Санатан эттэххэ, больничнай лиис төлүбүрэ үлэһит ыстааһыттан тутулуктаах. Өр үлэлээбит киһи ыалдьан олорор кэмигэр хамнаһын үгүс чааһа төлөнөр, оттон кыра ыстаастаах үлэһиккэ – кыра кээмэйэ кэлэр.
Күн бүгүн биэс сылтан кыра ыстаастаах эдэр ийэ больничнайга бардаҕына хамнаһын 60 %-на, 5-8 сыл ыстаастаах буоллаҕына – 80 %-на төлөнөр. Толору хамнас 8 сылтан үрдүк ыстаастаах үлэһиккэ эрэ көрүллэр. Аны төлөбүр оҕо хайдах эмтэммититтэн (стационарга сытан дуу, дьиэтигэр олорон дуу) тутулуктаах. Онон, чахчы, Владимир Владимирович Путин Анал этиитигэр федеральнай сокуону уларытыахха наада диэбитэ сиэрдээх. Ол курдук, билигин кыра оҕолоох эдэр төрөппүт больничнайга барар түгэнигэр, харчытыгар сүүйтэриилээх хаалар. Саҥа уларыйыылар киирдэхтэринэ, эдэр төрөппүттэр ордук көмүскэллээх буолуохтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0