Эһиилгиттэн сылга 5 мөл. солк. элбэх дохуоту ылар дьон 15 % нолуок төлүөхтэрэ. Сокуон бырайыагын РФ Бэрэсидьиэнэ В. Путин көҕүлээбитэ. Ол курдук, 5 мөлүйүөҥҥэ диэри дохуоттаахтар 13 %, оттон 5 мөл. солк. үөһэ – 15 % нолуок төлүүллэрэ быһаарылынна.
Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин: “Нолуок ыстаапкатын үрдэтии түмүгэр бүддьүөккэ киирбит эбии үп-харчы сүрүннээн сэдэх уонна ыарахан ыарыынан ыалдьар оҕолор эмтэнэллэригэр барыаҕа”, – диэн бэлиэтээбитэ.
РФ Бырабыыталыстыбатын иһитиннэриитинэн, 2021 сылга үрдэтии суотугар бүддьүөккэ 60 млрд солк, 2022 сылга – 64 млрд. солк., 2023 сылга – 68,5 млрд. солк. эбии үп киирэрэ күүтүллэр.
Сэтинньи 10 күнүгэр – сокуон бырайыагын иккис ааҕыытыгар – 18 көннөрүү ылыллыбыта. Ол курдук, гражданнар быстах кэмнээх дохуоттара (страховка төлөбүрэ, хамсаабат баай-дуол атыыта, о.д.а.) 5 мөл. солк. куоһарар да буоллаҕына, үрдэтиллибит ыстаапканан нолуок төлөөбөттөр. Урукку курдук 13 %-ны төлүүллэр диэн көннөрүүнү киллэрэн бигэргэппиттэрэ.
Госдума пресс-сулууспата
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0