Хамыыһыйаны уопсайа 40 хамаанда 1899 кыттааччыта ааста. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Манчаары оонньуулары” тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников мандаат үлэтин түмүгүн билиһиннэрдэ.
– Быйылгы “Манчаары оонньууларыгар” коронавируһу утары быһыылаах эбэтэр ыарыы суоҕун туоһулуур ПЦР анаалыстаах эрэ спортсменнары киллэрдибит. Ол курдук, 1899 күрэхтэһээччиттэн 70 %-на быһыылаах, оттон атыттар ПЦР анаалыстары туттардылар, – диэн сырдатта.
ПЦР анаалыс түмүгүнэн икки улуус хамаандаларын бэрэстэбиитэллэриттэн коронавирус дьаҥа көстүбүт. Бу – Абый уонна Өлөөн хамаандалара. Тэрийэр хамыыһыйа хамаанда састааптарын барытын буолбакка, ыалдьыбыттары уонна быһыыта суохтары эрэ күрэхтэһииттэн уһулла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0