Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Общество

Инвестпрограмма-2027: деньги направят на завершение начатых строек

23 ноября на расширенном заседании постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) по бюджету, финансам, налоговой и ценовой политике, вопросам собственности и приватизации и согласительной…
24.11.26 10:13
Праздники и даты

С Днём рождения, Сергей Афанасьевич!

Уважаемого Сергея Афанасьевича Сивцева, народного депутата VII созыва Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС (Я), заместителя генерального директора КП РС(Я) «Дороги Арктики», поздравляем с Днём…
24.11.26 09:36
Уопсастыба

«Аяврина» барытын быһаарыаҕа

Аартыканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ «Аяврина» диэн интеллектуальнай чат-боту оҥордо. 
23.11.26 17:31
Общество

Жителям Якутска сделают перерасчет за холодную воду

Жителям Якутска пересчитают плату за холодное водоснабжение за период ремонтных работ 22–23 ноября 2026 года. Обновленные суммы появятся в ноябрьских квитанциях, которые поступят до 5 декабря. Сами…
23.11.26 14:28
Общество

В Якутии в 2027 году планируют перевести на газомоторное топливо 800 транспортных средств

В Республике Саха (Якутия) в 2027 году планируется перевести на газомоторное топливо 800 транспортных средств, в том числе 100 единиц – на метан. В регионе продолжается работа по расширению…
23.11.26 14:24
Общество

Ветерану тыла и труда Екатерине Трифоновой вручили знак долгожителя Якутии «Yйэ саас»

20 ноября Екатерине Дмитриевне Трифоновой исполнилось 100 лет. Она является ветераном тыла и труда, кавалером орденов «Материнская слава» II и III степени, имеет звание «Лучший общественник города…
23.11.26 12:19
Уопсастыба

Виртуальнай быыстапка ыҥырар

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүк аграрнай үөрэх кыһата тэриллибитэ 70 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин чэрчитинэн, АГАТУ (ректор Ил Түмэн дьокутаата Валерий Федоров) тустаах дьаһаллары тиһигин быспакка…
23.11.26 11:41
Общество

Первый международный Бакалдын в Иенгре признали лучшим туристическим событием года России

Международный эвенкийский праздник встречи лета Бакалдын в год 100-летия села Иенгры в Нерюнгринском районе признали лучшим туристическим событием страны, посвященным году единства народов России,…
23.11.26 11:30
Общество

Школы Якутска перевели на дистанционное обучение из-за загрязнения воды

В Якутске из-за повреждения магистрального водопровода и временного изменения схемы водоснабжения наблюдается загрязнение воды. Управление образования Якутска сообщило об изменениях в работе…
23.11.26 10:31
Общество

Утверждены дополнительные меры социальной поддержки

В минувшие выходные состоялось расширенное заседание постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) по бюджету, финансам, налоговой и ценовой политике, вопросам…
23.11.26 10:29
Уопсастыба

Боччумнаах этиилэри оҥордулар

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу…
23.11.26 10:23
Уопсастыба

Мэхэньиисим көдьүүстээҕэ көһүннэ

 Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов сэтинньи 11 күнүгэр олохтоох салайыныы уорганнарын тыа хаһаайыстыбытын өйөөһүҥҥэ кэҥэтиллибит…
23.11.26 09:52
Уопсастыба

Ааллар өрөмүөнү эрэйэллэр

Киин, илин эҥээр уонна Бүлүү эргин улуустарга эти-үүтү туттарыы биир сүрүн дохуоттанар салаа буоллаҕына, Аартыка улуустарын олохтоохторо көмүс хатырыктааҕынан иитиллэн олороллор.
23.11.26 09:36

Инвестпрограмма-2027: деньги направят на завершение начатых строек

23 ноября на расширенном заседании постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) по бюджету, финансам, налоговой и ценовой политике, вопросам собственности и приватизации и согласительной комиссии депутаты завершили рассмотрение поправок ко…
24.11.26 10:13

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирус дьаҥын утары үлэ күүскэ ыытыллар. Нэдиэлэ саҥатыгар, бэс ыйын 2 күнүгэр, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быһаччы тэрийиитинэн, «Коронавирус дьаҥын утары охсуһуу сүрүн боппуруостара» диэн тиэмэҕэ видео-кэнпириэнсийэ көмөтүнэн «төгүрүк остуол» ыытылынна.  Коронавирус дьаҥын утары охсуһуу хайдах-туох бара турарын туһунан сүрүн иһитиннэриини Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн медицинскэй көмөнү оҥорор департамент салайааччыта Вера Тарасова оҥордо.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавирус дьаҥын утары үлэ күүскэ ыытыллар. Нэдиэлэ саҥатыгар, бэс ыйын 2 күнүгэр, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быһаччы тэрийиитинэн, «Коронавирус дьаҥын утары охсуһуу сүрүн боппуруостара» диэн тиэмэҕэ видео-кэнпириэнсийэ көмөтүнэн «төгүрүк остуол» ыытылынна.  Коронавирус дьаҥын утары охсуһуу хайдах-туох бара турарын туһунан сүрүн иһитиннэриини Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн медицинскэй көмөнү оҥорор департамент салайааччыта Вера Тарасова оҥордо.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэс ыйын 2 күнүнээҕи туругу  сыыппаранан ытаһалыыр буоллахха, маннык хартыына үөскүүр.  Саха сирин үрдүнэн 2116  киһи коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт. Итинтэн 878-һа этэҥҥэ үтүөрбүт. Хомойуох иһин, 8 киһи  күн сиринтэн күрэммит. Нэһилиэнньэлээх пууннарынан көрдөххө, Дьокуускайга --1658, Алдаҥҥа -- 106, Ленскэйгэ – 98, Намҥа – 79, Мэҥэ Хаҥаласка – 32, Нерюнгригэ – 28, Сунтаарга – 24, Мииринэйгэ – 24, Хаҥаласка – 19, Өймөкөөҥҥө – 13, Бүлүүгэ – 8, Тааттаҕа – 7, Горнайга – 6, Өлүөхүмэҕэ – 4, Үөһээ Бүлүүгэ – 3, Усуйаанаҕа – 2, Чурапчыга – 2, Кэбээйигэ – 1, Уус Маайаҕа – 1, Булуҥҥа – 1 ыарыы бэлиэтэннэ.

Испэсэлиистэр иһитиннэрбиттэринэн, коронавирус дьаҥа киһи тыынар уорганнарын тута кэбирэппитинэн барар, ыарыы үксүн салгынынан (сөтөлүннэххэ, ытыртахха), хантаактаһыы көмөтүнэн тарҕанар. Ыарыы инкубационнай кэмэ 2-тэн 14 хонукка диэри, ордук 2-тэн 7 хонукка диэри биллэр эбит (маннык диэн чуолкай дааннай суох). Бастаан утаа саастаах дьоҥҥо ордук сэрэхтээх диэбиттэрэ эрээри, билигин сааһыттан улахан тутулуга суоҕун туһунан ыйдылар. 

Коронавирус дьаҥын утары сүрүн дьаһаллар

Саха сиригэр бэлэм буолуу эрэсиимэ 2020 сыл кулун тутар 17 күнүттэн киирбитэ. Дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ тута Дьокуускайга, Жатайга, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Покровскайга, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр, Майатыгар, Хара нэһилиэгэр киирбитэ. Бэс ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, 36 муниципальнай тэриллиигэ суһал ыстааптар тэрилиннилэр.  5436 миэстэлээх 96 эбийиэк обсерватор буолла. Обсерватордарга 777 киһи эмтэнэр. Кулун тутар 14 күнүттэн «итии лиинийэ» үлэлиир. 8-800-100-14-03 нүөмэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо омук дойдуларыттан кэлээт, хантан, хаһан кэлбиттэрин, кимнээҕи кытта хантаактаспыттарын үксүн иһитиннэрэллэр эбит.  Итини тэҥэ, биирдиилээн дьон коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыт дьону кытта ханна, хаһан хантаактаспыттарын этэллэр. «Итии лиинийэ” көмөтүнэн медицинскэй тэрилтэлэргэ эрийэн, быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонор анал докумуону (больничнай лист) оҥортороллор.

коронавирус утары 2 копия

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн медицинскэй көмөнү оҥорор департамент салайааччыта Вера Тарасова быһаарарынан, Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсааныгар сөп түбэһэр нуорманан  ыарахан туруктаах ыарыһахтары эмтииргэ 485 куойка көрүллүөхтээх, итинтэн 170-на  реанимациялыыр куойка буолар. 170 ИВЛ аппараата коронавирустаабыт дьону өрөһүйэргэ туһаныллар. Дуогабар быһыытынан 84 ИВЛ аппараата кэлиэхтээҕиттэн 20-тэ аҕалыллыбыт. 14 мөл. солк. эмп-томп ылыллыбыт. Саха сиринээҕи Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн,  дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ саҕаланыаҕыттан ыам ыйын 28 күнүгэр диэри 126558  тест-чинчийии ыытыллыбыт, 111019 анаалыс ыарыһахтарга оҥоһуллубут. 

СӨ бырабыыталастыбата  коронавирус дьаҥын ута­ры күүскэ охсуһар  инниттэн   бүддьүөт үбүн атын хайыс­хаҕа туһанартан аккаастанар быһаарыыны ылыммыта. Ил Дархан Айсен Николаев дьаҥы утары охсуһууга көдьүүстээх миэрэлэр уонна өрөспүүбүлүкэ үбүн сөптөөхтүк туһаныыга аналлаах испииһэги бигэргэппитэ. Олортон сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха,  маассабай-култуурунай тэрээһиннэр,  өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсыы тохтотуллубута. Итини тэҥэ, ахсынньы 31 күнүгэр диэри истипиэндийэттэн, эминэн-томунан хааччыйыыттан, дьаҥ тарҕаныытын сэрэтэр тэрэһииннэртэн, нэһилиэнньэҕэ социальнай көмөнү оҥорууттан ураты биэдимэстибэлэр нөҥүө араас сыалга бэриллэр  субсидияны биэрии тохтотуллубута. Бэс ыйын 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ бас билиитин, баайын-дуолун  испииһэктииргэ сорудах бэриллибитэ. Ити бэрэбиэркэ түмүгүнэн  туһаныллыбакка сытар  баай-дуол атыыланыахтаах эбэтэр арыандаланыахтаах, киирбит үп-харчы  коронавирус дьаҥын утары охсуһууга туһаныллыахтаах.

Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи тус сыаллаах инники көлүөнэлэргэ  пуонда иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев ыҥырыытын ылынан,  «ЯТЭК» ПАУо, «Селигдар» ПАУо, «Полиметалл» АУо, “Тарынская золоторудная компания” АУо бары холбоон, коронавирус дьаҥын утары 72 мөл. солк. биэрбиттэр. Тустаах пуонда ити үбүнэн медицинскэй оборудованиены (ИВЛ аппараат, узи, о.да.а), эми-тому, быраастарга аналлаах  көстүүмнэри атыыласпыт. Ыам ыйыгар «Полиметал» АУо эбии 1,4 мөл. солк. биэрбитинэн Дьааҥы улууһун балыыһатыгар медицинскэй оборудованиелары атыылаһыахтара. «АЛРОСА” АХ генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов бэйэтин аахсыйатын аҥарын атыылаабытыттан киирбит 18,8 мөл. солк. Саха сиригэр коронавирус  дьаҥын утары охсуһууга ыыппыта.   Итини тэҥэ, Саха сиринээҕи   IT-биисинэһинэн дьарыктанар  inDriver, MYTONA  хампаанньалар уонна Арсен  Томскай холбоон, 45 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар ИВЛ аппарааттары ыларга биэрбиттэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0