“Сокуон барыла “ландшафт (айылҕа) баһаара” уонна “ойуур баһаара” диэн өйдөбүллэри киллэрэр. Билиҥҥитэ итилэри сокуон таһымыгар чуолкай быһаарыы суох”, -- диэн быһаарар сурукка этиллэр.
Маны тэҥэ бу докумуон уоту умулларыыга ураты эрэсиими киллэрэр түбэлтэҕэ олохтоох салайыныы уорганнара былааны таһынан бэрэбиэркэни ыытар кыахтаналларын чуолкайдыыр. Ити ойуур баһаара уонна айылҕа баһаара суоһаабыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сыһыаннаах. Олор испииһэктэрин эрэгийиэн бэйэтэ бигэргэтэр.
РФ субъектарын судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын боломуочуйаларыгар ойуур пуондатын сиригэр, оборуона уонна куттал суох буолуутун сиригэр, ураты харыстанар айылҕа сиригэр-уотугар турбут ландшафт (айылҕа) баһаарын умулларыыны тэрийиини киллэрэргэ этэллэр. Уот турдаҕына, бу ойуур, ити хонуу диэн талара саарбах, аҥаар кырыытыттан салыыр айылгылаах. Хааһыбыт дьэ хаахтыйар ини...
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0