Муоста уһуна 1,7 км буолара былааннанар. Муостаҕа 20 км усталаах анал оҥоһуулаах суоллар сыстыахтара. Бу тутуу Бүлүү федеральнай аартыгар саамай уһун күргэнэн буолара сабаҕаланар.
2020 сыл сайыныгар эбийиэк тутуутун сүрүн былаһаакката чопчуламмыта. Онон муоста билиҥҥи паром сылдьар сириттэн 3,9 км өрүһү өрө тутуллара быһаарыллыбыта. Ол эбэтэр күргэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин таһыгар тутуллар.
Бырайыагынан, муоста уу аалларын сырыыларыгар мэһэйдэспэт икки быыстаах-арыттаах буолуоҕа. Бу систэр үрдүктэрэ 17 м уонна кэтиттэрэ 120 м буолуохтаах.
“Главгосэкспертиза России” федеральнай автономнай тэрилтэ муоста бырайыагын 2021 сылга бигэргэтиэхтээх. Өскөтүн муоста этэҥҥэ тутуллан хааллаҕына, Дьокуускайтан Ньурбаҕа диэри төгүрүк сылы быһа аһаҕас сырыылаах, 800 км усталаах айан аартыга аһыллар.
Бу эбийиэк бүтүннүү федеральнай бүддьүөт үбүнэн тутуллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0