 14:11
Уопсастыба

Юрий Николаев: «Саха Сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр элбэх датаассыйаны ылары ситистэ»

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕар бастакынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы уонна 2028–2029 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн…
25.11.26 13:11
Общество

Ушла из жизни известный якутский модельер Августина Филиппова

На 78-м году жизни скончалась известный якутский модельер, заслуженный работник культуры Якутии, почетный работник сферы образования РФ, кавалер ордена «Полярная звезда» Августина Филиппова, сообщает…
25.11.26 13:08

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с учётом природно‑климатических и территориальных особенностей…
26.11.26 14:32

Нэһилиэнньэттэн сир аһын хомуйан астыыр тэрилтэлэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тарбахха баттаналлар. Үгүс өттүгэр ТХПК нөҥүө барар. «Дикорос» диэн хайысха саҥа сайдан эрэр да диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.

Нэһилиэнньэттэн сир аһын хомуйан астыыр тэрилтэлэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тарбахха баттаналлар. Үгүс өттүгэр ТХПК нөҥүө барар. «Дикорос» диэн хайысха саҥа сайдан эрэр да диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.

Баара-суоҕа 6%-на эрэ туһаҕа тахсар

Арассыыйаҕа бу хайысха, ис иһигэр киирдэххэ, балачча суола-ииһэ торумнаммыт, нэһилиэнньэттэн сир аһын тутар улахан тэрилтэлэр бааллар. Холобур, «Русбиоальянс» тэрилтэ балачча киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир. Нэһилиэнньэттэн сир аһын үрдүк сыанаҕа тутар. Ол курдук, черниканы киилэтин 80–120 солкуобайга, моруосканы - 250 солк., уулаах отону — 80-100 солк., үрүҥ тэллэйи —180 солк. Даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр 130-150 солкуобайга диэри туталларын билэбин.

"Бу да буоллар, бэл, «Русбиоальянс» тэрилтэ кэккэ кыһалҕалары көрсөр", — диэн Арассыыйатааҕы Отон сойууһа (Ягодный союз) иһитиннэрэр. “Ол курдук, коронавирус дьаҥа туран, сир аһын тутар тэрилтэлэр улахан охсууну көрүстүлэр. Оннооҕор инвестициялаах баай тэрилтэлэр уйаларыгар уу киирбит. 25 сыл устата бу хайысха умнууга сылдьыбыт эбит буоллаҕына, 2016 сылтан "дикорос" хайысхата Арассыыйаҕа биллэ өрүттэн испитэ. Былырыын хаһааҥҥытааҕар да элбэх үүнүүнү ылбыппыт — 18,7 тыһ. туоннаны. Ол эрээри пандемия быйыл улахан охсууну оҥордо”, — диэн генеральнай дириэктэр Ирина Козий этэр.

Тыа хаһаайыстыбатын дааннайдарын ылан көрдөххө, сир аһын саппааһа 8,5 мөлүйүөн туоннаҕа тэҥнэһэр. Онтон баара-суоҕа 6%-на эрэ туһаҕа тахсар. Сүрүн төрүөт, биллэн турар, инфраструктура ситэ сайда илигэр, суол-иис мөлтөҕөр сытар. Маны сэргэ хомуллубут сир аһын харайар сир суоҕа, ситимнээх үлэ ыытыллыбата харахха быраҕыллар.

дикорос1 копия

Саха сиригэр табыгастаах хайысха

Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн айылҕатыгар сир аһын арааһа үүнэр. Бу өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр биир барыстаах хайысха буолуон сөп. СӨ Тыа хаһаайыстыбатыгар министиэрис­тибэ­тин Ас-үөл уонна оҥорон таһаарыы бырамыы­сыланнаһын департаменын салайааччыта Василий Афанасьев Саха сиригэр сир аһын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы туругун уонна кэскилин туһунан кэпсиир:

—Саха сирин аһын-үөлүн бырамыы­сыланнаһыгар үүнүүтэ өлгөмүнэн, итиэннэ кыһыннары буортуйбакка турарынан уулаах отон саамай табыгастаах сир аһа буолар  — күһүөрү хомуллар уонна дьааһыкка саас буолуор диэри битэмиинин сүтэрбэккэ турар. Быйылгы былаанынан, 140 туонна отону тутуохтаахпыт. Аҕыс соҕотуопкалыыр тэрилтэлээхпит, олор улуустарынан хомуйаллар. Ол курдук, “Ягоды Якутии” хампаанньа 30 туоннаны тутар былааннаах.“Якутия” ФАПК сыл аайы 30 туоннаны нэһилиэнньэттэн хомуйар, “Ягодка” диэн настойканы оҥорон таһаарар. «Саха концерн продукт” тэрилтэ, Амма, Чурапчы, Нам СХПК-лара кыралыы кээмэйинэн тута олороллор. Сыаната араас-араас, ортотунан 150 солкуобай. Улуус-улуус сыанатын араастаан быһар, сороххо 120 солк., атыттарга 160 солкуобайга тиийэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сир аһын тутуу көрүҥэ сыллата элбээн иһэрэ үөрдэр. Холобур, күөх луугу тууһаан, бырамыысыланнас таһымыгар таһаардылар. Дьиикэй күөх луугу аан дойду үрдүнэн ким да атыыга таһаарбат. Маны сэргэ кучу оттон (Иван чай) чэй оҥорон таһааран атыылыыллар. Кэлин сайдан, Арассыыйаны ааһан, тас да дойдуларга тахсар былааннаахтар. Онон ыырбыт кэҥээн иһэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин территория­та киэҥ буолан, холобур, отон илин эҥэр үүммэтэҕинэ, Бүлүү бөлөххө, онно кураан­наатаҕына, хоту да, киин да улуустарга үүнэр. Онон сир аһын хомуйууга, туттарыыга харгыс суох, — диэн Василий Афанасьев кэпсиир.

Василий Владимирович этэринэн, «дикорос» диэн хайысха, тыа хаһаайыстыбатыгар ынах сүөһүнү, сылгыны иитии курдук, күннээҕи оҥорон таһаарыы бородууксуйата буолар чинчилээх. “Тоҕо диэтэххэ, сүөһү, сылгы этин-үүтүн оҥорон таһаарыыттан, балыктааһынтан, о.д.а. хайысхалартан быдан барыстаах. Холобура, ити “Күн” диэн бренд бородууксуйатын Арассыыйа 5 эрэгийиэнигэр уонна тас дойдуга ыытар. Холобурдаатахха, үс тыһыынча туонна сироп биһиги харчыбытынан 11,5 миллиард солкуобай буолар. Оччону оҥорон таһаарар биһиэхэ билигин кыаллыбат — хомуйар систиэмэбит суох. Ити үүтү тутуу курдук, отону тутуу систиэмэтин оҥорон, сылын аайы тиһигин быспакка үлэлэттэхпитинэ, бүддьүөккэ улахан үбү киллэриэ этибит. Ол курдук, "хаһан баҕардахпына үргүүбүн, туттарабын" диэн буолбакка, биригээдэлэри тэрийэн, сайын ахсын сир аһын хото хомуйтаран, ситимнээхтик дьаһанан барыахтаахпыт. Билиҥҥи туругунан Саха сириттэн экспорка тахсар кыахтаах бородууксуйа сир аһа буолар. Холобур, эт, үүт, балык эргинэргэ үгүс күчүмэҕэйдээх эбит буоллаҕына, сир аһа тас дойдуга тахсара дэбигис. Кылаабынайа, атыыга барар, батарар ыырбытын кэҥэттэхпитинэ, дьон-сэргэ биһирээтэҕинэ – биир саамай барыстаах уонна кэскиллээх хайысха. Онон ылсан, бу өттүгэр үлэлиир былааннаахпыт, үлэлии-хамсыы сылдьабыт, — диэн түмүктүүр Василий Афанасьев.

дикорос копия

Битэмииннээх аһынан хааччыйаары

Намнааҕы “Эрэл” СХПК сылын аайы нэһилиэнньэттэн сир аһын араас көрүҥүн тутан, барыанньа, сироп, о.д.а. араас аһы оҥорон атыылыыр. Бу тэрилтэ иһинэн үлэлиир ООО “Эрэл+Пищекомбинат” сэбиэдиссэйэ Александра Бугаева кэпсиир:

—Бу тэрилтэҕэ үлэлээбитим бэһис сыла. Нэһилиэнньэттэн сыллата, быһа холоон, 2-3 туонна отону тутабыт.

Биһи­ги сүрүннээн оҕо уһуйааннарын астарын бэлэмнээн тарҕатабыт. Оҕо аһылыгар хайаан да дөлүһүөн, отон, муорус баар буолуохтаах. Ол иһин нэһилиэнньэттэн отону, барыанньа араас көрүҥүн тутан, оҕо сылы быһа битэмииннээх аһынан аһыырын хааччыйабыт. Барыанньаны араас бурдук аска эбэн, булочка, ватрушка астыырга, оттон уулаах отонунан муорус, утах өрөргө туттабыт. Табылыннаҕына, балыыһа стационарын аһынан-үөлүнэн хааччыйар былааннаахпыт. Ыарыһахтар түргэнник үтүөрэллэригэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр бу, кыра да буоллар, төһүү күүс буолара саарбахтаммат.

Онон сир аһын тутар тэрилтэҕэ тиийэн, уулаах отону туттараары гыннахпына, тугу ирдииллэр эбит?

“Бастатан туран, отон ыраас, илдьирийбэтэх, кураанах буолуохтаах. Маны таһынан, биир тэҥ гына буспут, амсайдахха аһыы буолуо суохтаах. Эрдэ үргэммит отон аһыы буолар. Ол иһин бары өттүттэн көрөн тутабыт”, — диэн этэр тэрилтэ сэбиэдиссэйэ.

Александра Егоровна кэпсииринэн, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын биир үчүгэйэ диэн, туох да кыраасканы, амтан уларытар, тупсарар туманы эппэттэрэ буолар. "Саахар эрэ былыыбыт уонна кыратык оргутан эрэ ылабыт”,— диир.

Хоту сир прикладной института бэлиэтииринэн, Сахабыт сиригэр сыл аайы 2 мөлүйүөн туонна уулаах отон үүнэр. Арай, маны 150 солкуобайга нэһилиэнньэттэн тутарбыт эбитэ буоллар, Саха сирин экэниэмикэтигэр 300 миллиард харчыны угуохпут этэ. Бу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн икки сыллаах кээмэйэ буолар.

Сир аһын хомуйар, оҥорон таһаарар тэрилтэлэрбитин өйүүр хайаан да наада. Улахан куораттары көрдөххө, үгүс өттүгэр судаарыстыба бүддьүөтэ эрэ буолбакка, инвестор көмөтө улахан оруоллаах эбит.

Онон оҥорон таһаарар бородууксуйаларбытын арааһын элбэтэн, киэҥ эйгэҕэ тиэрдэр сорук турар. Оччотугар, бастатан туран, олохтоох нэһилиэнньэ сайыннары-кыһыннары битэмииннээх, бары өттүнэн туһалаах аһы аһыа этэ. Иккиһинэн, Саха сирин бородууксуйата Арассыыйаҕа уонна тас дойдуга тахсан, өрөспүүбүлүкэ ураты брендэ үөскүүрүгэр төһүү буолуо этэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0