Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Главное

Актуально

В парламенте Якутии проходит обсуждение поправок к бюджету на 2027 год

В Государственном Собрании (Ил Тумэн) началась работа согласительных комиссий по проекту бюджета Якутии на 2027 год. Народный депутат республики, представитель фракции «Новые люди» Нюргуяна Заморщикова обратила внимание на сжатые сроки рассмотрения поправок и…
21.11.26 10:37
Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 27 күнэ

Саха Сиринээҕи метеокиин иһитиннэрэринэн, бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Абыйга, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Муомаҕа биллэрдик хаардыыр.
27.11.26 08:14
Уопсастыба

Барыта учуоттанар, хонтуруолга ылыллар

Сэтинньи 25-26 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос, ол иһигэр сокуоннар барылларын таһынан, Ил Түмэн Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатыгар…
27.11.26 08:02
Уопсастыба

Саарбах сокуон барыла тохтотулунна

Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саастарын ситэ илик оҕолорго оттук-уматык матырыйаалларын атыылааһыны хааччахтыыр туһунан» сокуон барылын…
27.11.26 07:37
Общество

Ил Тумэн утвердил пакет жилищных законов

На XXI пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в окончательном чтении приняты три закона, направленные на совершенствование жилищной политики в республике с…
26.11.26 14:32
Лента новостей

Бүддьүөт бүтэһиктээхтик ылылынна

Сэтинньи 25-26 күннэригэр Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос көрүлүннэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайан ыытта.
26.11.26 13:56
Общество

На ветке Сковородино — Рейново уложили первые звенья пути для нового коридора в Китай

Укладка первых звеньев пути на перегоне Сковородино — Рейново дала практический старт созданию нового международного транспортного коридора между Россией и Китаем. Об этом сообщили в «Железных…
26.11.26 11:48
Общество

В Ил Тумэне продолжается XXI пленарное заседание: депутаты рассмотрят изменения в бюджет текущего года

Сегодня, 26 ноября 2026 года, Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) седьмого созыва продолжит работу в рамках XXI (очередного) пленарного заседания.
26.11.26 11:05
Общество

Якутские лучники успешно выступили на главных всероссийских соревнованиях

В Великих Луках Псковской области завершились всероссийские соревнования по стрельбе из лука «Надежды России», проходившие с 19 по 25 ноября. Турнир собрал 764 спортсмена со всей страны, в том числе…
26.11.26 10:59
Лента новостей

В СВФУ завершилась научная школа по языкам и культуре Арктики

19 ноября 2026 года в Северо-Восточном федеральном университете им. М.К. Аммосова завершила работу Научная школа молодых ученых «Языки и культуры Арктики в эпоху цифровой трансформации: комплексные…
25.11.26 23:45
Уопсастыба

Алексей Еремеев: “2027 сылга хамнас кээмэйэ 38 млрд. солкуобайынан улаатта”

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр киирбит боппуруостар сүрүннээн барыта көрүлүннүлэр. Биллэн турар, сүрүн боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин…
25.11.26 19:07
Уопсастыба

Ил Түмэн Саха Сирин мэдиссиинэҕэ страховкатын пуондатын 2027-2029 сыллардааҕы бүддьүөтүн ылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) XXI пленарнай мунньаҕар эрэгийиэн Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) территориальнай пуондатын 2027 сылга уонна 2028–2029…
25.11.26 15:41

“Ангара” ХЭУо (Үөһээ Амма учаастагын лесничествота) 46 сылга 54,5 тыһ. гектар уонна “Вудлэнд24” ХЭУо (Учур учаастагын лесничествота) 36 сылга 177, 4 тыһ. гектар ойууру арендаҕа ылан, сыл аайы 107 уонна 243, 2 тыһ. куб. м маһы кэрдэр былааннаах дуогабар түһэрсибиттэрэ. 

“Ангара” ХЭУо (Үөһээ Амма учаастагын лесничествота) 46 сылга 54,5 тыһ. гектар уонна “Вудлэнд24” ХЭУо (Учур учаастагын лесничествота) 36 сылга 177, 4 тыһ. гектар ойууру арендаҕа ылан, сыл аайы 107 уонна 243, 2 тыһ. куб. м маһы кэрдэр былааннаах дуогабар түһэрсибиттэрэ. 

Улахан айдаан, мөккүөр, туруорсуу кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев анал этиитигэр маһы кэрдиини тохтоторун туһунан иһитиннэрбитэ. Норуот ону үөрэ, эгди буола истибитэ.

Маһы кэрдии тохтообута, сүрүннээн, дьон-сэргэ, уопсастыбаннас кыайыыта диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. "Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ" диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Петицияҕа 27 тыһ. киһи илии баттаабыта ону туоһулуур. Пандемия кэмигэр түбэһэн, дьон-сэргэ улаханнык аймаммыта, өрө турбута. Ол да буоллар, бу күннэргэ Маслобойников иккистээн экспертизаҕа биэрбит диэн сурах бассаап ситимин тилийэ көттө. Хомойуох иһин, Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, иккис экспертиза түмүгүнэн "маһы харыстанар сирдэртэн ураты сиргэ кэрдэргэ" диэн уураах тахсыбыт. Маны суут эрэ нөҥүө утарсар кыахтаахпыт этиллэр. Оттон билигин нэһилиэнньэ окко киирэн, сайыҥҥы түбүгэ элбээн, солото суоҕа чахчы. Ол кэмҥэ олорон биэрэр табыллыбат.

вырубка леса на Дону копия

Дьон-сэргэ өйөөтөҕүнэ

Хас биирдии улуус, нэһилиэк дойдутун айылҕатын туһугар туруулаһар дьонноох буолар. Мин Амма сүнньүнэн олорор нэһилиэктэр уопсастыбаннай хамсааһыннарын, биирдиилээн дьонун кытта кэпсэттим.

Надежда Кожурова, Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгэ:

—Биһиги өссө 90-с сыллар саҕала­ныыларыгар Н.И. Протодьяконов  диэн  энтузиаст учууталбыт суруйбут "Мындаҕаайы кытыла" экологическай бырагырааматынан үлэлээн саҕалаабыппыт. Оччолорго элбэх үлэ ыытыллара. Билигин санаабыт күүһүнэн эрэ үлэлии сатыыбыт. Хомойуох иһин, бырагыраама умнууга хаалла. Ол да буоллар, Аммабыт тулалыыр эйгэтин харыстыы сатыыбыт. Өрүспүт уута ыраас буоларыгар болҕомтобутун уурабыт. Син биир экологическай кэһиилэр кыралаан тахса тураллар. Туох да кэмэ-кээмэйэ суох маһы кэрдии бара турар, кытылы харыстааһын үлэлэрэ соччо ыытыллыбаттар. Саас, күһүн булчуттар, балыксыттар быраабыланы, сокуону тутуспаттара киһини хомотор. Сайынын сир аһын бириэмэтин тутуһуу диэн эмиэ суох. Олохтоохтор кыһалла сатыыбыт да, тастан сынньанааччылар, сөтүөлүү кэлбит дьон бэрээдэгэ суохтарыттан бөх-сах ыһыллара ханна барыай? Биһиэхэ чуолаан урбаанньыттар, маһы харыстаабакка кэрдэн, атыыга ыыталлар. Олохтоохтор ону кэннилэриттэн эрэ көрөн хаалабыт. Наһаа барыта көҥүл курдук. Кэнники сылларга тыа үчүгэй маһа биллэрдик бүттэ. Ол түмүгэр сир ирэн, ойуут-толоон уутуйар. Маны хонтуруолга ыларга уолдьаста дии саныыбыт. От-мас кэҕиннэҕинэ, Аммабыт киртийиэ диэн дьиксинэбит да, сокуон өттүттэн көмүскэлбит суох. Амма кытылынан олорор дьон айылҕабыт кэрэтин сыаналыыбыт, харыстыыбыт, көмүскүүбүт, үлэлиибит-хамсыыбыт. Бөх-сах элбээн, сыбаалка боппуруоһа кыайтарбат. Субуотунньук ыытан, ыраастыы сатыыбыт. Хас биирдии киһи дойдутун айылҕатын харыстыахтаах, кыаҕа баарынан көмүскүөхтээх дии саныыбын. Амма өрүспүтүн харыстыаҕыҥ, тулалыыр сирбитин-уоппутун көмүскэлгэ ылыаҕыҥ диэн ынырабын.

Степан Нестеров, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэ:

— Мин санаабар, хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-уотун, айылҕатын төһө күүһэ, кыаҕа тиийэринэн харыстыахтаах. Итиэннэ бэйэтин тыыннаах холобурунан оҕолорун, сиэннэрин оннук иитиэхтээх. Киһи аймах тулалыыр эйгэҕэ содула аһаҕастык көстөр кэмигэр Ийэ айылҕабытын көмүскэһии өссө сытыырҕайыахтаах.

Амма өрүс

ЮНЕСКО көмүскэлигэр киллэрэр уолдьаста

Арассыыйа аатырбыт улахан өрүстэрдээх. Дон, Ангара, Волга, Енисей... Билигин уу экологиятын кыһалҕата бу өрүстэр сүнньүлэринэн олорооччуларга эрэ буолбакка, бүтүн судаарыстыба таһымыгар тахсан турар. Холобура, Дон Европаҕа биэс улахан өрүс ахсааныгар киирсэр. Кэлиҥҥи уон сылга уута уолар кутталы үөскэтэн, федеральнай таһымҥа чөлүгэр түһэрии үлэтэ былааннаммыта. Ыраастыыр тэриллэри туруоруу, кирдээх ууну ыытыыны хонтуруолга ылыы, о.д.а. дьаһаллар үлэҕэ киирэн эрэллэр. Бу өрүс сүнньүнэн араас бырамыысыланнай тэрилтэлэр, тепловой уонна атомнай электростанциялар (Ростовскай АЭС уонна Нововоронежскай АЭС) бааллар. Онон өрүс экосистиэмэтэ улахан алдьаныыны-кээһэниини көрсөрө саарбахтаммат. Билиҥҥи туругунан Дон өрүс 60%-на уолбут диэн Ростов уобалаһын Цимлянскай водохранилище дааннайдара туоһулууллар. Дон өрүһү сөргүтэргэ миллиардынан суумалаах үп көрүллэрэ ирдэнэр. Өрүһү бата олорооччу регионнар бэйэлэрин территорияларынан ыраастыыр үлэлэри ыытарга былааннаабыттар, сорохтор волонтердары көмөлөһүннэрэн, олохтоох бүддьүөттэриттэн үбү көрөн, үлэлэһэ сатыыллар. Сорохтор анал бырагыраамаҕа киирсээри, докумуон үлэтин ыыта сылдьаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, буолар буолбутун кэннэ, куойаҕа-маҥкыга оҕустарбыт да диэн... Бука, өрүс уолан, суудуналар сырыылара аччаан, экэниэмиэкэҕэ ночоот, хоромньу тахсыбыта саарбахтаммат. Онон сиэттэрэн, Амма улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, учуонай, уопсастыбаннай деятель, Саха АССР атомнай бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ Иоган Максимов этиитин өйүүбүн: «Мындаҕаайыга ыытыллыбыт экофорум түмүгүнэн Амманы ЮНЕСКО таһымыгар көмүскэлгэ ылар туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Амма Саха сирин айылҕатын ытык харысхала буоларын таһынан, аан дойду экологиятын баайа-дуола буолар. Кыыс Амма тыытыллыбатах айылҕатын чөл хаалларар туһугар баарбытын-суохпутун ууран туран туруулаһарбыт саамай сөптөөх. Кэлэр көлүөнэ туһугар охсустахпытына сатанар. Амма Айылҕа пааркатын аатын сүгэр кэмэ кэллэ. Арассыыйа заповеднигын таһынан, ЮНЕСКО көмүскэлигэр киллэрэр уолдьаста».

Кыыс Амма копия

Аммаҕа дьэдьэннии, сөтүөлүү барааччылар ахсааннара сыллата элбии турар. Амма дьоно-сэргэтэ да дой­дутугар олус кэрээнэ суох бы­һыыны-майгыны туората сатыыр. Өрүскэ массыына сууйбут киһи тутуллан, ыстыраапка ыйаммыт сураҕын истибиппит. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, итинтэн атын быһыыны-майгыны санаан ааһыым. Биир кэлии киһи Аммаҕа үлэлии кэлбит. Хара үлэҕэ үлэлээн, буһан-хатан, киртийэн, киэһэлик өрүскэ сөтүөлүү киирбиттэр. Ыалдьыппыт өрүскэ киирбэккэ, дугдуруҥнуу турар үһү. "Маннык ыраас ууга, ама, бу курдук кирдээх киириэм дуо?" — диир үһү. Хор, оннук. Барыта киһиттэн тутулуктаах.

Кэлии дьон айылҕабытыгар дураһыйара кэмнээх буолуо дуо?! Оттон бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар кэрээнэ суох сыһыаммыт, ис култуурабыт мөлтөҕө туораттан харахха ордук быраҕыллар. Онон бэйэ бодотун тардына, сиэрдээх буоларбыт ирдэнэр. Бэйэбит кыһаллыбатахпытына, ким кыһаллыай?

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0